Эдэр спортсменнарга гырааннары туттардылар
«Дохсун» спорт Киинигэр СӨ үүнэр көлүөнэтин Целевой пуондатын «Содействие развитию Регионального центра выявления и поддержки одаренных детей РС(Я)» тэрээһинин чэрчитинэн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ талааннаах оҕолорун күрэҕин түмүгүнэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга гырааннары туттарыы ыытыллыбыт. Бу туһунан СӨ үүнэр көлүөнэтин целевой пуондатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тэрийээччилэр – СӨ талааннаах оҕолору булар уонна өйүүр Регионнааҕы киин (СӨ наукаларын Аччыгый академията), В.А, Босиков аатынан музыка Урдүкү оскуолата, Посельскайдар ааттарынан балет оскуолата, спорт резервэтин бэлэмниир Өрөспүүбүлүкэтээҕи киин.
Целевой бырыгараамалар Управлениеларын начаалынньыга Сардана Попова бэлиэтээбитинэн, бырайыак олоххо киириитин бастакы сыла ситиһиилээхтик ааспыт.
«Партнердарбытын кытта наука, култуура, искусство, креативнай индустрия эйгэтигэр талааннаах оҕолору булар уонна өйүүр сыаллаах оройуоннарынан үөрэҕирии экспедицияларын ыыттыбыт. «Во имя будущего» бырагыраамабыт хайысхатынан гырааннары олохтоотубут. Бу бырагыраама салҕаныаҕа, гырааны туппут оҕолорго өссө үрдүк түмүктэри уонна спортивнай ситиһиилэри баҕарабын», — диэбит Сардана Попова эҕэрдэ тылыгар.
СӨ үөрэҕириигэ уонна наукаҕа Министиэристибэтин аатыттан миниистир солбуйааччыта Владимир Тихонов тыл эппит. Кини СӨ талааннаах оҕолору булар уонна өйүүр Регионнааҕы киин 2017 сыллаахха, «Талант и успех» Үөрэҕирии Пуондатын «Сириус» Үөрэҕирии киинин кытта Сөбүлэҥинэн, СӨ наукаларын Аччыгый академиятын баазатыгар тэриллибитин санаппыт.
«2021 сылга Регионнааҕы кииҥҥэ аныгы тэрили атыылаһыыга 200 мөл. солк. тахса федеральнай үп көрүллүбүтэ. Онон араас хайысхаларынан бастыҥ усулуобуйалар, ол иһигэр спорт сайдыытыгар тэриллибиттэрэ. «Дохсун» спорт комплексыгар — стендовай уонна буулдьанан ытыы тренажера, дзюдоҕа татами, дуобат оонньуутугар эмиэ», — диэбит миниистир солбуйааччыта.
«Итинник усулуобуйалар эдэр спортсменнар үрдүк ситииһилэнэллэригэр уонна төгүрүк сыл эрчиллэллэригэр төһүү күүһүнэн буолаллар. Ити аныгы тэриллэр спорт 14 көрүҥүн сайыннарарга анаммыттар. Итинник улахан өйөбүлгүт иһин махтанабыт», — диэбит СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка миниистирин солбуйааччы Александр Бугаев.
Гырааны спортка уһулуччу ситиһиилээх Саха сирин 16 үөрэнээччитэ туппуттар. Критерийдэр ортолоругар – Арассыыйа таһымнаах, норуоттар икки ардыларынааҕы спартакиадалар, турнирдар, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук уонна өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэрэ. Итини тэҥэ физическэй култууранан уонна спордунан тиһиктээхтик дьарыктаныы учуоттаммыт.