17.08.2020 | 13:33

Эдэр булчуттарга аҕа киһи сүбэтэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биһиги эдэр эрдэхпитинэ сырыы  бөҕөнү сылдьыбыт, булт бөҕөнү бултаабыт дьон буоллахпыт. Арай  билигин ыараан, айаны-сырыыны кыайбат буолан, дьиэ бөҕө аатыран сырыттахпыт. Бииргэ бултаабыт аҕа саастаах доҕотторбун Атах Дьөгүөрү, Анатолий Кривогорницыны, Владимир Семеновы олох умнубаппын. Кинилэр  сүбэлэрэ-амалара мин олохпор, үлэбэр, бултуурбар элбэҕи туһалаабыттара. Хас биирдии булчут бэйэтэ туспа кистэлэҥнээх, туспа  тутуулаах-оҥоһуулаах. Бу сµбэлэртэн биири эмэ, эдэр булчут  өйүгэр хатаан  хааллаҕына, туһа буолуо этэ. «Кырдьаҕаһы хааһахха хаалыы  сылдьан  сүбэлэт» диэн саха өһүн хоһооно баар. 

                                          Дурда  туттуута

Бастаан бултуур сиргин, күөлгүн үөрэтиэхтээххин, кус ханан, хайа диэки көтүөн сөптөөҕүн быһаарыахтааххын, эн күөлгүттэн  хайа диэки күөллээх, үрэхтээх сирдэр туһаайыыларынан сөптөөх  соҕус сири талан, тумус оттоох, куталаах сиргэ дурдаланыахтааххын.

Сааскы куска уу анна тоҥ буолар. Инньэ гынан, мас тоһоҕону  киһи дэбигис сатаан саайбат. Мин тыаттан тахсан, кыраабыл угун  курдук сонос, киһини курданарынан алта тоһоҕо мас быстабын, бу  дурда иннэ буолуохтаах, өссө киһи саннын саҕа үрдүктээх эмиэ алта тоһоҕо маһы, бу дурда кэннэ буолуохтаах. Түөрт сис маһы,  иккитэ миэтэрэ кэриҥэ, иккитэ – былас кэриҥэ. Үстүү  тоһоҕонон  ураһа сиһин курдук туруору тутан туран быанан эбэтэр  боробулуоханан баайаҕын, аччаччы тартахха бэйэтэ турар, бу  остуолбаны солбуйар. Маны ураһа диэн ааттыахха. Икки кыра  ураһа иннэ, икки уһун ураһа кэннэ. Ураһа ачаахтарыгар били  сис  мастарбын наардаан уурталыыбын, бөҕө буоллун диэн баайабын. Биир ураһаттан сиргэ тиийэ, кириэс-мараас мас уурабын, бөҕө-таҕа буоллун диэн, кэлин талах баайарга наада буолуоҕа. Дурда сиһэ  бэлэм буолла. Талах быһан сигэ күрүө курдук сиһитттэн сиргэ  тиийэ бааччайаҕын, дурда кэннинэн киирэр-тахсар аанныыгын.  От үргээн талахха саба быраҕаҕын, кус көрбөтүн курдук  оҥороҕун.  Тыаттан тахсан киһи олороругар сөптөөх, эмэх чөҥөчөҕү тоҕо  тардан киллэрэн, олох мас оҥостоҕун. Хараҥаҕа көстүүлээх  буоллун диэн, дурдаҥ иннин күн тахсар өттүн диэки оҥоро сатаа. Хас да күн маныыр буоллаххына, ууга сытар оту  хостоон-ороон, дурдаҥ сиһигэр инчэҕэйдии саба бырах, биэдэрэҕин киллэрэн,  уунан оккун саба ыһан сууй. Ыспатаххына дурдаҥ харааран олорор  буолуо, куһу куттуо. Сууйдахха маҥхайар, куурдаҕына дурда бара-суоҕа биллибэт буолар, тыалга-кууска ыһыллыбат, бэриммэт. Өскөтө кус көрөр эбит диир буоллаххына, эмэх хатыҥ туоһун,  эмэҕин тэбээн киллэрэн, дурдаҥ ойоҕоһугар туруору уураҕын,  бу  кус хараҕын баайар, дурда күлүгэ ууга түһүүтэ сырдыыр. 

                               Быстах  дурда

Икки хаппыт үөтү быһа охсон киллэрэҕин. Лабаатын  синньигэс маһынан хатыйан адаарыйа сылдьарын тэҥниигин,  хаптаччы буоларын ситиһэ сатаа, хас да сиринэн оҥоруохха сөп. Оҥорон  баран  лабаалаах өттүнэн утарыта тутан үс муннук курдук  холбуугун, сууллубатын наадатыгар ачаах маһынан тэптэрэҕин.  Отунан сабаҕын, олох мас булунаҕын. Мэһэйдиир лабааларын тоһуталаан ылан кэбиһэҕин. Дурда бэлэм.

                                 Күһүн  манааһын

Кутаҕа, күөл отун тумуһугар, билиигэ дурда оҥостор ордук  буолааччы. Күһүҥҥү куска үксүн тыыга олорон маныыгын. Тыы  саанан ыттахха халбаҥныы сылдьар буолан сыыһарыҥ элбиир.  Эрэһиинэ тыыга кэтитинэн харыстыы быга сылдьар гына  устуруустаммыт, харыс кэриҥэ кэтиттээх хаптаһыны илдьэ  сылдьааччыбын. Түөрт илим чорооҕун курдук мас быстабын,  күөлүн төһө дириҥиттэн тутулуктаах, тыы  устатын саҕа икки туоратын саҕа эмиэ икки сис мас быстабын. Маныахтаах  сиргэр  тиийэн, тумуһун, кутан отун, илдьи тэпсибэккин, мончуук  түһүөхтээх сирин утары алдьаппаккын, атын кэтэх, ойоҕос  өттүнэн  тыыгынан суолланаҕын. Наһаа уу кыламаныгар  диэри  кииримэ, 2-3 миэтэрэ курдук сири хааллар. Тыыҥ тумсун кыпчыттара  икки ураҕаскын күүскэ күөл бадарааныгар батары ас. Тыыҥ  олоҕун  арыый кэннинэн, атын икки ураҕаскын, тыыҥ ойоҕоһун кыйа  ас,  сис мастаргынан саннын туһаайыытынан, эргиччи быанан  баайталаа.  Сис  маһы отунан саба бырах, оккун атын сиртэн  аҕал,  дурдаҥ аттын тыытыма. Били хаптаһыҥҥын тыыҥ олоҕун үрдүгэр  уур, ордор харыс курдук чорбохторунан кэнники ураҕастартан   иннин диэки астаран тыыҥ хамсаабатын ситис, хаптаһын үрдүгэр  олорунан кэбис. Тыыҥ хамсаабат, ытарга табыгастаах. Ураҕаскыт  биир да мутуга суох  буолуохтаах, тыыгытын тэһиэн сөп.

                                          Михаил Апросимов,   СӨ  үтүөлээх  артыыһа,

                                          «Байанай” сурунаалтан ылылынна

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....