Эдэр патриоттарга саҥа балаһаакка баар буолла
Бүгүн, алтынньы 17 күнүгэр Строительнай уокуруктааҕы Оҕо киинигэр «территориЯ – ПАТРИОТ» саҥа балаһаакка үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Куорат сайдыыта ситиһиилээх буоларыгар аныгы инфраструктура баара ирдэнэр, итинтэн нэһилиэнньэ олоҕун усулуобуйата тупсара тутулуктаах. Строительнай уокурукка инфраструктураны сайыннарар сыаллаах «территориЯ – ПАТРИОТ» бырайыак оҥоһуллубута. Сүрүн сыалынан Бүтүн Арассыыйатааҕы «Лучший Дом Юнармии» көрүү-күрэх кыайыылааҕа – Эдэр армеецтары бэлэмниир киин уонна оҕолору социализациялыыр бырагыраамалар күрэхтэрин кыайыылааҕа «Ураһа» креативнай туона территорияларын тупсарыы буолар.
«Юнармияҕа икки сыл сылдьабын. Манна үчүгэй киһи буоларга, хамаанданан үлэлииргэ, уустуктары этэҥҥэ туоруурга үөрэтэллэр. Саҥа дьону кытта билсэбит, патриот буоларга үөрэнэбит, дойдубут историятын кытта билсэбит», - диэн кэпсиир 14 саастаах киин иитиллээччитэ Марям Мирзоева.
Бырайыак чэрчитинэн территорияҕа коворкинг-беседка, сайыҥҥы терраса, спортивнай уонна сценическэй балаһааккалар оҥоһулуннулар.
«Биһиги олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа кыттан кыайдыбыт. Бүгүн үлэбит түмүгүн көрөбүт. Билигин территорияҕа тэҥҥэ хас даҕаны бөлөх дьарыктаныан сөп. Манна уокуругу кытта араас маассабай тэрээһиннэри ыытыахпыт. Сайыҥҥы кэмҥэ улахан былааннаахпыт, проектор баар буолуоҕа. Оҕолорбут интириэһиргиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Эһиил эмиэ олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа кыттар санаалаахпыт», - диэтэ Дьокуускайдааҕы Оҕо киинин тэрийээччи педагога Антонина Титова.