Эҥсиэли хочотугар, Максим Аммосов дойдутугар
Бу бырайыак биһиги, орто сааспытын ааспыт көлүөнэ дьон, бэйэбит холобурбутунан оҕолорбутун, сиэннэрбитин төрөөбүт дойдуга ытыктабылга, урукку буолан ааспыт кэмҥэ сүгүрүйүүгэ уонна төрөөбүт сирбитин билиигэ угуйар, ыҥырар сыаллаах ыытыллар диэн толкуйдуубут.
Ааспыт сырыыга чорооммут алгыстаах айана Таатта ытык-мааны сириттэн саҕаламмытын сырдаппыппыт. Оттон бу сырыыга саха норуотун чулуу уола, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятель Максим Аммосов төрөөбүт дойдутугар – Намҥа автодесант буолан ааспытын үөрэ-көтө кэпсиибит.
Айаммыт САССР 100, М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125, Дьокуускай куорат 390 сылларыгар ананна.
П.А. Ойуунускай чугас доҕоро М.К. Аммосовтыын Саха сирэ автономияны ыларын ситиспиттэрэ. Норуоппут, өрөспүүбүлүкэбит кэскилин, инники сайдыытын иһин турууласпыт ытык дьоммут дойдуларыгар айан биһиэхэ барыбытыгар ордук долгутуулаах уонна кэрэхсэбиллээх буолла.
Ол курдук, М.К. Аммосов төрөөбүт төрүт сиригэр-уотугар, Хатырык музейыгар сылдьан элбэҕи биллибит, чахчылары сэргии иһиттибит.
Саха автономията төрүттэниитигэр биир бэлиэ миэстэни ылар киһинэн И.Е. Винокуров буолар. Кини төрөөбүт дойдутугар Аппааныга баар музейга экскурсияҕа сырыттыбыт. Илья Егорович олорон ааспыт олоҕун, историятын, оччотооҕу балаһыанньаны кэпсиир үгүс интэриэһинэйи иһиттибит.
И.С. Шарапов аатынан Никольскайдааҕы сири туһаныы музейыгар биһиги выпуск сааскы ыйдартан бииргэ үлэлэһэбит. Бу иннигэр икки төгүл музей иһинэн Никольскай кыргыһыытын 100 сылыгар аналлаах үлэлэргэ кыттыспыппыт.
Маннааҕы музей "Suorun Omolloon Fest" уопсастыбаннай тэрилтэни кытта бииргэ үлэлиирин сэргии истэн, сибээс олохтуурга сананан, Руслан Васильевич Васильевка таҕыстыбыт. Бу хамсааһын сыала-соруга биһиги бырайыакпыт ситиһэр сыалларыгар сөп түбэһэр уонна үлэлиир хайысхабыт бар дьоммутугар туһалаах буоларын, инники сайдыыга угуйарын мэктиэлиир диэн бэлиэтиибит.
Намҥа айаммыт Никольскайга кэлэн күүстээх субуотунньугунан түмүктэннэ. Хамсааһыммыт үйэтитиигэ үлэтэ кэскиллээҕин бу сырыыбыт өссө төгүл бигэргэттэ.
Прасковья Романовна Протопопова, И.С. Шарапов аатынан Никольскай-дааҕы сири туһаныы музейын дириэктэрэ, СӨ култууратын туйгуна:
– Музей үлэтин туһунан сырдата түс эрэ.
– Биһиги музейбыт Нам улууһугар 1809 сыллаахха нууччалар кэлэн олохтоох сахалары бурдук ыһыытыгар уһуйбуттарын, ол көһөн кэлбит дьон историяларын сырдатар, улуус тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит комбайнердарын, чемпион тырахтарыыстарын, агрономнарын историяларын кэпсиир. Ону таһынан гражданскай сэрии сылларыгар манна элбэх сиэртибэлээх, аатырбыт Никольскайдааҕы кыргыһыы буолбута быйыл 100 сыла. Ол историятын эмиэ сырдатабыт.
– Ханнык тэрилтэлэри, түмсүүлэри кытта үлэлэһэҕит?
– Музей кэлиҥҥи кэмҥэ туристическай фирмалары кытары үлэлэһэн, өрөспүүбүлүкэ таһыттан туристар, ыалдьыттар кэлэллэрэ элбээтэ.
Бүтүн Арассыыйатааҕы История уонна култуура пааматынньыктарын харыстыыр уопсастыбалары (Васильев Р.В., Дьяконов А.В.) кытары 2017 сыллаахтан бииргэ үлэлэһэбит, мин ити уопсастыба чилиэнэбин.
– Араас кэмҥэ оскуоланы бүтэрбит выпускниктар түмсүүлэрин кытта үлэлиир уопуккутун үллэстэ түһүөҥ дуо?
– 2020 сылга 1981 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиттэр (бэйэм эмиэ 1981 сыллаахха бүтэрбитим) 16 улуустан, 32 буолан кэлэннэр "Suorun Omolloon Fest" аахсыйа чэрчитинэн субуотунньук тэрийбиппит. Бурдук ыһааччы Федор Полищенко (гражданскай саҕана үрүҥнэр штабтара) дьиэтин фанеранан бүрүйбүттэрин ыраастаабыппыт. Олус көхтөөх, кыайыылаах үлэ буолбута! Күһүн музейбыт сахалыы балаҕанын сыбаабыппыт. Эмиэ бу аахсыйа чэрчитинэн.
Бу саас баһылыкпыт Алексей Карлович Кривогорницын 85 сыллаах выпусктары – Лилиана Антонованы, Евгений Барашковы кытта билиһиннэрбитэ.
Маай, Үлэ бырааһынньыгар хомуллан кэлэннэр остуолба, сиэрдийэ хатырыктааһыныгар күүстээх субуотунньугу ыыппыттара.
Күһүн Саха АССР тэриллибитэ 100 сылынан Нам улууһун Ытык пааматынньыктарыгар сылдьан, сүгүрүйэн, алгыстаах чорооннорун аҕалан, биһиги музейбытыгар көрсүһүү оҥорбуттара. Тэрээһин музейбыт күрүөтүн остуолбаларын туруоруутунан, улахан субуотунньугунан түмүктэммитэ. Онно мин 1981 сыллаах выпусктарым эмиэ кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыттара. Музей кэлэктиибин аатыттан махталбытын тиэрдэбит.
Бу үтүө тэрээһиннэр салҕанан бара турдуннар, дойдубут историческай кэрэ сирдэрэ маннык түмсүүлэр, хамсааһыннар баар буоллахтарына харыстана, кэпсэнэ туруохтара.