16.08.2020 | 17:33

Эҥин дьикти элбэх

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сахалары кытта бултаан баран...

– Мин 1969 сылга диэри дьаарай булчут этим, – диэбитэ олимпийскай чемпион Александр Иваницкай. – Ол саас Саха сиригэр тайаҕы өлөрбүппүт кэннэ, булка хаһан да барсыбатаҕым. Ити мин тиһэх ытыым. Медведтиин иккиэн хастыыта да ыппыппыт. Кини дуу, мин дуу таппыппыт эбитэ дуу, биллибэт.  Көрөн турдахпытына, астаабыттара. Олус үөрүйэхтик тутталлара-хапталлара. Бэрт түргэнник буһара охсон сиэппиттэрэ. Тотон баран, тириитэ сүлүллүбүт, эттэммит  тайах этэ, тымныыга өлбөккө өссө да хамсыы сытарын көрөн олус аһыммытым. Икки атах саамай адьырҕа эбит. Бэйэтин туттумматаҕына, айылҕа кэрэтин барыыһы дии санаабытым. Онтон ыла олох бултаабаппын.

Уопсайынан, булка наһаа үлүһүйэн сылдьыбат этим. Бардахпына даҕаны, айылҕаны кытта алтыһар, доҕоттордуун кэпсэтэр туһуттан. Ол сахалары кытта бултааһын кэнниттэн саабын атыылаабытым. Наһаа үчүгэй саа этэ да буоллар.

Көбүөрдээх лэппиэскэ сыта

Мин өссө Саха сиригэр сылдьыахпын баҕарабын. Тыа сытын олох умнубаппын. Тиийиэхпин саныыбын да, кыаллыбат. Өссө биир сахалыы ас баар. Аатын умнубуппун. Арыыны кытта лэппиэскэни булкуйаллар. Хаһан да оннук минньигэһи сии илигим. Сүөгэй, арыы амтана киһи сатаан эппэт дьиктитэ. Ханнык да арыы итинник буолбатах. Саха арыытын амтанын билэр киһи рекламаҕа көстөр маргариннарыттан күлэбин эрэ. Саха сирэ тыытыллыбатах айылҕалаах, барыта хайдах баарынан, дьиҥнээх...

Тустууга ситиһиигит кэлин  тоҕо мөлтөөтө?

Ол 1989 сыллааҕы көрсүһүүбүт түмүгэр Александр Владимирович саха спордун ситиһиитэ аллара түһүүтүн төрүөтэ туохханый диэн ыйыппыта. Төһө да сайдыы балысханын иһин,  Коркин курдук улуу тренер үлэтигэр мэһэй элбэҕэ. Кини курдук ыраас киһи итинтэн уонна ордук онто суох айгыраабыт доруобуйатын харыстаммакка үлэлээн күүһэ-кыаҕа мөлтөөбүтэ.  Итини сөпкө өйдөөн бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев тустуу федерациятын салайда, элбэх аныгылыы, норуокка дьайар спортивнай базалары, тутуулары тэрийдэ. Кини кэнниттэн кэлэр салайааччылар эмиэ ону салҕыахтара диэн эрэнэбин. Онуоха кини эппитэ:

–Ол аата норуотун дириҥник өйдүүр баһылык кэлбит. Ити инникигэ үтүө сабыдыаллаах, дьон доруобуйатыгар үтүөлээх буолуо. Оттон норуот чэгиэн буоллаҕына, бары эйгэҕэ сайдыы, уопсастыбаннай олох сэргэхсийиитэ улаатыа, саҥа кыайыыга тиэрдиэҕэ.

Ити кэпсэтииттэн мин сэһэргэһээччим хайдах курдук Саха сиригэр кэлэ сылдьыытын дьэҥкэтик, оннооҕор тугунан күндүлээбиттэригэр тиийэ өйдүүрүн, ол аата биһиги дойдубутугар дууһатынан сыстыбытын, биһиги туспутугар ыалдьарын билбитим.

 «Урукку тустуу көрөргө ордук этэ»

-Миэхэ тустуу элбэх видеолара, киинэлэрэ бааллар. Онтон көрдөххө, эһиги саҕаттан саҕалаан 70-с сыллар бүтүүлэригэр диэри хапсыһыылар көрөргө билиҥҥи күрэхтэһиилэрдээҕэр ордук курдуктар. Эбэтэр сүнньүнэн бырахсыылара эрэ монтажтанан оҥоһуллубуттарыттан дуу?

 --Урут хапсыһыы бириэмэтэ уһун этэ. Ыксаабакка, толкуйдаан тустар буоламмыт, саахымакка элбэх хаамыылаах комбинациялары оҥорор курдук, хамсаныыттан хамсаныыга көһөн тустарбыт. Араас омуктар спортарыттан албастары тустуу тиэхиньикэтигэр киллэрэн иһэллэрэ. Ону үөрэтэ охсон, ханнык баҕарар түгэҥҥэ америкалыы, туроктыы, дьоппуоннуу, Сэбиэскэй Сойуус араас омуктарын албастарын туттарбыт. Хас хапсыһыы бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат ураты буолара. Хатыйсыы, тэбии, олуйсуу, кэдэрийэн быраҕыы, өттүктэһии уо.д.а. барыта оҥоһуллара. Билигин хапсыһыы бириэмэтэ кылгатыллан, бөҕөстөр утарсааччыларын түргэнник сылатарга, баал ыла охсорго тиэтэйэллэр. Аҥаардас бырахсыыларын эрэ монтажтаатахха даҕаны, албастарын, тактикаларын арааһа дьадаҥы.  Быраабылаҕа акаары уларытыылары киллэрэннэр көҥүл тустууга ханнык да омук, оскуола, личность  уратыта көстүбэт. Үксүгэр атахха түсүһүү, анньыһыы, партерга биилтэн төкүнүтүү эрэ. Көрөргө, тэлэбиисэргэ устарга кэрэхсэбилэ  суох диэн олимпийскай бырагырааматтан уста сыһаннар, быраабыланы уларытыылара арыый тустууга бырахсыыга саҥаны эрэйэргэ күһэйдэ. Итинтэн  сыыйа биһиги саҕанааҕы араас албастар туттуллар буолуохтара диэн эрэнэбин.

“Мэҥэ уу таммаҕынааҕар күндү”

Итинник диэччи Александр Иваницкай  мэлдьи. “Сломанные уши” диэн өссө бэйэтэ илиитигэр туппакка, бэчээттэнэн ыскылаакка ууруллубутун ылбакка хаалбыт,  тиһэх кинигэтин аннотациятыгар кимнээх туһунан  ахтылларын билиһиннэриитигэр   Роман Дмитриеви “...о якутском самородке” диэн суруйбут. Нуучча аатырбыт бухатыырдарын: Поддубнай, Медведь, Мазур  кэннилэриттэн тустууктартан бастакынан ааттаабыт. Оннооҕор  Иван Ярыгин, Али Алиев, Сослан Андиев иннилэригэр туруорбут.

– Роман Дмитриев туһунан эттэххэ, биһиги, ыарахан ыйааһыннаахтар, кыралартан албан ааттарын былдьыыбыт – бухатыырдар күүстээхтэр дии саныыбыт даҕаны, кыра ыйааһыҥҥа киирсии өссө ордук сытыы, кимээһинэ үрдүк. Хайдах кыайалларын киһи сатаан өйдөөбөт.  Олимпийскай чемпион Александр Владимирович Иваницкай саха норуотуттан бастакы олимпийскай чемпион Роман Михайлович Дмитриев 70 сааһынан Дьокуускайга ыалдьыттыы кэлэ сылдьан, миэхэ урукку кэпсээбиттэрин  арыый ситэрэн биэрбитэ:

– Романныын олох эдэриттэн доҕордуу буолбуппут, мин кинини иһин-таһын барытын билэбин курдук, ол эрээри ыраахтан көрдөххө, ураты дьикти хаачыстыбалааҕа көстөн кэлэр. Мин бу эһигини кытта экраҥҥа Роман көбүөргэ тахсарын көрөбүн. Уонна кини хайдах курдук кытаанах ыйааһыҥҥа, этин-сиинин күүһүлээн туран, тиритэн-хорутан, ыйааһынын түһэрэн, мэтээл ылбытын санаан кэлэбин. Бу кини ылбыт кыһыл көмүһэ, хас биирдии кыайыыта – омурдуу ууну да өр испэккэ эрэйдэнииттэн тахсара. Мин хаһан да киниэхэ итинник таммах уу күндүтүн, ыйааһын түһэриини билбэтэҕим.  Куруук ыйытарым: хайдах барытын тулуйаҕын? Тоҕо диэтэххэ, таммах уу – кини аатынан ааттаабыт алмааскытынааҕар күндү.

Бу өр сылларга улахан түһүлгэлэргэ мэтээлгэ аллараа ыйааһыннарга кыайыыны ситиһэр уустугуттан Роман олимпийскай мэтээллэрэ ордук күндүтүйэр.

 «Кини хайдах эрэ иччилээхтик барбыта...»

…Романныын арахсыахпыттан хас да хонон баран суох буолбута. Ол Сойуустар Дьиэлэрин Колоннай саалатыгар этэ.  Ити Кириэмил сийиэһи ыытар дыбарыаһа буолбатах. Колоннай саала – бу былыргы дворяннар мунньахтарын ыытар, туох-баар дьоһуннаах, политикаҕа буолар быһыы-майгы ыытыллар  ураты кэрэ архитектуралаах уораҕайа. Галя Преображенская, биһиги тренербит Сергей Андреевич кыыһа Музыка Үрдүкү оскуолатын бүтэрэн, Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, атын дойдуларынан эдэр талааннары көрдөөһүнүнэн дьарыктанар. Кини бастыҥ толорооччулары мунньан түмүк кэнсиэр тэрийбитэ. Бүтүн Москва үрдүнэн билиэт булар уустуга. Миэхэ, чугас аймаҕар, дьиэ кэргэн доҕоругар улахан сыранан иккини булбуттара. Преображенская, кыраһыабай дьахтар, бэйэтэ кэнсиэри салайан ыытта.  Сороҕор бэйэтэ рояльга оонньуур.

Ол киэһэ Роман Дмитриев саалаҕа баара. Классиканы истэ кэлбит. Онно Галина Сергеевна кинини таба көрөн: “Биһиги ортобутугар олимпийскай чемпион Роман Дмитриев баар”, – диэтэ уонна сыанаҕа ыҥырда. Санаан көрүҥ, Роман уонна Галина Преображенская кэккэлэһэ тураллар. Мин онно наһаа долгуйбутум. Дьон сүһүөхтэригэр туран ытыс таһыммыттара. Роман наһаа дьолломмута. Саалаҕа элбэх биллиилээх дьоннор бааллара да, сыанаҕа кинини уһулуччу тутан  ыҥырбыта. Роман сүүнэ улахан букеттааҕа. Бу түгэн киниэхэ, биһиэхэ да олус долгутуулаах этэ. Онтон эмискэ, аҕыйах хонон баран кини суох буолбута... Ол иһин этэбин, Роман хайдах эрэ иччилээхтик барбыта. Үйэлэргэ хаалардыы. Ол Колоннай саалаҕа кинини билбэт, спортан, тустууттан ыраах дьон туран эрэ сүгүрүйэ элбэҕи санаатахтара...

Сүппүт быһычча көстүүтэ

Биирдэ Роман миэхэ саха быһаҕын бэлэхтээбитэ. Ону олус харыстыырым эрээри, Москва анныгар, хара тыаҕа тэллэйдии сылдьан биирдэ сүтэрэ сылдьыбытым.  Дьиэбэр кэллим, корзинам толору тэллэй. Мамонт уктаах, улардар ойуулаах таптыыр быһаҕым суох. Тута барыахпын халлаан хабыс-хараҥа. Сырдык да эбитэ буоллар, наһаа киэҥ сиринэн сылдьыбытым, онно кыра быһах от-мас быыһыгар ханна түспүтүн хантан булуомуй. Тыаҕа тэллэйдьит элбэх этэ. Оччо сыаналааҕы көрдүлэр да, ылар буоллахтара. Түүнү быһа сатаан утуйбакка эрэйдэммитим, ханна түһэрбитим буолла диэн толкуйдуу сатаабытым. Түүл-бит икки ардынан, мантан олох ыраах бэркэ билэр сирбэр,  тыа ортотугар биир маһы көрөбүн – ол анныгар быһычча сытар уонна миигин угуйа, кычыгылата ыҥырар.

Халлаан сырдаан эрдэҕинэ туран онно чуо бардым. Икки чаас хааман, түүлбэр көрбүт сирбэр тиийэн, оруобуна оннук маска кэтиллэ түстүм. Аллара көрбүтүм, быһаҕым бу сытар.  Ол бэҕэһээтигэр онуоха тиийиэхпэр диэри төһөлөөх туора-маары хаампытым буолуой? Уонна итиччэ киэҥ сиртэн сарсыныгар чуо булуум дьикти этэ. 

 Таҥара уонна ойуун...

– Эн “Шестое чувство” диэн кинигэлээххин. Олоххо өтө көрбүтүҥ элбэх. Төрүттэргиттэн туох эрэ бэриллиилээх чинчилээххин.

– Мин аҕам  – таҥара үлэһитэ. Оттон олор – Таҥара анаабыт дьоно. Христос Павелы арчылаабыта, ол курдук салгыы бара турар. Мин итини мистика дии саныыбын. Миигин таҥара сирдиирин элбэхтэ сэрэйбитим. Ленинград блокадатын кэмигэр түөрт эрэ саастаах быыкаа оҕо этим. Тыыннаах хаалар туһуттан билигин сүөһү да сиэбэт сытыйбыт хаппыыстаны, хортуосканы кытта сиирбит. Сэрии кэнниттэн доруобуйам өрүттэн биэрбэтэҕэ. Уҥуох-тирии, 45 эрэ киилэлээх оҕо спордунан дьарыктаннахпына, тыыннаах хаалыахпын өйдөөбүтүм. Тустууга бухатыырдары эрэ ылаллар диэн, онно чугаһыыртан толлорум. Ону кэтэхпэр туох эрэ сибигинэйэр курдуга, арааһа, таҥара буолуо. “Итиннэ киир, онно бар” диирэ. Ону истэрим барыта мин дьолбор буолан иһэрэ. Ол курдук тренер Преображенскайы булуһуннарбыта. Суруналыыстыкаҕа эмиэ элбэхтик сирдээбитэ.

   Ойууннааһын – бу итэҕэл. Ойуун аптаах киһи буолбатах. Кини – ханнык эрэ итэҕэли тиэрдээччи. Колдуннар олох атыттар, туох эрэ куһаҕаны оҥоруохтарын, кырыахтарын сөп. Мин сэрэбиэйи, кырыыһы олох сөбүлээбэппин. Православнай итэҕэлгэ итини абааһы оҥоруута дииллэр. Ол гынан баран, күн анныгар киһи өйдөөбөт атын туга эрэ баар. Холобур, киһи экстрасенсорнай дьоҕурдаах буоллаҕына, ону салгыы сайыннарыан сөп. Онтон күүс киирэр.

Мин урут ханнык эмэ киһини санаатахпына, ол киһи сотору буолан баран төлөпүөннээччи. Кими эрэ элбэхтэ санаатаххына, онтуҥ кэлэр. Атын тустууктартан ыйыппаппын, тоҕо диэтэххэ, хас биирдии түгэн чараас эйгэлээх... Бэйэм уопуппар сигэннэххэ, өссө төгүл этэбин – дьон санаатын таба таайааччыбын, өтө көрөөччүбүн.

***

Александр Владимировичтыын төлөпүөнүнэн тиһэх кэпсэтиибэр саастыылаахтара баранан эрэллэриттэн, сорохторо кыаммат буолбуттарын үрдүнэн, “родной тэрилтэлэрэ, оннооҕор ЦСКА-лара да” кыһамматын, биирдэ даҕаны ыҥыра, эрийэ сылдьыбаттарын биллэрбитэ.  Билиҥҥи политиктар, салайааччылар үгүстэрэ тус бэйэлэрэ байар туһуттан  үгүһү сыыһалларыттан, урукку үтүөлэри аанньа ахтыбаттарыттан  дойду, норуот бары өттүнэн, духуобунай сайдыыта эмиэ дьадайар диэбитэ.

Дмитрий Петрович Коркин олоҕун тиһэх сылын чугаһыгар эрэ куоракка киирэн боростуой таас дьиэни ылбыта. Бары таһымҥа балачча өйөммүтэ да, Дьокуускайтан кэккэ дьон харгыс буолбуттара үрдүк категорияны ылбатаҕа туоһулуур. Итинник үтүөлээх киһиэхэ тыыннааҕар ситэ усулуобуйа оҥоһуллубатаҕын, саатар кэргэнигэр, оҕотугар оҥоруохха баар этэ. Кэргэниниин кыра хамнастаахтара. Онтукаларын тустуу сайдарын туһугар тутталлара. Мин истэрбинэн, Александра Семеновна боростуой дьиэҕэ олорор, кыра биэнсийэлээх.  Киниэхэ үс Олимпийскай чемпион босуобуйатын саҕаны аныыр буоллар, норуот да саамай сөптөөх быһаарыы диэн үөрүө, махтаныа  этэ...

***

Александр Владимирович барахсаны таҥара эрэйдэнимэ диэн бэйэтигэр ыллаҕа дуу дии саныыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...