13.07.2023 | 14:00

Экологическай хампаанньа биир күннээх үлэтэ

(репортаж)
Экологическай хампаанньа биир күннээх үлэтэ
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньа баара-суоҕа 2020 сыллаахха тэриллибитэ эрээри, номнуо ситэн-хотон, куорат биир тарбахха баттанар тэрилтэтэ буола үүннэ. Соторутааҕыта «Киин куорат» хаһыакка хампаанньа күннэтэ 100 кв/м иэннээх тротуар билиитэтин, 50 кв/м иэннээх брусчатканы, ону таһынан суол бордюрун, олорор ыскамыайканы оҥорон таһаарар кыахха тахсыбытын, быйыл эксперимент быһыытынан Автовокзал оройуонугар кинилэр оҥорон таһаарар билиитэлэрин туһанар буолбуттарын суруйан турабыт.  
Бу күннэргэ тэрилтэ хайдах үлэлии олорорун, өстүөкүлэни уонна пластигы таҥастааһын хайдах ыытылларын, ыскамыайкалар уонна билиитэлэр хайдах уһаарыллан тахсалларын илэ харахпытынан көрөн кэллибит.

Күнүс 13.00 чааска Хатыҥ Үрэх шоссетыгар турар улахан сыахха тиийдим. Миигин тэрилтэ тутаах үлэһитэ Иван көрүстэ.
Үлэ күргүөмнээхтик бара турар. Тириппит-хоруппут уолаттар дьоҕус погрузчигынан Иркутскай куоракка переработкаҕа барыахтаах кумааҕыны тиэйэ сылдьаллар. Хас биирдии дьапталҕаҕа ыйааһына, хайдах-туох кумааҕы  киирбитэ ырылыччы суруллар эбит.
Муннук ахсын улахан куулларга хааламмыт пластик бытыылкалар кыстаммыттар. Бу боростуой киһи өйдөбүлүгэр «бөх», кинилэргэ «сүрүн сырье» салгыы тэрилтэ бэйэтин переработкалыыр оборудованиетыгар киирээри турар.
Иван этэринэн, сорох дьон эргэ бытыылканы атын бөхтөн араарбакка туттарар эбит. Ол, биллэн турар, хос үлэни үөскэтэр. Ордук пластигы кытта тимир бааҥкалары угаллар диэн кэпсиир.
Салгыы улахан сыахха киирэбит. Дьэ бу манна пластик матырыйаалбытын таҥастыыллар. Икки киһи тэҥинэн үлэлии сылдьар.
Үлтүрүтэр массыынаҕа пластигы өҥүнэн наардаан угаллар.
Ол кэннэ бу маннык бытарытыллыбыт пластигы ылабыт.
Мин, билээри-көрөөрү кэлбит киһи быһыытынан, билиитэни уонна ыскамыайканы хайдах оҥорон таһааралларын сураһабын. Ол курдук, биир билиитэ 3, 300 киилэ ыйааһыннаах эбит. Маныаха 50 киилэ салапаан мөһөөччүк, 150 киилэ кумах уонна 750 г ( 100 г – 2 киилэҕэ) кырааска кутуллар. Барытын булкуйаннар, ыскамыайка, тротуар билиитэтин, бордюр оҥороллор. Миксер уопсайа 200 киилэни ытыйар кыахтаах. 
Тулагы кумаҕын барытын сиидэлээн, туох баар отун-маһын ыраастаан эрэ баран туһаналлар.
Оҥоһуллар бородууксуйа хаачыстыбата температураттан, тэрил кыаҕыттан, суот-учуот үлэтиттэн улахан тутулуктаах диэн кэпсииллэр. Ону барытын аппараат бэйэтэ оҥордор даҕаны, илии уонна өй үлэтэ син биир ирдэнэр эбит. Миэхэ симиэс хайдах уонна туохтан оҥоһуллан тахсарын сиһилии  көрдөрдүлэр.
Салгыы пириэстээһиҥҥэ тиийэбит. Анал аппараат 150 туоннаҕа тиийэ ыйааһыны уйар. Пириэс «сырье» төһө сылааһыттан улахан тутулуктаах эбит; ол курдук, төһөнөн сылаас даҕаны, соччонон үчүгэй диэн буолар.
Алексей Кузнецов тэрилтэҕэ үлэлээбитэ номнуо үһүс сылыгар барбыт. Онон, уопуттаах, үлэ ис куухунатын барытын билэр исписэлиис быһыытынан, нэһилиэнньэни бөҕү арааран туттарарга ыҥырар.
Хас биирдии оҥоһук анал ыйааһыннаах буоларынан, бэлэм симиэһи ыйаан куталлар. Холобура, бу көстөр бордюр – 10 киилэ.
Тэрилтэ оҥорон таһаарбыт ыскамыайкаларын былырыын элбэх киһи биһирии көрбүтэ. Көрдөххө судургу курдук эрээри, хаачыстыбата баҕас үчүгэй, бөҕөтүнэн-таҕатынан тэҥнээҕэ суох дииллэр. Биир ыскамыайкаҕа 7 дуоска туттуллар, уһуна 2 миэтэрэ. Иллэрээ күн 15 ыскамыайканы куорат пляһыгар илдьэн туруорбуттар.
Бакыат уонна бытыылка тротуар, сыанатыгар таһаардахха, үгэс буолбут бетон билиитэттэн ыарахана суох, ол эрээри куораты сыыһырдар бөҕү туһаҕа таһаарарынан тэҥнээҕэ суох.
Ити курдук олохтоох оҥорон таһаарааччылар бөҕү туһаҕа таһаарар бэртээхэй хайысханы тобулбуттара хайҕаныан эрэ наада. Кытаанах бөххө иккис тыыны биэриини сайдыылаах дойдуларга киллэрбиттэрэ быданнаата, биһиги да уолаттарбыт номнуо үлэ ис хоһоонун баһылаабыттарыттан киһи эрэ үөрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...