Егор Кардашевскай «Птицефабрика» дьоҕус оройуоҥҥа тутуллар хочуолунайы бэрэбиэркэлээтэ
«Птицефабрика» дьоҕус оройуоҥҥа муус устар бүтүүтэ 34 мВт кыамталаах саҥа хочуолунайы тутуу салҕанар, эбийиэк үс аҥаар тыһыынча нэһилиэнньэ олорор 290 чааһынай уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэни сылааһынан уонна итии уунан хааччыйыаҕа диэн суруйан турабыт.
Тутуу сакаасчыта – «Теплоэнергия» АУо, бэдэрээтчит – «Ленагазстрой» ХЭТ. Бу күннэргэ куорат баһылыгын солбуйааччы Егор Кардашевскай тутуу хаамыытын кытта билистэ. «Теплоэнергия» АУо генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Алексей Лобов иһитиннэрбитинэн, эбийиэк аны күһүҥҥүттэн боруобалаан көрүү быһыытынан үлэлээн саҕалыырга бэлэм.
Саҥа хочуолунай аныгы оборудованиенан толору хааччыллыылаах. Уопсайа 34 МВт кыамталаах 5 хочуол туруохтаах: 10 МВт кыамталаах 3 уу сылытар хочуол уонна биирдиитэ 2 МВт кыамталаах итиини биэрэр 2 агрегат.
«Птицефабрика» хочуолунай «Теплоэнергия» АУо инвестиционнай бырагырааматынан тутуллар, диэн Yakutskcity.ru сайт иһитиннэрэр.