Екатерина Ероскумова: «Урбаанньыт үлэтэ көҥүл»
Дьокуускай куоракка оҕо уһуйаанын арынар туох ыарахаттардааҕый? Ситиһии төрдө туохха сытарый? Бу туһунан «Беби сити» чааһынай уһуйаан салайааччыта, уопуттаах урбаанньыт Екатерина Ероскумова санаатын үллэһиннэ.
— Екатерина, дорообо! Саха киһитэ буоларыҥ быһыытынан, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан кэпсии түс эрэ.
— Мин, бастатан туран, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ буолабын. Иккиһинэн, урбаанньыппын.
— Туох идэлээххиний, бизнес арыныаҥ иннинэ ханна үлэлээбиккиний?
— Оскуоланы бүтэрэн баран Саха судаарыстыбаннай университетыгар физико-тэхиньиичэскэй институкка үөрэнэ киирбитим. Онон бастакы үөрэхпинэн физик-информатик идэлээхпин. Иккис үөрэхпинэн финансиспын. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран 2005 сыллаахха Дьокуускай куорат 18 №-дээх орто оскуолатыгар учууталынан үлэлии киирбитим. Маҥнай, буоларын курдук, сэһэргэһиини ааспытым, ол кэннэ дириэктэри солбуйааччы тутатына иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы дуоһунаһыгар этии киллэрбитэ. Баара-суоҕа 24 эрэ саастаах сылдьан салайар үлэҕэ үөрэммитим, олох оскуолатын ааспытым. Ол кэмнэри улахан махталынан ахтабын. Онтон ыла үөрэх эйгэтигэр, оҕону иитиигэ үлэлиири сөбүлүүрбүн билбитим.
— Урбаан эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний, туохтан саҕаламмытай?
— Университекка үөрэнэ сылдьан олус актыыбынай устудьуон, этэргэ дылы, биир сиргэ олорбот этим. Сайыҥҥы уһун сынньалаҥмар волонтерунан лааҕырдарга үлэлиирим. Биир сайын чааһынай оскуолаҕа толорооччу дириэктэринэн үлэлээн турардаахпын. Аҕыйах нэдиэлэ үлэлээт, бу хайысха инникилээҕин өйдөөбүтүм уонна «Мин эмиэ маннык гыныахпын сөп эбит” диэн санаабытым. Ол курдук, оскуола үлэтиттэн тохтообутум. Элбэх киһи «оскуолаҕар хаал, урбаанньыт олус халбархай” диэн этэ сатаабыттара. Уһуйаан арыйарбар улахан сабыдыалы тус олоҕум оҥорбута. Кыра оҕолордоох этим, оттон муниципальнай уһуйааннарга оччолорго төрүт миэстэ суоҕа. Чааһынай уһуйааннар тарбахха баттанар гына аҕыйах этилэр. Онон бастакы иитиллээччилэрбинэн бэйэм оҕолорум буолбуттара.
— Урбаанньыт буолар биир үчүгэй өрүтүн ааттаа эрэ.
— Урбаанньыт үлэтин биир олус үчүгэй өртө – айымньылаах үлэ. Бэйэм талан ылбыт хайысхабар сыһыаран эттэххэ, оҕолорго бары өттүнэн тупсаҕай, туһалаах эйгэни баҕарар этим. Уонна ол сыалбын ситиһэр туһуттан үлэҕэ түһүнэн кэбиспитим.
— Олоххо көхтөөх позицияҥ кимтэн бэриллибитий?
— Мин соҕотох ийэ оҕотобун. Ол иһин өссө кыра эрдэхпиттэн барытын бэйэм ситиһиэхтээхпин диэн чиҥ санааны ылыммытым. Бу олоххо киһи барытын бэйэтэ эрэ ситистэҕинэ тирэхтээх буолар эбит.
— Мин билэрбинэн, эн уһуйааҥҥын 2008 с. арыммытыҥ. Дьэ, туохтан саҕалаабыккын кэпсии түс эрэ.
— Биһиги маҥнай саҕалыырбытыгар 180 тыһ. солк. харчылаах этибит. Чопчу итиччэ сыанаҕа кирэдьииккэ атыыласпыт массыынабытын атыылаабыппыт. Ол харчынан авиапорт оройуонугар 112-с сериялаах түөрт хостоох кыбартыыраны куортамнаан, өрөмүөн оҥорбуппут, миэбэлин, оонньуурдары сакаастаабыппыт. Реклама чааһа биһиэхэ букатын боростуой этэ – порт оройуонун устун бэйэбит уһуйааммыт туһунан хаама сылдьан кэпсээбиппит. Бастакы кэмҥэ куруусчут да, иитээччи да, маркетолог да буолан баран биһиэхэ туох үлэһит наадатын чопчу билбитим. Маҥнай саҕалыырбар, биллэн турар, элбэх ыараханы көрсүбүтүм, оннооҕор кэргэним хамнаһын куортаммын төлөөрү эбэтэр иитээччилэрбэр хамнас биэрээри күүтэр кэмнэрдээҕим.
— Бу 15 сыл устата төһө оҕону иитэн таһаардыгыт?
— Мин сүрүн киэн туттуум диэн, бу сыллар тухары 18 тыһыынчаттан тахса оҕону иитэн таһаардыбыт. Оҕо уһуйааннарыгар үгэс буолбут үөрэхпит таһынан иитиигэ болҕомто уурабыт. Оҕону личность быһыытынан өйүүбүт, бары өттүнэн сайыннарабыт, оҕолорбут араас бэстибээллэргэ, күрэхтэргэ мэлдьи кытталлар. Инньэ гынан, бэл, муниципальнай уһуйааннарга көстөхтөрүнэ, саамай чаҕылхай сулустара буолаллар.
— Төрөппүттэри кытта хайдах үлэлиигит?
— Төрөппүттэри кытта үлэ сүнньүнэн бииргэ үлэлээһин бириинсибигэр сытар. Төрөппүттэр – иитии бырассыаһын бастакы көмөлөһөөччүлэрэ уонна актыыбынай кыттыылаахтара.
Уһуйаан кэлэктиибэ хас биирдии төрөппүтү кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир: төрөппүт мунньахтара, бөлөҕүнэн консультациялар уо.д.а. Биһиэхэ олус көхтөөх төрөппүттэрдээхпит.
— Кэлэктиип туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар. Хас үлэһиттээххиний, үлэһиттэргитин үлэҕэ хайдах ылаҕытый?
— Мин бүгүн 140-тан тахса үлэһиттээхпин, кинилэр хас биирдиилэрэ кэнэҕэски көлүөнэбит сайдыытыгар кылааттарын киллэрэллэр. Биһиги “Арассыыйа 100 бастыҥ табаара” Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх дипломана буолабыт, уһуйааммыт «Арассыыйа 100 бастыҥ табаара» каталокка киллэрилиннэ. Уһуйааммыт иитиллээччилэрэ куорат уонна өрөспүүбүлүкэ күрэхтэригэр куруук кытталлар. Ааспыт сылга 1,5-тан 7-гэр диэри саастаах оҕону бары өттүнэн сайыннарарга уонна саҥа ирдэбиллэри - инновационнай технологиялары учуоттаан, ааптарыскай үөрэх бырагырааматын оҥорбуттара. Дьарык араас дьиссипилиинэлэринэн ыытыллар: английскай тыл, музыка, хореография, тылы туруоруу уонна сайыннарыы, эт-хаан өттүнэн сайдыы.
— Салайааччы буоларыҥ быһыытынан, үлэһиттэргиттэн тугу ирдиигин?
— Бастатан туран, уһуйааччы киһи оҕолору таптыахтаах. Иккиһинэн, үлэтигэр бэриниилээх, туруоруллубут сыалы-соругу чопчу ситиһэр буолуохтаах.
— Оҕону көрүү-истии олус эппиэтинэстээх дьыала. Биллэн турар, баҕалаах эрэ барыта оҕо уһуйаанын арыйбата чахчы. Билигин туох ыарахаттары көрсөҕүт?
— Урбаанньыт буолар элбэх үлэни эрэйэр, куруук бириэмэ тиийбэт, куруук үлэҕин саныы, толкуйдуу сылдьаҕын. Этэн аһарбытым курдук, бизнеспин арынарбар икки оҕолоох ийэ этим, бу санаатахпына, уустук этэ. Онон саҥа саҕалаан эрэр урбаанньыттар ити суолга бэлэм буолуохтаахтар.
— Бэйэ дьыалатын арыныан баҕалаах дьоҥҥо өссө тугу сүбэлиигин?
— Бэйэ дьыалатын арыныан баҕалаах киһи, бастатан туран, үлэтин таптыан наада. Туох баар бырассыастарын бастакыттан бэйэҕитинэн аһардан, холонон көрөн үлэни саҕалыахтааххыт. Ханнык баҕарар боппуруоска хараххыт умайа сылдьар буолуохтаах. Иккиһинэн, бэйэҕитигэр сыаллаах-соруктаах, миссиялаах буолуохтааххыт. Тус олоххутун үлэҕитин кытта дьүөрэлии үөрэниҥ. Үсүһүнэн, ыарахаттартан чаҕыйымаҥ.
— Екатерина, кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Үлэҕэр ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну, баҕа санааларыҥ туоларыгар баҕарабын!