07.02.2021 | 17:40

Эко-бизнес — аныгы кэм суолдьута

Эко-бизнес — аныгы кэм суолдьута
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

ЭКО – бу үс буукуба биһиги олохпут-дьаһахпыт чөл туруктаах буолуутун түстүүр.

Экология айгырааһына, аан дойдуга буортулаах эттик элбээһинэ, бэл, араас дьиибэ ыарыылар тарҕаныылара кытта мантан тутулуктаах диэн сабаҕалыыллар.

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим Сардаана Тарасова ханнык хайысхалаах эко-бизнеһи тэринэн үлэлии олорорун ааҕааччыларбар кэпсииргэ соруннум.  

Сардаана, бизнескин хаһан арынныҥ этэй?

— Ааспыт сылга бизнес-оскуолаҕа үөрэнэ киирэрбэр предприниматель буоларга санаммытым. “Самозанятай” быһыытынан регистрацияламмытым уонна социальнай ситимҥэ маҕаһыын аккаунун арыммытым. Бэйэм үппүнэн  стабилизацияламмыт муоҕу булбутум.

Бу иннинэ ханна үлэлээбиккиний, онтон тоҕо бардыҥ?

— Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран 10-ча сыл бүддьүөт тэрилтэлэригэр үлэлээбитим. Ис санаабар куруук айыахпын-тутуохпун баҕарар этим. Ол иһин үлэбиттэн  уурайан, бэйэ бизнеһин тэрийэргэ түһүммүтүм. Билигин эко-дизайнер быһыытынан үлэлии-хамсыы сылдьабын.

ЭКО-дизайн кэлиҥҥи кэмнэргэ сүрдээҕин сайынна, иһиттэх ахсын ЭКО диир буоллулар.

— Экологическай кыһалҕа, айылҕа ресурсаларын хааччахтааһын боппуруоһа үгүстүк турар. Урут дьон ол туһунан санаабат эбит буоллаҕына, билигин дьон-сэргэ айылҕаҕа ордук чугас. Аан дойду дьоно  сир-халлаан ыраас буоларыгар баҕарар, сырдыкка тардыһар буоллулар. Оннук баҕа санаалар дизайнерга эмиэ сабыдыаллаатылар. Хас да сыл анараа өттүгэр нэһилиэнньэ пластикка, полимердарга уонна акрилга тардыһыытын кыччатыы улаатан барбыта. Дьоҥҥо-сэргэҕэ айылҕа матырыйаалларын көмөтүнэн эбэтэр идэтийбит ньыманан оҥоруохха сөп диэн өйдөбүл үөскээтэ. Билиҥҥи кэмҥэ ону ааһан эко-истиил баар буолла.

Эко-дизайнер быһыытынан дьарыктанаҕын, муоҕу хантан аҕалтараҕыный?

— Москва куораттан ылабын, тустаах сертификацияны ааспыт Норвегия муоҕун сакаастыыбын.

Стабилизированнай̆ муох диэн тугуй?

— Стабилизированнай̆ муох диэн анал технологиянан оҥоһуллубут муоҕу ааттыыбыт. Тыаҕа үүнэр айылҕа бэйэтин муоҕа буолар.

Бигэ туруктаах технология көмөтүнэн, тыыллыгас уоҕурдуу, хас да сылга тиийэ тыыннаах турар.

Тыыннаах муохтан уратыта суох дуо?

— Суох. Стабилизацияламмыт муоҕу үксүн дьиэни-уоту тупсарыыга уонна көҕөрдүүгэ тутталлар.

Дьон доруобуйатыгар хайдах дьайарый, куттала суох дуо?

— Киһи доруобуйатыгар олох буортута суох.Глицерин оҥорон таһаарар суурадаһына экологичнай буолар. Ол иһин дьоҥҥо уонна харамайга буортута суох. Кырааскатын туһунан эттэххэ, аһылыкка туттуллар кыраасканан биһэбит.

Сакаас бөҕө киирэр эбит, туох диэн түмүгү оҥоһуннуҥ?

— Стабилизацияламмыт муохха интэриэс хойут үөскээбит буолан, интерьергэ күөх декор элеменнэрин киллэрииттэн саҕаламмыта. Мантан сиэттэрэн эттэхпинэ, бу бизнес саҥа сайдан эрэр. Аҕыйах кэминэн түмүк оҥостуом. Эко-дизайнер быһыытынан эттэхпинэ, кэнники кэмҥэ дьиэ бөҕөтө тутуллар, эдэр дьон кыбартыыра ылыналлара үксээтэ. Мин санаабар, олох таһыма үрдээбитэ көстөр. Хас иккис ыал үчүгэй өрөмүөннээх, дизайннаах дьиэни оҥостор буолла. Дьиэ иһэ сибиэһэй сыттаах, күөх көстүүлээх буоларыгар тардыһар дьон элбээтэ. 

Муоҕу ордук аныгы кыбартыыраларга киэргэтэн ууралларын бэлиэтии көрдүм уонна үксүн сахалар күөххэ наадыйаллар эбит дии санаатым.

— Айылҕаҕа чугас буолуон баҕалаах, аныгы идиэйэлээх дьон муоҕу интерьергэ киллэрэр. Бастатан туран, офистарга уонна уопсастыбаннай сирдэргэ, чааһынай дьиэҕэ-уокка да туһаныахха, туруоруохха  сөп.  Муох салгыны ыраастыыр, куһаҕан сыты-сымары суох оҥорор, микроэлеменнэри мунньар уонна уопсайынан, организмҥа үчүгэй дьайыылаах.

Саҥа үүммүт сылга ханнык бизнес кэскиллээх дии саныыгын?

— Мин көрүүбэр, быйыл туризмы сайыннарыыга уонна доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ аналлаах бизнес ордук көдьүүстээх.

Саҥа тэринээччилэргэ тугу этиэҥ этэй?

— Саҥа саҕалыыр предпринимателлэргэ таптыыр дьыалаларын олоххо бигэтик киллэрэллэригэр баҕарабын. Хас биирдии киһи тугунан дьарыктанара – бэйэтин көҥүлэ.

Сардаана, бэйэҥ суолгун булбуккунан эҕэрдэлиибин, өссө даҕаны бизнеһиҥ сайда, чэчирии турарыгар баҕарабын.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...