12.05.2023 | 10:00

Эдьиийдии-балыстыы Егоровалар бириистэригэр

Дьокуускай Хатас нэһилиэгэр саахыматынан, дуобатынан утумнаахтык дьарыктаналлар. Бу көрүҥнэр сайдалларын туһугар хас эмэ уонунан сыллар устата үлэлиир түмсүү, хамсааһын баар, ситиһии да элбэх.
Эдьиийдии-балыстыы Егоровалар бириистэригэр
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Сөҕүмэр ситиһиилэрдээх кыргыттар

Бииргэ төрөөбүт Туйаара, Дайаана, Айыына Егоровалар бириистэригэр Хатас орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр бу күннэргэ саахымат турнира ыытылынна.

Кыргыттар үһүөн даҕаны кэпсээҥҥэ сылдьар, уос номоҕо буолар сөҕүмэр ситиһиилэрдээхтэр. 

Туйаара – 1997-1999 сс. Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, кэккэ сылларга өрөспүүбүлүкэ уон иһигэр киирэр бастыҥ спортсмена:

1994 с. – Санкт-Петербург куорат, Смоленскай уобалас чемпионката;

1996-1999 сс. – СӨ араас таһымнаах күрэхтэрин кыайыылааҕа;

1996 с. – “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга 1-гы миэстэлээх;

1997 с. – Саахымакка бүтүн Арассыыйа үрдүнэн бастыыр иһин күрэххэ ааттаахтары-суоллаахтары кытта тэҥҥэ киирсэн, бириистээх 3-4 миэстэҕэ тиксибитэ. 

Дайаана – 2004-2009 сс. өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас таһымнаах күрэхтэр кыайыылаахтара:

2005 с. – СӨ оҕолорго чемпионката;

2006 с.  – Уһук Илин федеральнай уокурук чемпионката;

2007 с. – Дьокуускай куорат Оҕо дыбарыаһын  “Карпов оскуолата” хамаандатын састаабыгар киирэн, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин саахыматка пуондатын үһүс норуоттар икки ардыларынааҕы  оҕолорго бэстибээлин кыайыылааҕа;

2007 с. – СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев бирииһигэр ыытыллыбыт саахымат олимпиадатын чемпиона.   

Айыына – 2009-2010 сс. өрөспүүбүлүкэ уон бастыҥ спортсменыттан биирдэстэрэ, саахымат күрэхтэригэр уһулуччу ситиһиилэрин иһин СӨ Үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтин Махтал суругунан бэлиэтэммитэ:

2010 с. – М.Е. Николаев “Билиигинэн кыайыаҥ”  истипиэндьийэтин хаһаайына;

2009-2010 сс. – “Өрөспүүбүлүкэ албан аатыгар уонна туһалаах буолууга” мэтээлинэн наҕараадаламмыта;

2003-2005 сс. – СӨ кыра кыргыттарга чемпион;

2005-2007 сс. – кыра саастаах кыргыттарга Уһук Илин федеральнай уокуругун чемпиона;

2008 с.– Черногорияҕа Герцог Нови куоракка ыытыллыбыт Европаҕа бастыыр иһин күрэххэ 2-с миэстэлээх;

2009 с. – Грецияҕа ыытыллыбыт 11 сааһыгар диэри оскуола саастаах кыргыттарга аан дойду чемпионатын кыайыылааҕа;

2010  с. – Турцияҕа ыытыллыбыт 13-гэ диэри саастаах кыргыттарга аан дойду чемпионатын кыайыылааҕа;

2013 с. – дьахталларга Уһук Илин федеральнай уокурук вице-чемпиона;

2013 с. – Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэххэ 3-с миэстэ;

2013 с. – Арассыыйа үөрэнээччилэрин 5-с спартакиадаларын үһүс түһүмэҕин Уһук Илин федеральнай уокурукка 1 миэстэ;

2013 с. – саахымат садаачаларын суоттааһыҥҥа Европаҕа бастыыр иһин  күрэх кыайыылааҕа;

2013, 2017 сс. уонна 2018 с. – СӨ  чемпиона;

2014 с. – Грецияҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга 16 сааһыгар диэри кыргыттарга  кыайыылаах.

 

Дьэ, көрөрбүт курдук кыргыттар хас биирдиилэрэ Сахаларын сирин аан дойду таһымыгар тиийэ доргуччу, киэн тутта ааттаппыттара, күүскэ үлэлээбиттэрэ, ситиһиилэрэ да биир киһи холугар ботуччу. Бииргэ төрөөбүт кыргыттар маннык таһымнаах ситиһиилэрэ дьиэ кэргэн биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ киирэн, дьэҥкэ сыалы-соругу туруорунан сөптөөх хайысханы тутуһан үлэлээбитин түмүгэ.

Дьиэ кэргэн дьаныардаах үлэтин түмүгэ

Ийэ уонна аҕа оҕо дьоҕурун таба тайанан сайыннаран, кэлиини-барыыны былааннаан, дьарыгы, эрчиллиини сөптөөхтүк ханыылаан үлэлээбиттэрэ бу курдук үтүө түмүктэри аҕалбыт. Ол уопуттарын үөрэ-көтө үллэстэр, саҥа саҕалааччыларга көмө-тирэх буоларга маҥнайгы хардыыны оҥорор Айталина Григорьевна (Козлова) уонна Владимир Анатольевич Егоровтарга күрэххэ кыттыбыт оҕолор, кинилэр төрөппүттэрэ, Хатас орто оскуолатын учууталлара махталлара улахан.

Ыал ийэтэ Айталина Григорьевна Хатаска төрөөбүт, улааппыт, үөрэммит киһи буоларын тоһоҕолоон бэлиэтиибит. Бу күрэх үөрэх эйгэтигэр тахсыахтаах уларыйыылар чэрчилэринэн саахымакка ураты болҕомто ууруллар кэм кэлиитигэр акылаат түһэрдэ диэтэххэ омун буолбат. Тоҕо диэтэххэ күрэҕи таһынан саахымакка спорт көрүҥүн эрэ курдук буолбакка, уопсай үөрэхтээһиҥҥэ, өй-санаа өттүнэн сайдарга төрүөт, көмө-тирэх курдук сыһыаннаһан үлэлээтэххэ, олох хайа баҕарар хайысхатыгар ситимнээх ситиһии, кыайыы-хотуу кэлиэн сөбүн СӨ саахымакка федерациятын салайааччыта, элбэх тэрилтэлэри түмэн, үбү-харчыны үтүө дьыалаҕа мунньан, тыыран ыытарга аналлаах СӨ Үүнэр  көлүөнэҕэ тус сыаллаах пуондатын генеральнай дириэктэрэ Владимир Анатольевич Егоров сүрдээх дириҥник, өйдөнүмтүө гына кэпсээтэ-сэһэргээтэ. Манна дьиэ кэргэн олоххо оруола ырытылынна, оскуола, төрөппүт, оҕо интэриэстэрэ биир сыалга-сорукка киириилэригэр сүбэ-ама этилиннэ, уопут атастаһыы барда. 

Ураты тыыннаах турнир буолла

Күрэххэ 33 оҕо кытынна:  

 

1-4 кылаас үөрэнээччилэригэр: 

1 миэстэ –Арылхан Терентьев, 1 «б» кыл.;

2 миэстэ – Сарыал Охлопков, 2 «г» кыл.;

3 миэстэ –Даниил Охлопков, 4 «а» кыл.

Анал бириис – Розалина Оконешникова, 2 «д» кыл.

5-8 кылаас үөрэнээччилэригэр:

1 миэстэ –Георгий Попов, 8 «б» кыл.;

2 миэстэ –Арсен Васильев, 6 «а» кыл.;

3 миэстэ – Николай Иванов, 6 «а» кыл.

Анал бириис – Валентина Уваровская, 7 «в» кыл.

 

9-11 кылаастарга:  

1 место –Айсен Горохов, 9 «а» кыл.;

2 место –Денис Иванов, 10 «а» кыл.;

3 место –Рихард Рожин, 9 «в» кыл.

Анал бириис – Альбина Максимова, 9 «в» кыл.

 

Манна даҕатан эттэххэ, бириис барыта оҕолорго сөптөөх, наадалаах буолан, оҕо кыайыытын кытта бириискэ үөрүүтэ  эбилиннэ. Мэтээллэр эмиэ, аныгы технологиянан маһы кытта органическай өстүөкүлэни бэрт табыгастаахтык аттаран, үчүгэйкээн, сонун көстүүлээх гына оҥоһуллубуттар. Бу тэрийээччи Егоровтар дьиэ кэргэттэрэ ылсыбыт дьыалаҕа дьоһун, эппиэтинэстээх сыһыаннарын туоһута диэн бэлиэтиэххэ наада.

Хас категория аайы анал бириискэ кыргыттар ааттара ааттанна. Аны турнир биир бэлиэ тэрээһининэн саахымакка, саахымат сайдыытын хардыыларыгар, бииргэ төрөөбүт кыргыттар саахымат күрэхтэригэр ситиһиилэригэр анаммыт быыстапка буолла. Манна араас матырыйаалтан оҥоһуллубут саахымат хонуулара, фигуралара үгүс киһи болҕомтотун тарта. Дьэ, ити курдук бу күрэх аҥаардас саахымакка оонньооһун эрэ буолбакка, эргиччи сайдыы туһугар дьоһун хардыылары оҥордо. 

 

Күрэҕи тэрийиигэ Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын (дириэктэр Н.В. Слепцов), “Тускул” КК (салайааччы В.А. Чепалов) кэлэктииптэрэ, И.И. Захаров аатынан дуобат уонна саахымат кулуубун салайааччыта Р.И. Жирков уонна Егоровтар дьиэ кэргэн бииргэ түмсэн, сүбэлэһэн-амалаһан үлэлээбит буолан, тэрээһин бары түһүмэхтэрэ эҥкилэ суох биир тыынынан аастылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...