29.09.2022 | 14:00 | Просмотров: 678

Эдэр худуоһунньуктар үлэлэрин балыыһаҕа бэлэхтиэхтэрэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аан дойдутааҕы Аҕам саастаах дьон күнүн көрсө уонна көрөр-харайар сиэстэрэлэр салаалара арыллыбыта биир сылынан Л.А. Ким аатынан Оҕо художественнай оскуолатын үөрэнээччилэрэ үлэлэрин Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх клиническай балыыһаҕа бэлэхтиэхтэрэ диэн балыыһа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Уруһуйдьут оҕолору худуоһунньук,  Л.А. Ким аатынан Оҕо художественнай оскуолатын преподавателэ Эдита Степанова үөрэтэр.  Кини иһитиннэрбитинэн, «Долгожить» автономнай кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэ (салайааччы Наталия Каратаева) ыытар «Солнечный круг» аһымал аахсыйатын чэрчитинэн оҕолор кылааһынан балыыһа кырдьаҕас дьону көрөр-истэр стационарыгар өстүөкүлэҕэ витражнай уруһуйу бэлэмнииллэр.

Эдита Степанова эппитинэн, 10 чаастан турар уопсай панно баар буолуоҕа. Эдэр худуоһунньуктар уонна преподавателлэрэ кинилэр үлэлэрэ балыыһа ис бараанын киэргэтиэҕэ уонна саастаах дьон настырыанньаларын көтөҕүөҕэ диэн эрэнэллэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.