10.10.2020 | 13:30

Эдэр учуонай Игорь Данилов

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү ыалдьытым оҕо эрдэҕиттэн учуонай буоларга дьулуһар. Игорь Данилов сыл ахсын араас таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ кыттар, ону таһынан тэрийсэр. Билиигэ баҕалаах, сырдыкка талаһар, элбэҕи эрэннэрэр ыччаттыын кэпсэтиибитин таһаарабын.

-Мин Мииринэй улууһун Сүлдьүкээр бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин, онно 9 кылааһы бүтэрбитим. 10-с уонна 11-с кылаастарга Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ үөрэммитим. Ол кэннэ университекка  саха тылын уонна литературын учууталыгар туттарсан киирбитим. Билигин үһүс куурус буоллум.

-Науканан хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын?

-Науканан кыра кылаастан дьарыктанабын. «Кэскилгэ хардыы» кэмпириэнсийэттэн үүнэн тахсыбыт ыччаппын. Ити кэмпириэнсийэ эрэ буолбатах, бэрт улахан уонна сүдү хамсааһын. Оҕону сайыннарар күүс. Онтон ыла утумнаахтык науканан дьарыктанабын диэххэ сөп. Наука киэҥ эйгэтигэр интэриэһи сахпыт Сүлдьүкээрим учууталларын –  Ольга Кирилловна Павлованы, Елизавета Петровна Игнатьеваны  истиҥник ахтабын. Онно ийэм Никифорова Галина Ивановна оруола эмиэ улахан: бары саҕалааһыннарбын өйөөн, күн бүгүнүгэр диэри тутаах сүбэһитим, сүрүн күөдьүтээччим – кини. Лиссиэйгэ үөрэнэ кэлэн баран наукаҕа интэриэһим ордук улааппыта, чуолаан саха эйгэтигэр. С.Г. Олесова, В.Н. Протодьяконов, В.В. Илларионов, А.Н. Павлов-Дабыл, И.Н. Сорова курдук учуонай учууталлардаах буоламмын буолуо. Улахан учууталым Саргылана Гаврильевна Олесова саха наукатын аартыгар сиэтэн киллэрэн, олоҥхону үөрэтэр А.А. Кузьмина, Г.С. Попова-Санаайа курдук ааттаах-суоллаах чинчийээччилэри, тылга үлэлиир эдэр учуонай Н.В. Малышеваны кытта ситимнээбитэ. Оскуолаҕа сылдьан олоҥхону ырыппытым. Тыл, литэрэтиирэ төрүтэ олоҥхо буоллаҕа дии. Олоҥхоттон кынат анньынан, билигин саха тылын лиэксикэтин үөрэтэбин.

-Тыый! Бачча кыахтаах уол, киин үөрэх кыһаларыгар тахсар  кыахтааҕыҥ буолуо дии?

-Киин үөрэх кыһаларыгар үөрэнэ барар кыах баһаам этэ: бэл, ГИТИС-кэ үөрэнэргэ миэстэ биэрбиттэрэ, МГУ-га целевойунан үөрэттэриэхтэрин баҕарбыттара. Тоҕо барбатахпын, туох тохтоппутун билбэппин. Саха тылыгар киирэбин диэн бигэ санаалаах этим. Дьиибэ. Кэмсиммэппин.

-Чэ, наукаҕа киириэххэ. Эн бүтүн устудьуоннары көҕүлүүр киһи эбиккин. «Билим» диэн тугуй?

-Биһиги институппут иһинэн сахалыы тыллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Билим» кэмпириэнсийэ ыытыллыбыта үһүс-хаһыс сыла буолла. Тэрээһини Ирина Владимировна Собакина диэн энтузиаст учуонай сүрүннүүр. Икки сылтан бэттэх кинилиин бииргэ тэрийсэбин. Бу кэмпириэнсийэҕэ лиссиэйгэ үөрэнэр эрдэхпинэ, бастакы кууруска сылдьан бэйэм даҕаны кыттааччыбын. Кэмпириэнсийэ сахалыы тыллааҕын сэргиибин, ол иһин үлэлэһэбин. Сахалыы наука баар буоларыгар, ол аата саха тылын туттуллуута кэҥииригэр көҕүлүүр. Биһиги бары – институт уһуйааччылара, устудьуоннара, саха тылын хайдах эмэ харыстаабыт, харааннаспыт киһи диэн санаанан салайтарабыт. Оскуолаҕа саха тылын үөрэтиини аччаталларын олус ыарыылаахтык ылынабыт, биһиги эрэ буолбатах.

-Олохпут куйаар ситимигэр олоҕурда, оҕустарда. Ама, бу сайдыы үһү дуо? Эдэр киһи, туох дии саныыгын?

-Олохпут "виртуальнай" буолбута чахчы, тыыннаах алтыһыы аҕыйаатар аҕыйаан иһэр. Итиннэ аныгы технология буруйа суох. Киһи бэйэтэ эрэ: дьарыгын, бириэмэтин, интэриэһин сатаан аттарбатыттан. Оттон интэриниэт, көмпүүтэр – олохпут сайдыытын туоһулара бөҕө буоллахтара дии.

-Ситиһиилээх устудьуон диэн кимий?

-Дьэ, ону сатаан аттарар, сөбүгэр туһанар устудьуон ситиһиилэнэр, ситиһиилээх буолар дии саныыбын.

-Сэргэлээххэ күнүҥ хайдах ааһар?

-Сэргэлээххэ олорботоҕум сыл аҥарыттан орто. Бу хамсык олохпутугар кэккэ уларытыылары киллэрдэ аҕай. Уопсайбын, устудьуон олоҕун олус ахтабын. Дьиэҕэ көмпүүтэр, төлөпүөн иннигэр олорон үөрэниини устудьуон олоҕо диэххэ сөп дуо?! Устудьуон олоҕо Сэргэлээххэ ордук истиҥ буоллаҕа дии.

-Кинигэни төһө ааҕаҕын? Ыччакка тугу сүбэлиигин?

-Кинигэни аахпат буолбатахпын. Уус-уран айымньыны ааҕарым аҕыйаата, ордук билим литэрэтиирэтин көрөбүн. Саха литэрэтиирэтиттэн Николай Якутскай "Төлкө", Амма Аччыгыйа "Сааскы кэм" кинигэлэрин сүбэлиибин.

-Саха тыла сайдарын туһугар тугу гынабыт?

-Саха тыллаах контент баара буоллар, интэриниэккэ. Ол аҕыйах быһыылаах. Ол эрээри онно ылсан эрэр ыччат аҕыйаҕа суох, үлэ барар. Ону ааһан, тыл наадатын өйдүүр эдэр төрөппүттэр элбииллэрэ ирдэнэр, өйдөтүү үлэтин ыытыахха, кинилэргэ тыл туһатын кэпсиэххэ наада, аныгы ньыманан, аан ситим кыаҕын туһанан. Дьэ, ол ньыманы тобулар биир үлэ.

-Үөрэх кэннэ эбии туох дьарыктааххын?

-Үөрэммит лиссиэйбэр гуманитарнай хайысхаҕа куратордыыбын. Билим дьоҕус академиятыгар бу үөрэх дьылыттан саҕалаан методистыыбын. Аны араадьыйаҕа «Ыччат анаарар» диэн биэриини ыытан эрэбин, онно эдэр учуонайдары кытта олоҥхону, тылы, литэрэтиирэни чинчийии тула кэпсэтиэхпит.

-Игорь, арай, өскөтүн таллараллара буоллар, атын сиргэ, дойдуга, туох киһи буолан тахсыаҥ этэй?

-Дьэ, бэрт ыйытыы буолла. Эппиэттииргэ уустук. Хаһан да бу туһунан толкуйдаабатаҕым. Оннубунан хаалыам эбитэ буолуо.

-Дипломнай үлэҕин ханнык тиэмэҕэ суруйаары сылдьаҕын?

-Тылга суруйуохпун, учуутал идэтигэр үөрэнэбин. Онон оскуолаҕа сыһыаннаах тиэмэ буолара ирдэнэр. Тылы ырытарым таһынан, "Үөрэнээччилэр чинчийии үлэлэрин тьютордыы арыаллааһын" диэн тиэмэҕэ үлэлиибин, арааһа, бу үлэбин дипломнай гынарым буолуо.

-Саха ыччатыгар баҕа санааҥ?

-Ыччат дьоҥҥо, үөлээннээхтэрбэр дьарыктаах уонна сыаллаах буоларгытыгар баҕарабын. Оччоҕуна олоххут ордук интэриэһинэй буолуоҕа. Элбэхтик кэпсэтиҥ, толкуйдааҥ уонна хамсаныҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....