Эһэни бултааһын сиэрэ-туома
Норуот маастара, Дархан Уус Владимир Иванович Саввинов тыатааҕыны бултааһын сиэрин-туомун уонна эсэһит булчуттар туһунан кэпсээнин билсиҥ.
Саха сиригэр эһэ икки көрүҥэ баар — хара уонна сэдэхтик хардаҥ (буурай) көстөр. Эһэ саас эрдэ арҕаҕыттан тахсар, моҕотойу кытта тэҥҥэ диэччилэр. Ууһуур кэмэ Бөтүрүөп куйааһын саҕана бүтэр. Сэттэ ый буолан баран, кулун тутарга, 1-2 оҕону төрөтөр. Элгээйи музейыгар сылдьыбыттар билэллэр. Андаатар саҕа икки эһэ оҕотун чуучалата баар. Ону Сунтаар Түбэй-Дьаарханын (Арыылаах) 72 саастаах С.Г. Михайлов (Сыыйыы Ыстапаан) 1982 с. кулун тутар 12 күнүгэр Куонура үрэхтэн бултаабыттарын кэпсиир. Оҕолорун хоонньуларыгар уктан илдьэ кэлбиттэрэ, аһылыктарыгар табыллыбакка, өлөн хаалаахтаабыттар.
Эһэни бултааһын былыргыттан туспа сиэрдээх-туомнаах. Мин 1993 с. Туобуйаҕа (Үөһээ Бүлүү) бултуу бара сылдьан, Марха өрүс Солоҕоонуттан көһөн тиийбит эбэҥки төрүттээх (эбэтинэн) 77 саастаах Х.С. Ивановаттан аныгы тыаһыт дэбигис өйдөөбөт-билбэт тылларбын сурунан ылбытым.
Улахан булка – эһэҕэ, тайахха тахсар кэмнэригэр туттар, бултуур сэптэрин (тэриллэрин) сирдэрин-уоттарын быһа ааттаабат эбиттэр. Холобур, сааны — көҥдөй, быһаҕы – сытыы, батыйаны – тайах, сүгэни – киргил, солуурчаҕы – хаарбах, миинэр аты – далаһа, ыты – бөх дииллэр. Чэ, быһатын эттэххэ, билбэт, умнубут тылбыт элбэҕиттэн сөҕөн эрэ кэбиһэҕин. Байанай истиэ, өһүргэниэ диэн, ханарытан, тумнаран саҥарыллыахтаах. Арҕаҕы буллахтарына: “Сир хайаҕаһын үктээтим», — дэниллиэхтээх.
И. А. Худяков “Краткое описание Верхоянского округа” (1868) диэн кинигэтигэр булка сыһыаннаах элбэх сиэри-туому, итэҕэли суруйбут эбит. Эһэни арҕахтан бултуурга уһугуннаран эрэ баран өлөрүллүөхтээҕин суруйар. «Хара тыа кырдьаҕаһа, эр үтүөтэ көрсүһэ эрдийэн эрэбин. Сымнаҕас суолгун арыйан кулу. Уһугун! Уһугун!» — диэн батыйатын туппутунан арҕах айаҕар кэлэрин.
Онтон сохсолорун иитэн баран: «Эһэбит оҕонньор! Эн кэлэҥҥин киирэр дьиэҕин оҥордум, аһыыр аскын уурдум, хайдах даҕаны сити курдук эйэлээх буолуохпут диэммин», — алгыс тылы этэллэр эбит.
Эһэни өлөрбүт булчут сонно тута «Алакыы! Алакыы!» диэн ордоотуохтаах. Арҕахха быалыы эдэр булчут киириэхтээх. Сүлэллэригэр, эттииллэригэр сүгэни туттубаттар, уҥуоҕун алдьаппаттар, быһаҕынан эрэ тутталлар. Сүлээт, иһиттэн сиикэйдии биирдии уобууну «Куух! Куух!» диэн баран сииллэр, көхсүн хааныттан иһэллэр.
1967 с. Уус-Маайа тайҕатыгар сылдьаммын тыаһыттар эһэни бултаабыт сирдэрин көрбүтүм. Турар үөл тиити алларанан суллаан баран хаанынан уонна чоҕунан тулалыы соппуттар. Былыр кыыл уҥуоҕун сиргэ бырахпаттар, араҥастаан эбэтэр төбөтүн уҥуоҕун тиит мас аллараа мутугар ыйаан кэбиһэллэр эбит. Алгыс этэн баран: «Эһэбит оҕонньор! Ытыгылаатыбыт, маанылаатыбыт, ыраас уҥуоххун, ыраас эккин, ыраас хааҥҥын! Куһаҕаннык саныыр буолаайаҕын!» — диэн.
Элбэхтик бултаабыт-алтаабыт булчуттар кэпсииллэринэн, эһэ улахан эһэкээннээх булт. Тыаҕа бултаабыт эрэ барыта арҕаҕы «үктээбэт». Дьэ, оннук айылҕа суруйбатах сокуона буолуо. Миэхэ 1986 с. I Хаҥалас Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах Андрей Гаврильевич Бысыров (1890-1987) сэһэргээбитэ: «Мин 81 сыл тухары эҥин араас тыаларга бултаатым даҕаны, эһэ арҕаҕын түбэһэ үктээбэтим, бултаабатым», — диэн.
Антоновка сэлиэнньэтин кырдьаҕас булчута Филипп Гаврильевич Татаринов -Тыатаан (1902-…) диэн 80 сааһын ааспыт булчут: «Мин 44 сыл булт туһа диэммин хара тыаны кэрийдим ини, кэрийбэтим ини. Ол тухары арҕах «үктээбэтим», көстөр киһитигэр көстөр, биэрдэҕинэ биэрэр», — диэбиттээх.
Адьырҕаны булчут эрэ барыта бултаспат. Бэрт уордаах, сэрэхтээх, ону ааһан, өһүөннээх, киһини бултаһыан сөп кыыл. «Көрсө түһэрбит буоллар, ол сыптарыҥ эмэһэни хайдах эрэ ытыа, бултуо этибит», — диэн мэнээх тыллаһар дьон баар буолаллар.
Былыр Омолдоонтон төрүттээх аатырбыт тайахчыт Дьэппэс Сэмэн олорбут. Кини Эдьээн түбэтигэр уутуйан бултаабыт. Эһэни өрүүтүн быһа-хото саҥарар идэлээх эбит. Дьон кэпсииринэн, эһэ икки төгүл миинэр атын дьиэтин таһыгар далыгар «тардыбыт». Атын эһэ тарда сылдьарын көрөн ыаллара киирэн эттэхтэринэ, оҕонньор наадыйбат, оронугар кэтэх тардыһан сытар буолар эбит.
Ньурба улууһугар улуу эсэһиттэр олоро сылдьыбыттара биллэр: Кууту үрэх Маарын түбэтигэр тоҥус кинээһэ Китчээнэй кинээс. Хороонноох үрэххэ (Ботомоойу үрэх илин салаата) – Захаров Афанасий Николаевич-Үөрүнньэҥ (1842-1924). Үөрүнньэҥ Сунтаар, Ньурба улуустарын быыһыгар уутуйан бултаабыт улуу булчут, эсэһит үһү. Билигин өтөҕүттэн чугас эһэкээҥҥэ анаан үс сэргэни туруорбутуттан иккитэ турар. Арай сүүһүс эһэтин бултаһа сорумматах. Аарыма эһэ мойбордооҕун (сиэллээҕин) уонна уһун кутуруктааҕын иһин айыырҕаабыт. Үөрүнньэҥ кырдьан баран бэрт улахан буурай эһэни бултаабыт. Иккитэ сохсотун ыстарбыт. Үсүһүн тоҕус үөл бэрэбинэлэринэн өссө буор даҥнаан ииппит. Икки хонон баран илии-атах көмөлөһөр уоллаах тиийбит. Ыраахтан көрбүттэрэ, сохсолоро эстибит, сохсо айаҕар эһэ үллэн сытарын көрбүттэр. Оҕонньор саатын, батыйатын бэлэм тутан чугаһаан көрбүтэ: аарыма хардаҥ эһэ быһар быһаҕаһа быга сытар эбит. Бу эһэ төбөтүн уҥуоҕун Дьокуускай куоракка көрдөрүүгэ ыыппыттара үһү.
Аҕыйах сыллаахха Кутанаттан (Сунтаар улууһа) С.В. Степановы көрсүбүтүм. Сыл ахсын Ботомоойу үрэххэ бултуур эбит. Үөрүнньэҥ оҕонньор бэрт элбэх эһэ уҥуоҕун уурбут араҥаһа баарын туһунан истэр эбит. Кини аҕыйах сыллааҕыта Ботомоойуга түһэр Айгыр үрэх үрдүгэр баарын сорук оҥостон көрдөөн булбут. Араҥас сороҕо сууллубут, онно элбэх эһэ уҥуоҕа баар эбит. Ити даҕаны туоһулуур улуу булчут, арааһа, 99 эһэни бултаабытын. Атын сирдэргэ эһэҕэ анаан оҥоһуллубут араҥас баарын истэ иликпин.
Ньурба улууһугар аакка киирбит булчуттар: Хорулаҕа Р.Н. Николаев – Түмээ (1873-1967), Күндээдэҕэ А.И. Быдыгыев (1889-1978), Маалыкайга И.Г. Иванов – Баатан (1880-1961), А.С. Лазарев – Көкөт (1890-1962), Антоновкаҕа Т.А. Афанасьев – Чоймо Хоноһото (1910-1972) уо.д.а. аар тайҕаҕа бултаабыттарын, мүччүргэннээх сырыыларын туһунан элбэх кэпсээни суруйуохха сөп.
В.И. Саввинов «Дойдум дьоно» кинигэтиттэн
Хаартыскалары интэриниэт аһаҕас ситимнэриттэн туһанныбыт.