02.05.2023 | 20:22

Эдэр ыаллар болҕомтолоругар: Дьиэлэнэр кыах баар!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 2 күнүттэн ыам ыйын 31 күнүгэр диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Хаачыстыбалаах олорор дьиэнэн хааччыйыы» судаарыстыбаннай бырагырааматын иитинэн «Эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыы» хос бырагырааматыгар учуокка турарга сайабыланньалары ылаллар. 
Сайабылыанньаны «E-yakutia» порталга (https://e-yakutia.ru/#/service/1400000010000197043/ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох РФ гражданнара биэрэр кыахтаахтар: 
- Биир уонна онтон элбэх оҕолоох эдэрдэр ыаллар, ол иһигэр кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ РФ гражданина буолумуон сөп;
- РФ гражданина төрөппүттээх толорута суох дьиэ кэргэн;
- Дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарыыга наадыйар буолуохтаах, ол эбэтэр дьиэ кэргэн биир чилиэнигэр 9 кв.м. итэҕэһэ суох болуоссат тиксиэхтээх;
- Дьиэ кэргэн кирэдьиит ылар эбэтэр атын үбү уларсар кыахтаах дохуоттаах буолуохтаах;
- Сайабылыанньа биэрэр түгэнигэр Дьокуускай куоракка бастайааннай пропискалаах буолуохтаах;
- Инники өттүгэр атын бырагыраамаҕа кытта илик буолуохтаах. 
Ирдэнэр докумуоннары сиһилии Олох-дьаһах сыһыаннаһыыларыгар департамент сайтыгар эбэтэр 8 (4112) 22-60-18 төлөпүөнүнэн билсиэххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Бобёр: «Үрдүк Айыылартан эрэ көрдөһөҕүн, ханнык да хамандыыр кэлэн быыһаабат»
Дьон | 09.05.2025 | 14:00
Бобёр: «Үрдүк Айыылартан эрэ көрдөһөҕүн, ханнык да хамандыыр кэлэн быыһаабат»
Анараа хас биир күн күндү: бүгүн бааргын — сарсын суоххун... Уолаттарбыт барахсаттар араас моһолтон, чуһуурар буулдьаттан, үөһээттэн көтөн кэлэр «дьэгэ-баабалартан» кыл түгэнэ, мүччү-хаччы түһэн төннөн кэллэхтэринэ, айыыларбытыгар эрэ махтанабыт буоллаҕа. «Бобёр» позывнойдах хорсун буойун иккистээн хантараак баттаан сэриилэһэ сылдьан бааһыран, билигин Москваҕа госпитальга  кэлэн эмтэнэ сытар.   Бобёр 2023 сыл саҥатыгар,...
Эр киһи наада дуо?
Сынньалаңңа | 18.05.2025 | 21:35
Эр киһи наада дуо?
Бу киһи эмиэ мэлийдэ. Күүтэн-күүтэн көхсүм сылайда, кэтэһэн-кэтэһэн кэтэҕим элэйдэ. Баҕайы, эмиэ ханна эрэ халаара сылдьара буолуо, эбэтэр гаражка тиийэн хаартылыы олороро дуу? Уопсайынан, эр киһи туохха наадалааҕый? Күннээҕи олоххо дуу, түүҥҥү таҕылы ханнарыыга дуу? Саатар дьиэтигэр кэлэн дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн тэлэбиисэр да көрөрө баҕалаах. Сорох дьахталлар эрбит суох буоллаҕына...
Историяны сэгэттэххэ...
Сонуннар | 10.05.2025 | 12:06
Историяны сэгэттэххэ...
Улуу Кыайыы 80 сылын чэрчитинэн быйылгы сыл Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларын биллэриллибитэ.  Оттон култуура  тэрилтэлэригэр быйыл – История өйдөбүнньүгүн сыла.   Дьокуускайга сахаттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Поповка аналлаах пааматынньык турда.  Дьоруой биир дойдулаахтара, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Баатара нэһилиэгин бэрэстэбиитэллэрэ дьоруой аймахтара  Федор...
Айталина Спиридонова: «Бэйэ-бэйэҕин сатаан истиһэр, биир көрүүттэн өйдөһөр буолаҕын...»
Дьон | 17.05.2025 | 18:00
Айталина Спиридонова: «Бэйэ-бэйэҕин сатаан истиһэр, биир көрүүттэн өйдөһөр буолаҕын...»
Бүгүҥҥү сэргэх сэһэргэһээччибит күөрэгэй чыычаахтыы дьырылатар куолаһа көрөөччү кутун-сүрүн тутар. Кини сөбүлээн толорор ырыатыгар ыллыырыныы, «сүрэҕинэн талар сиргэ тугу таптыырын». Билсиҥ, «Туймаада» судаарыстыбаннай ырыа ансаамбылын солиһа Айталина Спиридонова.   • Тылбын ыйыстан кэбистим, испиттэн туох да тахсыбат... • «Чэ, дьээбэҕэ...» диэн тиийбиппит... • Киһи ылла да үөрэммэт, сылы-сыллаан үгүс дьарык түмүгэр...