14.06.2024 | 14:00

ЭкоБизнес — Айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа тирэҕирэн

ЭкоБизнес —  Айылҕаҕа харыстабыллаах  сыһыаҥҥа тирэҕирэн
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Дьокуускайга бизнес араас хайысхата сайдар. Олохтоох бородууксуйаны оҥорон атыыга таһаарыы ордук элбэх эбит буоллаҕына, туризм курдук өҥөнү оҥорор предпринимателлэр тарбахха баттаналлар. Юлиана уонна Захар Алексеевтар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн Дьокуускай таһынааҕы Капитоновка сэлиэнньэтигэр туристическай бизнеһи сайыннаран эрэллэр.

Оҕолор улааттылар диэн саҕалаабыппыт

– Биһиги үс уоллаахпыт. Улахаттарбыт 14 саастарын туолбуттарын кэннэ, дьэ бары бииргэ үлэлиир кыахтанныбыт диэн, былырыыҥҥыттан бэйэ дьыалатын саҕалаан үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

“Алексеевтар ЭкоУһаайбалара” диэн туристическай базабыт Дьокуускайтан чугас Тулагы Киллэм нэһилиэгэр “Круглое озеро” диэн кэрэ көстүүлээх улахан эбэ үрдүгэр турар. Онон ийэ айылҕа туонатыгар сынньаныахтарын баҕарар дьон хайаан ыраах улууска айаннаабакка, киин куораттан тэйбэккэ, биһиэхэ сынньана кэлиэхтэрин сөп. Эбэбитигэр балыктатабыт, сап-бордунан, тыынан хатааһылатабыт.

 

Саха сирин кэрэ сирдэрин барытын кэрийбиппит

– Оҕолорбут олох кыраларыттан айылҕаны кытта алтыһарбытын сөбүлүүбүт. Саха сирин кэрэ сирдэрин барыларын кэриэтэ көрдөрдүбүт. Массыынанан, балаакканан сылдьан улуустары кэрийбиппит. Нам, Хаҥалас, Бүлүү бөлөх о.д.а. улуустарынан айаннаабыппыт, Өймөкөөҥҥө кытта тиийбиппит.

Дьыл хайа да кэмигэр айанныыбыт – айылҕабыт дьыл кэмиттэн көрөн уларыйан иһэр буолан, сырыы аайы атын өттүнэн, саҥаттан саҥаны көрүөххэ сөп.

Маннык айаннарга оҕолорбутугар оҕо саастарын туһунан үтүө өйдөбүлү хааллараары турунар этибит. Хас сырыы аайы онтубутун таҥан, тэттик киинэ оҥорон иһээччибит. Кэлин дьиэбитигэр тэлэбиисэргэ холбоон көрөбүт. Холобур, кыракый уолбут онно биир да сааһын туола илик сыҥаһалыы сылдьар оҕо буоллаҕына, билигин сэттэ саастаах, оскуолаҕа бараары сылдьар киһи ону көрөн олус үөрэр. Маннык киэҥ сырыылаах оҕо айылҕаҕа чугас буоларын таһынан, аан дойдуга аһаҕас, кэрэни бэлиэтээн көрөр, айылҕа уларыйыытыгар болҕомтолоох буолар эбит.

 

Киһиэхэ экологическай култуура диэн баар буолуохтаах. Ону кыра оҕо эрдэҕиттэн саҕалаан сайыннарыахтаахпыт. Айылҕалыын алтыспыт оҕо улаатан да баран ийэ айылҕатын харыстыырга дьулуһар.

 

Уоппут холбонорун күүтэбит

Бэйэ дьыалата диэн хаһан баҕарар уустуктардаах буолар. Ким да эйиэхэ тугу да бэлэмнээн биэрбэт, “бу харчыны туттуҥ, бу үлэһиттэр тутан биэриэхтэрэ” диэн эрэннэрбэт. Бүтүннүүтүн  бэйэҥ күүскүнэн, кыаххынан ситиһэҕин.

Хас биирдии хардыыҥ барыта ыарахаттары туорааһын курдук. Туох да чэпчэкитик кэлбэт. Докумуоннартан саҕалаан, барыта уустуктардаах этэ.

Ып-ыраас хонууга тутууну саҕалаабыппыт. Бастатан туран, уоппут билигин да суох. Төрдүс сылын уоппут кэлэрин кэтэһэбит. Быйыл дьэ киирэн эрэр, остуолбаларбыт туран эрэллэр, линиябыт тардыллар.

Билиҥҥитэ генераторынан уоттанан-күөстэнэн кэллибит. Онуоха уматыгын быспакка таһар, көрөн-истэн холбуу-араара сылдьар – бэйэтэ туспа үлэ. Аны туран, ыалдьыттарбыт атын уоттаах сири талыахтарын сөп, электричество суоҕа кинилэргэ эмиэ харгыс буоллаҕа. Ол иһин билиҥҥитэ бу өттүнэн атын турбазаларга баһыйтарар курдукпут эрээри, санаабыт күүстээх. 

Барытын былааннаан үлэлииргэ кыһаллабыт. Уоппут холбонноҕуна, сайдыыбыт салгыы барыаҕа, атын үктэлгэ тахсыахпыт дии саныыбыт. Кыра-кыралаан баран истэххэ, син биир тугу барытын кыайыахха-хотуохха сөп.

 

Урбаанньыт бэйэтигэр эрэ эрэнэр

– Судаарыстыбаттан дуу, туора дьонтон дуу көмөнү эрэйбэккэ үлэлээн иһиэххэ наада. Билиҥҥитэ урбаанньыттарга көрүллэр биир да көмөнү тутта иликпит.

Сокуоннары сатаан ааҕар, граннары үөрэтэр кыахтаах, юридическай өттүнэн билиилээх буоллаххына эрэ туһаныаххын сөп курдук. Граннарга киирсии бэйэтэ туспа үлэ, олус элбэх ирдэбиллэрдээх буолаллар. Холобур, хас да сыл үлэлээбит буолуохтааххын эҥин диэн баар этэ.

Үлэлээн бэйэбитин көрдөрүөхпүтүн, атахпытыгар туран эрэрбитин дакаастыахпытын наада буолан, билиҥҥитэ бэйэбит оҥостубут бизнес-былааммытынан сиэттэрэн иннибит диэки баран иһэбит; бастакы түһүмэхпитин ааһан эрэбит.

Биһиги базабытын арыйбыт сирбит ТОР (территории опережающего развития) сирэ диэн буолар. Ол ТОР-га резидент буолаары киирсэ сатаабыппыт. Усулуобуйата, ирдэбилэ наһаа элбэх. Хас киһини үлэҕэ ылыахтааххыттан саҕалаан, ханнык болдьоххо хас дьиэни туппут буолуохтааххар тиийэ сиһилии суруллар эбит. Билигин биһиги үлэһиттэри ылар кыахпыт суох, ол иһин онно эмиэ сатаан киирсибэппит.

Кэлин үөрэтэн, билэн-көрөн иһиэхпит, биир эмэ туризмҥа сыһыаннаах граҥҥа хапсыахпыт диэн эрэнэбит. ТОР резиденэ буоллахпытына, чэпчэтиилэринэн туһанар буолуохпут этэ.

 

Айылҕаҕа чугас буолаары

– Биһиги уратыбыт диэн тыа сирин олоҕун көрдөрөбүт, тыа сирин туризмын хайысхатынан сайдабыт. Тыа сирин туризма диэн туспа хайысха быһыытынан аан дойдуга сайдыбыта ыраатта – мегаполистар, улахан куораттар олохтоохторугар ис дууһалыын сынньанар, айылҕаттан күүс ылар кыаҕы биэрэр туризм биир көрүҥэ билиҥҥи олоххо олус наадалаах.

 Инники былааммытыгар кыра эко-фермалаах, оҕуруоттаах буолуохпутун баҕарабыт. Туристар дьиэ кэргэнинэн кэлэн оҕуруот олордон, оҕуруот аһын амсайан, дьиэ кыылларын көрөн-истэн, алтыһан барар буолуохтара.

Оҕолорго контактнай зоопарк, эт-сиин өттүнэн сайыннарар балаһаакка тутуохпутун баҕарабыт. Төрөппүттэр мас дьиэлэргэ сынньаналларыгар түннүгүнэн оонньуу сылдьар оҕолорун көрөн олороллорун курдук усулуобуйаны олохтуохпут.

Ийэбит гид-экскурсовод, Дьокуускайга кыра бөлөхтөрү тэрийэн оҕолорго куорат устун экскурсиялары оҥорор, араас интэриэһинэйи кэпсиир дьарыктаах. Ол иһин бу турбазабытыгар оҕолорго “экологическай ыллык” курдук хабааннаах экскурсиялары тэрийиэхпитин баҕарабыт – үүнээйини, оту-маһы, кыыллары,  бу сир историятын үөрэтэн, айылҕалыын алтыһан баралларын курдук. Аҕыйах хонуктаах дьиэ кэргэн лааҕырын тэрийиэххэ эмиэ сөп.

***

Ханнык баҕарар урбаанньыт өйөбүлгэ наадыйар. Ол өйөбүл хайаан да харчынан кээмэйдэнэр диэн буолбатах. Дьон биһиги турбазабытыгар кэлэн дуоһуйа сынньанан, айылҕаттан күүс ылан бардахтарына, онтон салгыы чугас дьонноругар биһиги туспутунан кэпсээтэхтэринэ, улахан өйөбүл буолар. Сахабыт сирин айылҕата олус дьикти, ханна да хатылламмат кэрэ, ыраас уонна уйан – ол иһин харыстабыллаах сыһыан, экологическай култуура идеялара киэҥник тарҕаналларыгар бэйэбит кылааппытын киллэрэ сылдьарбытыттан дьоллоохпут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....