01.05.2020 | 11:10

«Эһиги соҕотох буолбатаххыт» аахсыйаҕа кыттыһан

«Эһиги соҕотох буолбатаххыт» аахсыйаҕа кыттыһан
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дойду үрдүнэн дьаҥ ыарыыта тэнийэн, ыарахан балаһыанньа тирээтэ. Саха өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын Ассамблеятын национальнай култуурунай холбоһуктара «Эһиги соҕотох буолбатаххыт» аһымал аахсыйаны тэрийэн ыытта.

Саха сиринээҕи узбекскай диаспора (бэр. А. Мамажанов) муус устар 23 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы оҕо инфекционнай балыыһатын үлэһиттэригэр, куорат кырдьаҕас дьонугар улахан көмөнү оҥордо. Ол курдук, чааһынай предприниматель Батыржон Турсунбаев салалтатынан 500 устуука бородуукта наборун (иһигэр оҕуруот аһын уонна фрукта арааһа баар) волонтерскай штаб нөҥүө тустаах дьоҥҥо тарҕаттылар. Маны таһынан, куораттааҕы оҕо инфекционнай балыыһатын үлэһиттэригэр 250 бородуукта наборун  тиксэрдилэр.

Абдулмубин Мамажанов, “Узбекскай диаспора” узбекскай национальнай култуурунай киинин бэрэссэдээтэлэ:

- Биһиги өйдүүбүт, билигин быраастар коронавирус дьаҥын утары хайдахтаах курдук ыарахан балаһыанньаҕа үлэлии сылдьалларын. Кинилэр бу ыарыынан ыалдьыбыт дьон үтүөрэллэрин туһугар өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сүрдээх күүстээх психологическай ноҕуруусканы сүгэ сылдьаллар. Онон бу балыыһа үлэһиттэрин өйүүр сыалтан, биһиги өттүбүтүттэн ис сүрэхтэн маннык көмө оҥоһулунна. Труд уулуссатын 4, 8 базаларыгар уонна Чернышевскай, 66 базатыгар үлэлии турар кууһунан атыылыыр фрукта маҕаһыыннара бары холбоһон, бу аахсыйаҕа кытыннылар.

                       

Дьиэҕэ олор, быгыалаама диэтилэр

Татьяна Потапова, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Дьокуускай куорат: - Биһиги көлүөнэ үйэбитигэр билбэтэх, истибэтэх балаһыанньабыт бүрүүкээтэ. Аан дойду дьоно, куһаҕан, сыстыганнаах дьаҥ туран, биир кэмҥэ бары дьиэҕэ олорорго күһэлиннибит. Биһиги, сааһырбыт дьон, уолуйбакка, ыксаабакка, бэйэбит кыахпытынан, тугу сатыырбытынан олоробут. Аһара чуҥкуйбаппыт. Сандал сааспыт тиийэн кэлэн, оҕуруот үлэтэ чугаһаан, уу-хаар хаһаанан,  арассаадабытын ыһан, көрө-харайа сылдьабыт. Ол эрэ буолуо дуо, дьахтар аймах быыһыгар бэйэбит сөбүлүүр дьарыкпыт да аҕыйаҕа суох. Мин баайабын, быысабайдыыбын, оҕуруонан араас симэхтэри оҥоробун. Дьарык баһаам. Куруһуокка үөрэммиппинэн, түүлээхтэн бэргэһэ  тигиэхпин, сувенирдары да оҥоруохпун сөп. Ону хата бириэмэ тиийбэт. Дьиэ кэргэммин өрөбүллэргэ ас астаан минньигэстик аһатан, күндүлээн ылабын. Биэс оҕобун, сиэннэрбин кытта төлөпүөнүнэн сибээстэһэ олоробун. Кыра кыыһым үлэлиир буолан, икки кыра сиэннэрбин көрөбүн. Быыһыгар бириэмэ булан, кинигэ, хаһыат ааҕабын, хоһоон-ырыа да суруйабын. 20-чэ хоһоону, хас да ырыаны суруйдум. Төрөппүттэрим туһунан ахтыыларбын түмэн, Кыайыы 75 сылынан «Якутия помнит» саайтка киллэртэрэн үөрэ сылдьабын. 70 сааһыгар чугаһаабыт киһиэхэ кырата суох үлэ дии саныыбын. Дьоммун, доҕотторбун кытта бассаап нөҥүө сибээспин быспаппын. Сарсыарда тураат, 30 мүнүүтэ сэрээккэлиир үгэспин бырахпаппын. Чөл олоҕу тутуһан, чэгиэн туруктаах сылдьарга дьулуһабын. Ол иһин БАД  атыылыыр хампаанньаҕа консультанныырбын эмиэ умнубаппын. Бэйэм, кырдьаҕас киһи сиэринэн, иммунитеты бөҕөргөтөр битэмииннэри иһэбин. Онон бу дьиэҕэ олорор кэми көдьүүстээхтик туһанан, өйү-санааны сааһыланан, карантин бүтүүтүн олоххо саҥа көрүүлээх, чэгиэн туруктаах көрсөн, сахалар саха буоларбытын өйдөөн, тылбытын-өспүтүн өрө тутан, өссө сайыннаран, дойдубут чэчирии сайдарын туһугар күүскэ турунан, үлэлээн-хамсаан барыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин. Түмүкпэр кылгас хоһооммун кыбытабын:

Волонтердарынан атыылаһыннарарым ночооттоох эбит

В.И. Петрова:

- Куораттан тэйиччи соҕус олорор саастаах киһиэхэ волонтёрдар барахсаттар аһылыкпын, эмпин-томпун аҕалан биэрэллэрэ хайҕаллаах, киһи махтанар. Ол эрэн, аһаҕастык эттэхпинэ, кинилэринэн атыылаһыннарарым ночоото сүрдээх эбит. Кыра биэнсийэлээх киһи ыйга тиэрдибэт быһыыта. Кинилэртэн ханнык маҕаһыынтан бородууктаны ылаҕытый диэн ыйытабын. Ону  «Илин Эҥэр”, “Токко” маҕаһыыннартан ылаллар эбит. Сакаастыыр эмпин эмиэ чааһынай аптекалартан ыарахан сыанаҕа атыылаһаллар эбит. Биир наадыйар эмпин 400 солкуобайга атыыласпыттар. Урут биэнсийэбин биир ыйга син тиэрдэр этим, билигин ый бүтэһигэр тиийбэт, онон эмпин ылларбакка эрэйдэнним. Волонтердарга чэпчэки сыаналаах аптекаттан, маҕаһыынтан ылыҥ диэн көрдөһөбүн да, табыллыбат. Биһиэнэ барыта тоҕо эрэ сатаммат өттүттэн буолан иһэр. Чэпчэки сыаналаах социальнай маҕаһыыны дуогабардаһан ылар тоҕо сатамматый? Аҕыйах биэнсийэбит дуомун, кыбартыыра төлөбүрүттэн ордубутун, ыйдааҕы аһылыкка тиэрдэ сатыыр дьоҥҥо сатамньыта суох. Хаһан аныгыскы биэнсийэҥ кэлиэр диэри кургун ыгыччы тардынан аччыктыыргар күһэллэҕин. Сатанар да соҕуһу, көмөлөһө сорунан баран, эрдэттэн быһаарыахха баара. Баҕар, бэлэмҥэ олорон хаппырыыстыыр диэххит эрээри, кыра биэнсийэлээх киһи эрэйбин баҕар учуоттуохтара, быһаарыахтара диэн санаабын хаһыат нөҥүө этинэбин. Кыраны да быһаарбакка, кыамматы, кыһалҕалааҕы эрэйдээһин тахсарын умнумуохха баара. Бэйэм аа-дьуо баран ылынарым дуу, харчыбын тиэрдэр курдук. Аны самоизоляция кэмигэр куоракка таҕыстаххына, ыстарааптыах буолан куттууллар.

 Бу ыарахан кэм этэҥҥэ ааһыа

П.Н. Седалищева, Дьокуускай куорат: - Дьэ, бу олорор олохпутугар үөйбэтэх өттүбүтүттэн уустук кэм кэлэн, бары да соһуйдубут быһыылаах. Манныгы эрэ күүппэтэх буоллахпыт. Манан буоллаҕына, бүгүн, сарсын туох баҕарар балаһыанньа буолуон сөп диэн түмүккэ кэлэн олоробут. Дьиэҕэ олорон дистанционно үлэлиибит. Бассаап ситиминэн эмиэ үлэлиибит. Таhырдьа аспытын эрэ ыла тахсабыт. Биллэн турар, самоизоляция киhини ыгара, холкутук сылдьары боборо туох үчүгэйдээх буолуой. Ол эрэн бу уустук кэрдиис кэми этэҥҥэ ааhыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин.

Кырдьаҕастар онлайн төлөбүрү сатаабаппыт

Варвара Николаевна Ковальска, Дьокуускай куорат: - Олорор сирбитинэн (сфера комфорта) хомунаалынай өҥөҕүтүн “онлайн” нөҥүө маннык бааннарга бириэмэтигэр төлөөн иһиҥ диэн төлөпүөммүтүгэр иһитиннэрии кэлэр буолла. Саастаах дьон ону сатаабаппыт кыһалҕата турдаҕа. Онлайн төлөбүр диэни холбоппотохпут. Аны кырдьаҕас дьон ылынан да испэппит баар суол ээ, сыыһа-халты туттан, атын сиргэ ыытан кэбиһиэхпит диэн ол куттала. Бассаапка суруйарбытын эрэ билэбит, онлайн төлөбүр диэни өйбүтүгэр кыайан батаран киллэрбэппит. Онон изоляцияҕа олорор кэммитигэр биир кыһалҕа үөскээтэ. Сорох биир саастыылаахтарым бассаап диэн тугун да билбэттэр, боростуой төлөпүөнүнэн тутталлар. Мин куораттан тэйиччи олорор буоламмын, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр да сибээс суох. Билиҥҥи маннык тыҥаан турар балаһыанньаҕа мээнэ кэлбэппит-барбаппыт. Аны куоракка наадабытыгар киирдэхпитинэ, биһиги курдук кыра биэнсийэлээх дьон ыстарааптаныахпыт турдаҕа. Урут биэнсийэлээхтэри көмпүүтэргэ босхо үөрэтэр куурустарыгар үстэ төхтүрүйэн үөрэнэ сатаабытым да, кыаллыбатаҕа. Бэйэм курдук саҥа көмпүүтэргэ үөрэнээччилэр кэлэн үөрэнэ сатыыллар, онон бүтэбит. Онно да көмпүүтэри сатаатым диир киһини истибэтэҕим. «Тус кабинет» диэн тугуй ити аата диэн, хата, билбэтэхпититтэн дэлби күлбүппүт. Төлөпүөҥҥүтүнэн киириҥ дииллэр да, көмпүүтэргэ үөрэппиттэриттэн олох атын ээ. Дьэ, дьикти...

 

Тыа дьоно хааччаҕы тутуһабыт

 Мария Саввинова, Бүлүү улууһа: - Олох күөстүү оргуйа турдаҕына биһиги Сахабыт сиригэр коронавирус кэлбит диэн сураҕы бары да дьиксинэ истибиппит.  Инньэ гынан ол вирус тарҕанан, ыарыы тарҕаммыт улуустара изоляцияҕа барбыттара, аллараанан айан сырыыта бобуллубута, оҕо уһуйаанын кыһалара сабыллыбыттара, тэрилтэлэр бары онлайн эрэсиимҥэ көспүттэрэ. Биһиги дэриэбинэ дьоно син таһырдьа тахсан күүлэйдээн киирэбит, онтон куорат дьоно түөрт истиэнэҕэ хаайтаран олордохторо. Биир күн Бүлүүм куоратыгар наадабар киирэр сыаллаах, балыыһаҕа киириэхтээх киһини арыаллаһан,  массыынанан кииристим. Аара ГАИ-лар тохтотон, туох сыаллаах ханна баран иһэҕит диэн ыйыппыттарын, балыыһаҕа ыарыһаҕы киллэрэ иһэбит диэн, этэҥҥэ бэрэбиэркэни аастыбыт. Маннык уустук  кэмҥэ айан сырыытын хааччахтыыллара сөп. Куоракка наадабар киирбит киһи быһыытынан аптекаҕа сырыттым. Дьон олох аҕыйах, 1-2 киһи мааскалаахтар, бэрчээккилээхтэр. Мин тыа киһитэ көрдөхпүнэ, бары бэйэ-бэйэлэриттэн ыраах тураллар. Ону көрөн дьиктиргээтим ээ. Өйдөөбөккө быһа ааһан истэхпинэ, биир эр киһи тохтотон, уочарат ол турар диэн, киирбит ааным диэки ыйда. Онно биирдэ өйдөөн көрдүм, дьонум дистанцияларын тутуһан туралларын. Дойдум дьоно барахсаттар бэйэ-бэйэлэрин харыстыылар эбит диэн санааҕа кэлбитим. Билигин улуустарга айан сырыыта тохтоон, бары даҕаны хааччахха олоробут. Бу дьаҥ этэҥҥэ ааһар ини диэн бэйэбитин уоскутунуохха.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...