29.04.2021 | 11:06

Егор Захаров: «01» нүөмэри киһи барыта билиэхтээх

Ааптар: Сардаана Багынанова
Бөлөххө киир

Арассыыйаҕа Баһаары утары охсуһар сулууспа үлэһиттэрин күнэ 2021 сылга муус устар 30 күнүгэр бэлиэтэнэр уонна официальнай таһымҥа 23-с төгүлүн ыытыллар. Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр Чурапчытааҕы Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа 38 №-дээх этэрээтин баһаарынайа Егор Егорович ЗАХАРОВ ыалдьыттыыр.

Кылгас ыспыраапка
Чурапчытааҕы Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа (начальник Алексей Константинович Попов) 38-с №-дээх баһаары утары охсуһар этэрээт бүгүҥҥү туругунан 6 баһаарынай чаастаах, 86 үлэһиттээх. Ол курдук  1-кы №-дээх Чурапчы баһаарынай чааһа 31 үлэһиттээх. 
2021 сылга сүрүн ситиһиилэр: Өрөспүүбүлүкэтээҕи баһаарынай прикладной спорт аһаҕас чемпионатыгар 1-кы №-дээх Чурапчытааҕы баһаарынай чаас диспетчерэ Алена Луковцева 100 м мэһэйдээх сүүрүүгэ 1-кы миэстэни, баһаарынай кирилиэһинэн иккис этээскэ тахсыыга 2-с миэстэ буолары ситистэ. Ону таһынан «Лучшее звено ГДЗС 2021» өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитигэр Чурапчы этэрээтэ 2-с  миэстэ буолла, «Лучшая команда аварийно-спасательной работы 2021 г.» этэрээт хамаандата 1-кы миэстэ буоллулар. Бу икки бүтэһик күрэхтэһиигэ 1-кы №-дээх Чурапчытааҕы баһаарынай чаас баһаарынайа Егор Захаров кыттыыны ылла.

Үтүө күнүнэн, Егор Егорович! Саха сиэринэн, бэйэҕин билиһиннэрииттэн саҕалыыр буоллахпыт. Хантан төрүттээххиний? Төрөппүттэриҥ туһунан кылгастык сэгэтиэҥ буолаарай.

– Мин 1992 сыллаахха Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгэр Анна Николаевна, Егор Степанович Захаровтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон төрөөбүтүм. Ийэм оҕуруот аһын үүннэрээччи (овощевод) идэлээх, уран тарбахтаах, туойунан араас оҥоһуктары оҥорор. Аҕам сопхуос саҕана тырахтарыыһынан, механигынан уонна биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Улууска чемпион тырахтарыыс аатын ылбыта. Аҕам «Табык» ансаамбылга бас гитариһынан оонньуур этэ. Биһиги дьиэ кэргэн нэһилиэккэ ыытыллар уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ылар этибит. Бииргэ төрөөбүт убайым Владимир Егорович ОДьКХ суоппара, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Эдьиийим Наталья Егоровна уһуйааҥҥа үлэлиир.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ханнык биридимиэти ордук сөбүлүүр этигиний? Оччолорго туох идэлээх үлэһит буолуом диэн баҕа санаа оҥостубуккунуй? Оҕо инники идэтэ кыра сааһыттан биллэр диэн этэллэр.

– Хатылытааҕы Болот Боотур аатынан орто оскуоланы ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитим. Оскуолатааҕы кэмнэрбин билигин истиҥник ахтабын, саныыбын.  Үөрэппит, дириҥ билиини биэрбит учууталларбар олус диэн махтанабын. Бастакы кылааска үөрэппит учууталым Айталина Николаевна Чичигинароваҕа, улахан кылааска үөрэппит учууталым Елена Гаврильевна Аммосоваҕа уонна ырыаҕа уһуйбут учууталым Розалия Михайловна Поповаҕа тылынан кыайан этиллибэт истиҥ махталбын тиэрдэбин. Ордук физика, үлэ, физкультура уруоктарын сөбүлүүр этим. Оччолорго милииссийэ буолуохпун баҕарар этим. Улаатан баран санаам уларыйбыта.

Ханна үөрэнэн, туох идэтин баһылаабыккыный?

– Оскуоланы бүтэрээт да, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун инженернэй факультетыгар туттарсан киирбитим. 2013 сыллаахха агроинженер идэтин бүтэрбитим. Ол сыл ытык иэспин төлүү, Хабаровскай куоракка аармыйаҕа сулууспалыы барбытым. “14 отдельная бригада специального назначения” диэн ааттаах чааска сулууспалаабытым, “Участник в параде” министиэристибэ оборонатын мэтээлин ылбытым.

Тоҕо идэҕинэн үлэлээбэтиҥ?

Улууспар үлэ миэстэтэ көстүбэтэҕэ. Ол курдук, үлэ көрдөнө сырыттахпына, баһаарынайга үлэлиир байыас, баһаарынай миэстэтэ тахсыбыт диэбиттэригэр, тутатына онно тиийэн “резюмебын” туттарбытым. Үлэлиэн баҕалаахтар үһүө этибит. Мин аармыйаттан сулууспалаан кэлбитим, саҥа икки эрэ ый буолан эрэрэ. Онон саамай күүспэр-уохпар сылдьар кэмим этэ. Үлэҕэ киирэргэ анал тургутугу ааспыппыт. Эрийиэхпит диэбиттэрэ, ону кэтэһэн мин долгуйуу бөҕөтө. Сарсыныгар төлөпүөммэр эрийэн, үлэҕэ ыҥырбыттара. Онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри бу үлэбин сөбүлээн, этэҥҥэ үлэлии сылдьабын.

Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэр эрэ. Аҕа буоларыҥ быһыытынан, уолгун хайдах иитэҕин?

– 2016 сыллаахха олоҕум аргыһын көрсөн ыал буолбутум. Кэргэним Туйаара Егоровна Дириҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх. Чурапчытааҕы Ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр үлэлиир. Ойуур маастарын идэтигэр үөрэммитэ, билигин оҕотун көрөн олорор. Уол уонна кыыс оҕолордоохпут. Уолум Дамир Чурапчытааҕы П. И. Борисова аатынан «Улыбка» уһуйааҥҥа сылдьар. Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруола сүрдээх улахан. Миигин аҕам кыра эрдэхпиттэн үлэҕэ, булка, айылҕаны кытта алтыһарга сыһыаран ииппитэ. Ол сиэринэн, уолбун ханнык баҕарар үлэҕэ барытыгар бэйэбин кытта илдьэ сылдьабын, үчүгэйи-куһаҕаны араара үөрэтэбин. Тыа оҕото туохха барытыгар сыстаҕас буолуохтаах.

Уопсастыбаҕа эр киһи оруола түстэ диэҥҥэ сөпсөһөҕүн дуо? Эр бэрдэ хайдах хаачыстыбалаах буолуохтааҕый?

– Ити этиигэ олох сөпсөспөппүн. Эр киһи диэн, бастатан туран, дьиэ кэргэнин көмүскүүр, харыстыыр, араҥаччылыыр буолуохтаах. Ырааҕы- киэҥи толкуйдуур, эппиэтинэстээх, олоҕу сыаналыахтаах. Эр киһи оруола уопсастыбаҕа үрдүкү туруохтаах. Ханнык да быһаарыылаах түгэҥҥэ аҕа тыла ыйааһыннаах, олоххо көрүүтэ дьахтартан таһыма үрдүк буолуохтаах диэн көрүүлээхпин.

Сылын аайы ыытыллар күрэх “Бастыҥ баһаарынай” номинация кыайыылааҕа эбиккин. Үлэҥ туһунан сырдатыаҥ буолаарай?

– 2015 сыллаахха Чурапчытааҕы Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа 38 №-дээх этэрээтигэр байыаһынан үлэлии киирбитим. Улуус иһинээҕи тэрилтэлэргэ баһаартан сэрэхтээх буолууга лекциялары ааҕабыт, сэрэтэр-өйдөтөр үлэлэри ыытабыт. “Бастыҥ баһаарынай” күрэҕэр ситиһиим миигин элбэххэ эбээһинэстиир. Кэлэктииппит сүрдээх түмсүүлээх, бэйэ бэйэбитин өйдөһөн, көмөлөһөн, өйөбүл буолан, маннык ситиһиилэнним. Онон кэлэктииппэр улахан махталбын тиэрдэбин.

Олоххо күүтүллүбэтэх өттүттэн соһуччу түбэлтэлэр тахсаллара кэлиҥҥи кэмҥэ үксээтэ. Куоракка, тыаҕа да буоллун, баһаартан эмсэҕэлээччи элбээн иһэр. Киһи хараастыах, дьиэ кэргэн өлүүлээх баһаардар буолаллара ханнык баҕарар киһи уйулҕатын хамсатар. Үлэҕиттэн биир эмит холобуру сырдатыаҥ дуо?

– Сороҕор сэрэҕэ да суох быһыыттан эбэтэр сыыһа-халты туттууттан баһаар буолара, ама, кими долгуппат, аймаабат буолуоҕай. Маннык алдьархай хаһан да буолбатын, баһаартан сэрэхтээх буолуҥ, дьиэ кэргэҥҥитин харыстааҥ диэм этэ. Үлэбэр сыһыаннаах түгэннэри чугас дьоммор, доҕотторбор кэпсиирбин олох сөбүлээбэппин.

Куорат уонна улуус баһаарынньыктарын үлэлэрэ туох уратылааҕый?

– Куорат баһаарынайын үлэһиттэрэ федеральнай Баһаары сэрэтэр сулууспаҕа киирэллэр. Оттон биһиги Саха өрөспүүбүлүкэтин Баһаары сэрэтэр сулууспатыгар киирэбит. Онон үлэбит хайысхата барыта биир, улахан туох да уратыта суох дии саныыбын.

Эһиги үлэҕитигэр ханнык сүрүн хаачыстыба ирдэниллэрий?

– Ханнык да балаһыанньаҕа түргэнник толкуйдуур, түргэн-тарҕан туттуулаах, күүстээх-уохтаах, бэлэмнээх буолуу ирдэниллэр.

Баһаарынай ыҥырыыга тиийэн баран, бастакы суһал көмөтө ханныгый?

–  Бастатан туран, дьону быыһыыбыт, малы-салы, уоту умулларабыт, буруоҕа киирэбит. Гаастан, буруоттан харыстыыр сулууспалаахпыт.

Үлэҕитигэр ханнык үгэстэри тутуһаҕытый?

– Муус устар 30 күнүгэр Арассыыйа Баһаары утары охсуһар сулууспа үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэнэр. Онтон ахсынньы 29 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Баһаарынайдар күннэрэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күннэргэ тэрилтэбитигэр спартакиада ыытыллар, баһаарынай прикладной күрэхтэр буолаллар.

Сынньалаҥҥар ордук тугунан сөбүлээн дьарыктанаҕын?

– Биһиги үлэбит хамсаныылаах, сүүрүүлээх-көтүүлээх, ыарахан үлэ. Онон иллэҥ кэммэр эт-хаан өттүнэн эрчиллэрбин, дьарыктанарбын ордоробун. Ыллыырбын сөбүлүүбүн, араас куонкурустарга, аһымал аахсыйаларга кыттабын. Дьиэ кэргэмминиин бииргэ айылҕаҕа сынньанарбытын сөбүлүүбүт.

Баһаарынай үлэтэ сүрдээх ыараханын бары да билэбит. Киһи доруобуйатыгар эчэйии да ылыан сөп. Уоту утары охсуһуу уйулҕаҕа дьайыыта хайдаҕый? Үлэҕитигэр психолог көмөтө диэн баар дуо?

– Биллэн турар, үлэбит сүрдээх ыарахан. Уотунан өрө уһуура турар хайа баҕарар тутуу, чааһынай да дьиэ буоллун, умулларыыга киһиттэн кытаанах тулууру, дьулууру эрэйэр. Кыахпыт тиийэринэн, түргэнник уоту умулларыыга күүспүтүн уурабыт. Хас биирдии туттунуубутугар мүнүүтэ күндү буолар. Үлэлиир чааспытыгар психолог суох. Дьокуускай куораттан кэлэн психологическай тестирование толортороллор.

Үлэҕитигэр туох социальнай көмө оҥоһулларый?

– Бүддьүөт үлэһитэ буоларбыт быһыытынан,  икки сылга биирдэ Арассыыйа иһигэр бырайыас төлөнөр.

Тэрилтэҕэр бастыҥ үлэһит ахсааныгар сылдьаҕын. Үлэһиттэн туох сүрүн ирдэбил тутуһулларый?

– Тус бэйэбэр итинник сыанабылы биэрбиккитигэр махтанабын. Ол гынан баран биһиги тэрилтэбитигэр бастыҥ үлэһиттэр элбэхтэр. Бары даҕаны үлэлэригэр сүрдээх бэриниилээхтэр, түмсүүлээхпит, ол сиэринэн үлэбит да кыайыылаах. Маннык эйгэҕэ үлэлиир киһи эт-хаан өттүнэн күүстээх, кыахтаах, өйдөөх буолуохтаах.

Баһаартан сэрэхтээх буолууга туох сүбэлэри тиэрдэҕин?

Күндү төрөппүттэр, оҕолоргутугар сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин күн аайы үөрэтэ, саната сылдьыҥ. Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолоргутун дьиэҕитигэр көрөр киһитэ суох мээнэ хаалларымаҥ. Сэрэхтээх буолуу быраабылатын оҕо кыра эрдэҕиттэн билэрэ ордук. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо болҕомтото мөлтөх, түргэнник аралдьыйар, дьону үтүктэр уратылаах. Туох эрэ саҥаны-сонуну көрдөҕүнэ сэргиир, тугу барытын умнар, улдьаарар. Күн аайы оҕоҕо сүбэлээн, сэрэтэн, такайан, сэмэлээн, көрдөрөн үөрэтиллэр. Аҥаардас бобуунан эрэ муҥурдаммакка, оҕо өйдүүрүн курдук быһааран, көрдөрөн биэрэр ордук. Испиискэни, зажигалканы, атын умайар, эстэр сэрэхтээх маллары оҕо тиийбэт сиригэр ууруҥ. Алын кылаас оҕолоруттан саҕалаан элепктроприбордарынан, розетканан сатаан туттуу быраабылатын саната сылдьыҥ.

Булт-алт  өттүгэр хайдаххыный? “Эр киһи барыга бары дэгиттэр буолуохтаах” диэн бириинсипкэ сөбүлэһэҕин?

– Эр киһи быһыытынан бултуурбун, айылҕаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн. Ама айылҕа кэрэ көстүүтэ хайа эр киһи сүрэҕин өрүкүппэт буолуоҕай? Хас биирдии саха эр киһитэ айылҕаны таптыахтаах, сиэри-туому тутуһуохтаах, бэйэтигэр эрэллээх буолуохтаах.

Ыллыыр эбиккин дии. Бука, оҕо эрдэххиттэн ыллыырыҥ буолуо.

– Оҕо эрдэхпиттэн аҕабар уһуйуллан, оҕо саадыттан ыллаан саҕалаабытым. Бастаан алта саастаахпар Айыы Уола «Эһиэхэ аныаҕым» ырыатын толорбутум. «Хотугу сулус», «Эдэр саас» уонна улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар куонкурустарга кыттан, анал ааттары ылаттаабытым. Оскуоланы бүтэрэр сылбар төрөөбүт нэһилиэкпэр бастакы сольнай  кэнсиэрим үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Билигин даҕаны ырыаны аргыс оҥостон илдьэ сылдьабын. Ырыа киһи дууһатын сылаанньытар, өйүн-санаатын сааһылыыр диэм этэ.

Олоххор дьикти түгэниҥ?

– Таптыыр кыыспынаан ыал буолан, саамай долгутуулаах түгэним оҕолорум төрөөбүттэрэ буолар. Аҕа, ийэ аатын ылан, толору дьиэ кэргэн буолбуппутуттан олус астынабын, үөрэбин. Дьоллоох дьиэ кэргэн инники кэрэһиттэрэ оҕолорбут буолаллар.

Ханнык спорт көрүҥүнэн дьарыктанаҕыный?

– Ыараханы көтөҕүүнэн эрчиллэбин. Спорду көрөрбүн, спордунан дьарыктанарбын сөбүлүүбүн. Киһи өй-санаа эрэ өттүнэн буолбакка, эт-хаан өттүнэн эмиэ сайдыылаах буолуохтаах.

Баһаары баран умуллараҕыт дии. Ити буруота, уота-күүһэ, тыаһа-ууһа сүрдээх буолуо. Итиннэ киһиттэн түргэн хамнаныы, кытаанах ньиэрбэ, тулуур уонна дьулуур наада буолуо.

– Кылаабынайа, баһаар буолар түгэнигэр куттанымыахха, уолуйумуохха наада.

Тэрилтэҥ уопсастыбаннай олоҕор төһө кыттаҕын? Үлэҕитигэр сыһыаннаах күрэхтэр, тэрээһиннэр ыытыллаллара буолуо.

– Уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ кыттарбын сөбүлүүбүн. Кыбаартал аайы зачет туттарабыт, хас дьуһуурустуба аайы үөрэнэбит,  үлэбитинэн анал норматив туттарабыт.

Өрөспүүбүлүкэҕэ бу сыл Доруобуйа сылынан биллэриллибитэ. Чөл олох туһунан тус санааҥ.

– Доруобуйа сыла биллэриллибитин саамай сөптөөҕүнэн ааҕабын. Хас биирдии дьиэ кэргэн чөл олоҕу тутуһуохтаах, бэйэ доруобуйатын көрүнүөхтээх. Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ, бэйэҕитин харыстаныҥ, ыалдьымаҥ. Коронавирус дьаҥыгар бэриммэт туһуттан сөптөөх миэрэлэри тутуһан сылдьыҥ. Бу ыарыы суох буолуо диэн эрэнэбит.

 

Өбүгэбит өс хоһоонноро::

- “Уотунан оонньоомо – тэллэххэр ииктиэҥ”.

- “Испиискэ оонньуур буолбатах”.

- “Уотунан оонньуур – аньыы”.

- “Уоту арыынан умуруорбут суоҕа”

- “Тыаҕа, ойуурга уоту ыытар, иитиэх кыылы-сүөлү уокка былдьатар –  аньыы”.

- “Дьиэҕэ уотунан оонньуур аньыы”

Экспресс – ыйытык:
Олоххо сүрүн бириинсибиҥ?

– Туох барыта бириэмэлээх, кэмнээх-кэрдиистээх буолар, кэмигэр оноһуллуон наада. Эппит тылбар туран, тутатына оҥорорбун сөбүлүүбун.
Бастыҥ хаачыстыбаҥ ханныгый?
– Төрөөбүт дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу, дьиэ кэргэҥҥэ – өйдөһүү, өйөһүү.
Саамай сөбүлүүр бүлүүдэҥ?
– Эт аһы сөбүлүүбүн.
Кэргэҥҥин туох бэлэҕинэн үөрдээччигиний?
– Хас сырыы аайы соһуччу бэлэхтэри оҥорон үөрдэрбиттэн астынабын.
Ханнык кинигэни сөбүлээн ааҕаҕыный?
– Кэм, олох ирдэбилинэн ааҕарым эмиэ уларыйан иһэр. Билигин аудио кинигэни истэрбин ордоробун.
Саха бастыҥ киинэтэ ханныгый?
– “Тыгын Дархан” – уһулуччу киинэ.
Спортсменнартан кими холобур оҥостоҕунуй?
–Саха уоланнарыттан күүстээх, дьарыктаах эр дьонун көрөрбүн сөбүлүүбүн, холобур оҥостобун.
 

Тускутугар туһаныҥ!

Розеткалары бэрэбиэркэлии сылдьыҥ. Биир розеткаҕа элбэх прибору холбоомоҥ. Алдьаммыт розетканан туттумаҥ.

Аһаҕас, алдьаммыт шнурдаах тэриллэринэн туһанымаҥ.

Өтүүгүнэн, плитканан уонна электрическай чаанньыгынан сэрэхтээхтик туттуҥ.

Умайа турар оһоҕу (плитканы, обогреватели, камины) мээнэ хаалларан барымаҥ.

Бу курдук уонна да атын баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын тутуһуҥ. Оҕолоргутугар үөрэтиҥ, сэрэхтээх буолуҥ!

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай баһаарынай куттал суох буолуутун быраабылатын тутуһарга уонна баһаар сүрүннээн дьон дьалаҕайыттан тахсарын, олох-дьаһах электроннай прибордарын туһаныы, гаас оборудованиеларын уонна оһохтоох ититиини көннөрөргө ыҥырар. Маннык түгэннэри суох оҥорорго баһаартан куттал суох буолуутун сүрүн быраабылаларын санатабыт:

 

Бобуллар:

1. электрическэй прибордарынан уонна розетканан, электрическэй проводканан туһан;

2. электроэнергияны таһынан хас да кыамталаах туһанааччы биир электрозеткаҕа холбоо;

3.  иһиккэ аһаҕас уот дьүүктэтин (чүмэчини, испиискэни, фактелы уо. д. а.);

4.  кыбаарталларга уматыгы гаастаах, чэпчэки сыаналаах уматыгы,  уматыгы, о. д. а.;

5. эвакуация суолларын (кирилиэстэр, кирилиэс маршалара, көрүдүөрдэр) араас матырыйааллар, оҥоһуктар, оборудованиелар;

6. сэксэгэр убаҕаһы сөрүөстүк ууран, көөнньөрөн кэбис;

7. кыра оҕолору соҕотохтуу хаалларыы;

8. тоҕоостоох сирдэргэ испиискэ, зажигалка уонна да атын кутталлаах биридимиэттэри харыстыахха.

Баһаар буолар түгэнигэр, «01», «101», «112» нөҥүө эрийэн иһитиннэр. Баһаартан сэрэхтээх буолууга судургу быраабылаларын үөрэтиҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...