Эдьиий Дора уонна норуот
Эдьиий Дора 60 сааһынан дьоро киэһэ буолаары турарын туһунан соцситимҥэ аҕыйах күн иннинэ биллэрбиттэрэ. Ол үрдүнэн Опера театрыгар дьон ситэ баппакка, үгүстэр төннүбүттэрэ. Ити кинини кытта дьон көрсүөн, тылын-өһүн истиэн, алгыһын ылыан баҕаралларын көрдөрөр.
Дьон иҥэрбит Ытык аата
“Эдьиий Дора” – бу Федора Иннокентьевна Кобякова бэйэтэ ылыммыт псевдонима буолбатах. Урут уһун синньигэс кэрэ кыыс эрдэҕинэ айылҕаттан айдарыылааҕын саҥардыы сэмэйдик биллэрэрин кытта, өтө билэрэ, эмтиирэ олус сөхтөрөрө сүдүтүттэн, дьон бары, үтүктүспүт курдук, сахалыы Ытык аатынан сүрэхтээбиттэрэ. Оччолорго бассаап эҥин суоҕа. Стационарнай төлөпүөн да аҕыйах кэмигэр түөлбэттэн түөлбэҕэ “Эдьиий Дора дуо?” диэн Ытык аат бэрт түргэнник тарҕаммыта.
Сотору ити ааты иһиттэллэр, ситэн-хотон толуу Далбар Хотун буолбут бэйэтин эбэтэр хаартыскатын көрдөллөр эрэ, тута дьонтон эрэ уратытык сэргии түһэр буолбуттара. Билсиэхтэрин, кыһалҕаларын этиэхтэрин, тугу эрэ сүбэлэтиэхтэрин, алҕатыахтарын, арчылатыахтарын баҕараллара. Олус баҕарар эрээри, сүдүтүттэн толлон, бүгүн даҕаны чугаһаабаттарын билинэээччилэр эмиэ бааллар.
Эдьиий Дораҕа аан бастаан сүүрбэччэ сыллааҕыта, суола-ииһэ мөлтөх, сөмөлүөт, бөртөлүөт дэҥ сылдьар сиригэр Кэбээйигэ олорор-үлэлиир, кыра оҕолордоох эрдэҕинэ, дьон кэлэн эмтэнэр, илдьэ баран алҕатар, арчылатар, кыһалҕаларын быһаартарар буолбуттара. Оттон Дьокуускайга көһөн кэлиэҕиттэн улуустарга, нэһилиэктэргэ, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар (сырытыннарбатах, сылдьыбыт сирдэрэ олох аҕыйах ини), дойду тас өттүлэригэр кытта илдьэ барар буолбуттара.
Ааһан истэҕинэ билбитим
Мин айылҕалаах дьону оҕо эрдэхпиттэн сэргээбит, “Ойууттар, удаҕаттар” кинигэни суруйан таһаартарбыт киһибин. Ол гынан «айдарыылаах» дэммиттэри кытта көрсөртөн толлобун.
1995 сыл эбитэ дуу? Эдьиий Дора сураҕа саҥардыы иһиллэн эрдэҕинэ, “Эдэр саас” хаһыаты тэрийэн, кынаттанан үлэлии сылдьарым. Бэчээт дьиэтигэр 52-с кабинет түгэҕэр остуолбар олордохпуна, аһаҕас ааммытынан толуу дьахтар элэс гынан ааспыта. Мин оччолорго Дора Иннокентьевнаны хайдах дьүһүннээҕин, итинник үрдүк уҥуохтааҕын билбэт этим. Хаартыскатын да көрө илигим. Ол эрээри тоҕотун билигин да дьиктиргиибин: “Ити Эдьиий Дора ааста быһыылаах, мин кинилиин хаһан эрэ билсиэм”,- диэн санаабытым. Ол туолбута.
Кини кыһалҕалаахтарга көмөлөһөөрү, кырдьык, түүннэри-күннэри, суола-ииһэ да суох сиртэн толлубакка айанныырын, сыаната кыайан кэмнэммэт улахан үлэни толорорун хаста да бииргэ сылдьыһан илэ билбитим. Сороҕор түүн үөһүгэр диэри үлэлээччи. Харыстааммын: “Тоҕо сынньаммаккын?” - диэччибин. “Кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһө сатыыр буоллаҕым”, - диэччи. Бэйэм араас улуустарга тиийдэхпинэ, Эдьиий Дораны суруйбуппун, кинилиин сэһэргэһиибин тэлэбиисэргэ хаста да көрбүт буоланнар, дьон ыйытар, кинилэргэ тугу сөхтөрбүтүн номох оҥостон кэпсииллэр.
Ымыылар ыллыыллар
2003 сыл саас “Орто дойду” хаһыатым тахсыбакка тохтоон турдаҕына Эдьиий Доралыын аан бастаан билсиһэн, иккиэн эрэ атах тэпсэн олорбуппут. Сотору саҥа өйөөччүлэр көстүөхтэрэ диэбитэ. Үбүлээччилэр үөйбэтэх өттүбүттэн таай омуктан көстөн, хаһыатым иккис тыынынан тахсан барбыта. Сайын бастакы сиэним күн сирин көрбүтэ. Арай болкуоммар эмискэ туох эрэ элэс гынна. Ол диэки аһара чуор чыычаах саҥата чыбыгыраата. Мин мөлтөх харахтаах буолан дуу, оннук кэрэ чыычааҕы олох көрө илигим. Сап-саһархай көп түүлээх, түөһүгэр хаалтыс курдук тардыылаах, кыната сылгы чыычааҕын курдук эриэн, төбөтүгэр хараҥа халлаан күөҕэ бэргэһэлээх, өссө, киэргэтээри, кыһыл хаймыылаах попугай курдук. Энциклопедияҕа көрдүм: Синица –чычып-чаап диэн ымыы чыычаах эбит. Сиэн уолбут ол кэмҥэ син улаатан, бос курдук этэ. Арай көрбүтүм, халыҥ саһархай көп түүлээх сибиитирэ кэтэн сытар, хара замоктаах. Оруобуна ол чычып-чаап курдук. Ону бу Эдьиий Дора ымыы ыыппыт эбит дии санаабытым. Онтон сиэннэрбит эбилиннэхтэрин аайы, ол болкуоммутугар элэс гынан кэлэр-барар кэрэ чыычаахтарбыт эмиэ эбиллэн иһэллэр. Дьиибэтэ баар, биирдэ Москваҕа барарбар Эдьиийинэн алҕаттым. Түөрт этээстээх дьиэҕэ олохсутуохтара. Тиийээт нүөмэргэр сээкэйгин ууран баран тахсан уҥа диэки бараар. Онно тыа ортотугар прудик аттыгар аарыма мас турар. Илдьэ барбыт алаадьыгын онно уурар диэбитэ. Оруобуна оннук этэ. Арай сарсыарда били ымыым чыбыгыраата. Болкуоммар көрбүтүм – синица элэс гынан кэлэн түстэ. Чахчы Эдьиий арыалдьыт анаабыт диэн үөрбүтүм аҕай. Булочка уурарым. Күҥҥэ хаста да кэлэрэ.
Өссө биир дьиктитэ – атын дьиэҕэ көспүппүт. Онно олохсуйбуппут иккис күнүгэр: “Оо, дьэ, чыычаахтарбыт сүтэрдэхтэрэ. Баҕар, кэлээйэллэр”, - диэн болкуон түннүгүн арыйбытым. Сотору чыычаахтарбыт кэлбиттэрэ. Барахсаттар, көтөн батыспыттар дуу? Уонна чуо биһигини хайдах буллулар?
Мин Эдьиийи иллэҥэ суох диэн балайда кэмҥэ тэйсэ сылдьыбытым. Ол кэмҥэ чыычаахтар кэлбэт буолан хаалтара. Эмискэ оһолго түбэспитим. Эдьиийгэ хаттаан ситимҥэ тахсыбыппар, чыычаахтар эмиэ кэлэр буолтара. Онон эмтэнэр суоллар аһыллан барбыттара...
Бадарааны билиммэккэ
2003 сыл күһүнэ. Төлөпүөнүнэн билбэт куолаһым: “Дорообо, Андрей Новиков диэммин. Атласов Уйбаанчык доҕоробун. Ол киһиэхэ сибилигин эрийбиппэр, соҕотоҕун Чэриктэйдиирбин истээт, Уйбаан Уһунуускайга эрий диэн төлөпүөҥҥүн биэрдэ”, - диэтэ. Доҕорум Уйбаанчык барахсан (билигин биһиги ортобутугар суох). Кинилиин өрөбүл аайы кэриэтэ алаастарынан, өрүһүнэн балыктыыр, сынньанар да этибит. ”Кэлсэр буоллаҕына, илдьэ кэл”,- диэн дьаһайбыт... Сонно киэһээҥҥи Хаҥалас – Суотту паромун баттаһаары өйүө ыла маҕаһыыҥҥа ыстаммытым. Дьиэбиттэн тахсан кирилиэһинэн аллараа түһэн эрдэхпинэ, кэннибититтэн кэргэним хаһыытаата: “Ваня-а, кэл-кэл, Эдьиий Дора төлөппүөннүүр”. Лифт үлэлээбэт, төттөрү таҕыстым. Дорооболоһоот, этиитэ быһа-бааччы буолла:
– Уйбаан, Чэриктэйдиир эбиккин. Миигин, Эдьиийгин, илдьэ бараҕын. Үөһээлэр инньэ диэтилэр...
(Чэриктэй ити кэмҥэ улахан ууга баран баран, өрүттүбэккэ олороро. Ыаллар дьиэлэрин, малларын-салларын куурдаары, муосталарын көтүрэн, күһүн хойукка диэри ааннарын, түннүктэрин арыйан өрөмүөннүүллэрэ. Кыра дьиэлэригэр, хоспоххо, ампаарга баанньыкка, балааккаҕа олороллоро. Онон үс киһи түүн тиийэн хонук сир көрдүүрэ уустук этэ).
Аттыбар турар кэргэммиттэн сибигинэйэ ыйыттым:
– Эн эттиҥ дуо?
– Суох.
Мин улаханнык сөхтүм.
– Бээ, Эдьиий, антах эйигин ким көрсөр?
– Суох. Бэйэбэр үөһээлэр субу эттилэр.
– Бээрэ, Эдьиий, биһиги кып-кыра “Нива” массыынанан барабыт.
Итини истэн Дора Иннокентьевна кыыс оҕолуу куолаһынан ыйылыы-ыйылыы күллэ аҕай.
– Ээ, чэ, Эдьиийбит батыаҕа.
Кини курдук улахан киһини түүн үөһээ сэрэппэккэ илдьэн ханна түһэрэбит? Нэһилиэк баһылыга Яков Бочкаревка сибилигин эрийбитим, куораттаабыт диэбиттэрэ (оччолорго мобильный төлөпүөнэ суоҕа). Улуус баһылыга суотабайын ылбат этэ. Санаабын курдат таайан:
– Чэ, хонор сири булуохпут. Мин Англияҕа быһаарсыылаах улахан айаҥҥа барыахтаахпын. Ол иннинэ, өрүс мууһура илигинэ, Эбэлэрбиттэн алгыс кынат ылыахтаахпын... -- диэн кэбистэ. Ол “Эбэ” диэн Алланы этэрэ дуу, Эдьиий Биэрэни дуу?
Аны ДСК-нан эргийдэхпитинэ, парому баттаһабыт дуо? Ардах түһээри, былытыран аҕай эрэр. Эдьиийбитин суолга эрэйдиэхпит диэн долгуйуу бөҕө. Бириистэҥҥэ тиийбиппит, паром аттыгар дьон бары маҥан таҥас тэлгэтиллибитин диэки хайыһан, санаарҕаабыт аҕай сирэйдэринэн одуулууллар. Тугуй? “УАЗ” фургон ууга түспүтүн водолазтар кэлэн таһаартаабыттар. Биир дойдулаахтарым, бэркэ билэр дьонум ууга былдьаммыттар. Василий Румянцев массыынатын туормастаары гаһын үктээн, траптан ууга түһэн хаалбыттар. Кэргэнэ Клараны массыына аанын аһан таһааран баран, атыттары быыһаары бэйэтэ былдьаммыт. Клара өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чемпионката. 18 миэтэрэлээх ууттан харбаан тахсыбыт. Ырыаҕа үөрэппит учууталым, эдьиийим дьүөгэтэ Евдокия Ивановна икки сиэнинээн былдьаммыт. Олору кэккэлэһиннэрэ сытыаран, маҥан таҥаһынан саппыттар. Эдьиий итини билэн, санааларын чэпчэтээри, ыксаан кэллэҕэ... Кини миэхэ:
– Олоххо араас буолар, үчүгэйи эрэ санааҥ, – диэн уоскуппута. Оһол абааһыларын тэйитэрдии, ардах ытыырдыы, хараны сууйардыы, тигинэччи түһэн барбыта.
Дьүкээбил
Көлөбүтүн үүннээччибит улахан төрүттээх эбит. Норуот поэта Күннүк Уурастыырап хаан-уруу аймаҕа, норуодунай ырыаһыт, ыалым Нина Новикова-Чигирева бииргэ төрөөбүт инитэ. Эдьиий Дора киниэхэ намыһах уҥуоҕар, туттуутугар, массыынатыгар сөп түбэһиннэрэн аат иҥэрдэ.
– Сур соноҕостоох Өндөрүөйчээн – оноҕостоох Чоохоон, ыксаабакка айаннатан, сырылатан ис, – диир. Дьэ, кырдьык, сырылатыы да сырылатыы.
Бөрөлөөххө Дүпсүн нэһилиэгин сиригэр киирэр бэлиэҕэ тохтоотубут. Мин биһигиттэн соҕуруу алаас уҥуор ыйан, онно үөрэхтээх Афанасьевтар биир сүрүн чөмчөкөлөрө Алексей Петрович өтөҕө, икки мэндиэмэннээх ампаара, атын да тутуулара билигин да чөл туралларын кэпсээтим. Онуоха былыт дьайҕаран хаалла. Халлааҥҥа дьүкээбил оонньоото (?). Чахчы дьүкээбил дуо? Түүл дуу, илэ дуу? Күһүн баччаларга хоту да маннык дьүкээбил оонньуура саарбах. “Эдьиий былыты хамсатан, ити көрдөрөр дуу?” Ол сибилиҥҥи ытыс таһынар хараҥаны сырдаппыттарыгар, Афанасьевтар тутуулара көстөн кэллилэр.
Алыһардаах удаҕан иккистээн төрөөһүнэ
Андрей массыынатын көрүнэр кэмигэр Эдьиий:
- Ол онон, - Афанасьевтар өтөхтөрүн нөҥүө тыаны ыйда. – Биир үрэх манан, биир үрэх онон усталлар эбит. Итиннэ балык аатынан ып-ыраас уулаах күөл баара көһүннэ (Итиннэ өрүс балыктаах, моонньугар диэри ууга турдаххына атаҕыҥ тарбахтара, балыктар уста сылдьаллара ырылыччы көстөр Алыһардаах диэн аатырбыт сөтүөлүүр күөл баар эбээт).
Онтон өссө салыннарбыта:
– Ол күөл аатынан Эдьиий хаттаан төрүү сылдьабын ээ. Итини кимиэхэ да этээххиний, – диэбитэ (кэлин этэр кэм кэллэ диэбитин иһин бу аан бастаан суруйдум). Алыһардаах удаҕан туһунан биһиэхэ сүрдээн-киэптээн аҕай кэпсииллэрэ. Төрдүгэр Дүпсүнтэн хаан булкаастаах. Ол иһин биһиги дойдубутугар куруук кэлэн барар уонна үс Алыһардаах диэн ааттаах алаастарбытыгар хайаан да сылдьара дииллэрэ...