16.10.2023 | 12:30

Егор Кардашевскай Чернышевскай уулуссатыгар көһө сылдьар мунньаҕы тэрийдэ

Егор Кардашевскай Чернышевскай уулуссатыгар көһө сылдьар мунньаҕы тэрийдэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, баһылыгы куорат хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччы Егор Кардашевскай, Чернышевскай уулуссатыгар суол болотунатын уонна чугаһынааҕы территориялары чөлүгэр түһэриинэн көһө сылдьар мунньаҕы тэрийдэ.

Чернышевскай уулуссатын учаастагар коллекторы оҥоруу уонна гаас ситимин уларыы тиһэх түһүмэҕэ ыытыллар.

Мунньахха «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ, «Водоканал» АУо, «Сахатранснефтегаз» АУо уонна бэдэрээтчит тэрилтэлэр кытыннылар.

Көрүү-истии түмүгүнэн тротуардарга уонна суол кутуллубут учаастагар итэҕэстэр бааллара билиннэ. Хас биирдии итэҕэһинэн боротокуол толорулунна, онно олоҕуран учаастак эппиэттээх тэрилтэлэрэ уулусса-суол ситимин чөлүгэр түһэриэхтэрэ. Итэҕэстэри туоратыы болдьоҕо – бу сыл алтынньы 31 күнүгэр диэри. Суол аспаал бүрүөһүнүн чөлүгэр түһэрии кэлэр сылга, тутуу сезона саҕаланнаҕына ыытыллар буолла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...