17.08.2020 | 08:11

Дьылҕа тыйыс ыйааҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мин улуустан балачча ыраах сытар дэриэбинэҕэ оҕо сааһым ааспыта. Тохсус кылаас кэнниттэн улуус киинигэр үөрэнэ киирбитим. Чугас аймахтаах буоламмын, үрдүк үөрэххэ киирэрбэр үчүгэй бэлэмнээх буоларым туһугар, дьонум онно үөрэттэрэ ыыппыттара.  

Саҥа оскуолаҕа этэҥҥэ үөрэммитим, элбэх доҕордоммутум. Ону таһынан бэрээдэгим үчүгэй этэ. Миигин кытта атын дэриэбинэттэн Настя диэн кэрэ ааттаах кыыс эмиэ кэлэн үөрэммитэ. Настя, Настенькам… Оҕом барахсан… Онус кылааһы бүтэрэрим саҕана, кэлиилэр буолан эбитэ дуу, кинилиин ыкса чугастык доҕордоспуппут. Үөрэх кэнниттэн булгуччу дьиэтигэр атаарарым, иллэҥ кэммитигэр өрөбүллэргэ куруук бииргэ сылдьарбыт. Ол табаарыстаһа сылдьан бэл илиибититтэн тутуспат да этибит. Көннөрү доҕордуулар курдук туттарбыт да, мин испэр олох атын санаалаах этим. Кэлин билбитим, оҕом эмиэ миигин эрдэттэн күүскэ таптаабыт эбит. Оскуолабытын этэҥҥэ үөрэнэн бүтэрбиппит.

Ол сайын өр да өр ааттаһаммын, Настенькабын төрөөбүт дэриэбинэбэр илдьэ бара сылдьыбытым. Төрөппүттэрбэр эрдэттэн табаарыс кыыстаахпын диэн кэпсиирим. Настя, дьонуттан куттанан, атын дэриэбинэҕэ дьүөгэбэр ыһыахтыы барар буоллум диэбит этэ.  Дьонум, кыыс аҕалбыппын көрөн, «һуу-һаа» бөҕө буолбуттара. Ийэм ханна утутабын диэн миигиттэн ыйыта сылдьыбыта. Онон чугас сыһыаҥҥа киирэ илик буоламмыт, кинини балтым хоһугар сытыарбыппыт. Ол күн наһаа үчүгэйдик ыһыахтаабыппыт, иккиэн сарсыардааҥҥы күнү үөрэ-көтө көрсүбүппүт. Күнү көрсө төннөн иһэн Настенькабын илиититтэн сиэтэн, уоһуттан аан бастаан уураан ылбытым, харса суохпун киллэрэммин тапталбар билиммитим. Кыыһым истиҥник мичээрдээн кэбиспитэ эрээри, чоҕулуспут харахтара кини миигин таптыырын кэпсииргэ дылылара. Сарсыныгар Алексеевтар уоллара номнуо кийиит аҕалбыт диэн дэриэбинэ иһэ туолбут этэ. Настенькам биһиэхэ үс хонон баран, бэйэтин дэриэбинэтигэр төннүбүтэ. Онон куоракка көрсүөх буолан арахсыбыппыт.

   
 

 Олохпор саамай дьоллоох түгэним этэ

Сотору куоракка киирэн, табаарыһым Миша дьонун дьиэтигэр кыра суумаҕа хос куортамнаан олорбутум. Миша эдьиийиниин олороллор этэ. Оҕом сыыһа, Настенькам, куоракка кэлээт да, миэхэ суотабайбар төлөпүөннээн кэлбитин туһунан биллэрбитэ. Дьоммун кытта кэпсэппит буоламмын, миэхэ олоро кэлэр буолбута. Олохпор саамай дьоллоох, умнуллубат сайыным ол буолбута.  Кини миэхэ кэлбитигэр, улахан дьон курдук бииргэ олорон барбыппыт. Настя оскуолаттан да үөрэҕэр үчүгэй этэ. Оччоттон история учууталын идэтин баһылыыр баҕа санаалааҕа. Бааллара үрдүк буолан, үрдүк үөрэххэ тута туттарсан киирбитэ. Оттон мин баҕарбыт үөрэхпэр кыайан киирбэккэ, орто анал үөрэх кыһатыгар физкультура учуутала буолар баҕа санаалаах туттарсан киирбитим.  Табаарыһым Миша Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэнэ киирбитэ. Кини эдьиийэ улууска үлэ көстөн, онно үлэлии барар буолбута. Биһиги иккиэн төрөппүттэрбит сөбүлэҥнэрин ылан, Мишаны кытта бииргэ олорор буолбуппут. Кинилэргэ инники былааммытын этэн, эһиил сайын сыбаайбалыахпыт диэн кэпсэппиппит.

Настя дьоно аан бастаан «эдэргит бэрт» диэн бопсо сатаабыттара да, соҕотох атаах кыыстарын баҕатын утары барар кыахтара суоҕа. Онон  хайыахтарай,  ийэлээх аҕата сөбүлэҥнэрин биэрбиттэрэ. Настям барахсан оҕото бэрт буолан сатаан астаабат этэ. Онон кыһалҕаттан иккиэн интэриниэттэн араас ас ырысыабын булан, тэҥҥэ астыырга үөрэммиппит. Табаарыспыт Миша бэйэм курдук бэрээдэктээх уол буолан, дьиэтигэр, хата, дьону мунньубат, түүҥҥү кулууптарга дьөрү сылдьыбат этэ.  Наар көмпүүтэргэ олорон, үөрэҕэр дьарыктанан тахсара. Онон ситиһиилээхтик үөрэммитэ. Настям Мишаҕа биир эмит бииргэ үөрэнэр кыыспын билиһиннэрэбин дуо диирин: «Ээ, суох, бириэмэтэ кэллэҕинэ бэйэм булунар инибин», – диирэ. Биһиэхэ икки өттүттэн төрөппүттэрбит харчы ыытар буоланнар, кыһалҕата суох олорбуппут. Дьиэбит куортамын кинилэр ыыппыт харчыларынан төлүүр этибит. Ону таһынан иккиэн үөрэхпитигэр үчүгэй буолан, ый аайы истипиэндьийэ ылар этибит.

    Кырачааммытын долгуйа күүппүппүт

Сааһыары биир сарсыарда көмүһүм оҕото ытыырыттан уһугуннум, көрөн наһаа куттанным, долгуйдум. Оҕом барахсан,  ытыы-ытыы «ыарахан» буолбуппун быһыылаах» диэхтээбитэ. Ол ытаабыт сирэйэ харахпар билигин да баар. Онно эдэрим бэрт буолан эбитэ дуу, соһуйуу бөҕөтүн соһуйдум. Дьиҥэр, бииргэ олорор ыал дьон быһыытынан буолуон сөп буоллаҕа. Тоҕо эрэ ол туһунан толкуйдаабат этибит. Чыычаахпын дэлби уоскуттум, ону-маны тобула сатаатыбыт. Бу сылбытын бүтэрэн баран академ ылабыт дуу, эбэтэр оҕобутун тыаҕа дьоммутугар ыытабыт дуу диэн толкуй бөҕөҕө түстүбүт. Ол саас икки өттүттэн төрөппүттэрбит билсэн, куоракка биһигини көрсө кэлэр буоллулар. Кинилэр кэлэр күннэрин долгуйа күүттүбүт. Ол курдук бары түмсүбүттэрин кэннэ билсиһии остуолугар олорон эрэ туох баар күүспүн мунньан туран тыл эттим. Биһиги сайын уруу киэһэтин тэрийиэхпитин баҕарабыт, аны кыһын оҕо күүтэбит диэн биир тылынан кутан-симэн кэбистим. Төрөппүттэрбит: «Оо, салгыы хайдах үөрэнэҕит», – эҥин дэстилэр да буоллар, үөрдүлэр. Үөрүүлэриттэн биһигини иккиэммитин салгыы үөрэттэрэллэрин, оҕону былдьаһа сылдьан көрүөхтэрин туһунан эттилэр. Настенька хат буолан, ол кэрдиис кэмэ ыараханнык саҕаланна. Олус сылайар, хотуолуур, ыарытыйар буолла. Ол да буоллар үөрэхпитин этэҥҥэ түмүктээн, сессиябытын сабан дойдулуурга туруннубут.

 Атырдьах ыйыгар мин дэриэбинэбэр сыбаайбалыырга быһаарынныбыт. Аан бастаан кини дьонугар бардыбыт. Сэгэрим оҕото ыарахан буолуоҕуттан төрөппүттэрин олус ахтар-суохтуур буолан барбыта. Кыраттан да хаппырыыһырар идэлэммитэ. Төрөөбүт дьиэтигэр тиийээт, уопсай туруга тупсан, үөрэ-көтө мичилийэ сылдьар буолан хаалбыта. Мин Настя аҕатын кытта убайыгар дьиэ тутуһа барбытым. Биир күн от ыйын бүтүүтэ Настя ийэтиниин куоракка уруу таҥаһын уонна биһилэх ыла диэн ааттаан барбыттара. Оттон мин выпускнойга кэппит көстүүммүн кэтиэх буоллум. Кэргэним иһэ лаппа биллэр буолан барбыта, оҕобут хамсыыр диирэ да, мин ону араарбат этим. Куоракка бара таарыйа УЗИ-га түһэн, оҕобут уолун-кыыһын билиэхтээҕэ. Барахсаным эйиэхэ этиэм суоҕа дии-дии күлэрэ. Мин дойдубар тахсан аҕабар оттоһо сылдьыбытым. Настям төлөпүөннээн: «Чэ, таай эрэ, оҕобут кимин?», – диэбитэ. Эр киһи быһыытынан тута «уол» дии түспүтүм. Онуоха оҕом сыыһа: «Суох, өссө таай, чэ, этиим, кыыс», – диэбитэ. Ону истээт, наһаа долгуйбутум, үөрбүтүм. Уп-улахан баанчыктаах, быычыкаайык кыысчааны иккиэн сиэтэ сылдьарбытын харахпар ойуулаан көрө охсубутум. Ол күн таксига олордубут, кыра иномарка массыына диэбитэ. Ону истэн, испэр тоҕо эрэ сөбүлээбэтэҕим: «УАЗик суох дуо?» – диэн ыйыппытым. Ол эрэн санаатын көтөҕөөрү: «Чэ, кытаатыҥ, чыычаах. Этэҥҥэ үчүгэйдик айаннаан кэлиҥ», – эрэ диэбитим. Тоҕо эрэ испэр олус долгуйбутум, сэрэхэдийбитим.

      
 

Соҕотох хаалар дьылҕаламмытым

Настеньканы наһаа сахсыллыбатын диэн, ийэтэ таксист аттыгар инники олбоххо олордубут этэ. Айаннаан испит таксилара улахан массыынаҕа киирэн биэрбит. Билигин да ону санаатахпына, сүрэҕим быһыта кымаахтыыр, өлөхсүйэр, хотуолуох санаам кэлэр. Тоҕо кини олорор сирин диэки ол массыына кэлэн сааллыбытай? Тоҕо суоппар өттүнэн буолбатаҕый?!... Настенькам барахсан тыына тута быстаахтаабыт этэ. Этэ-сиинэ биир да бүтүн сирэ суоҕа. Кини иһигэр баар оҕобут, кыысчааммыт Сардаанчыкпыт (кыыс диэбитигэр мин испэр Сардаана диэн ааттыаҕым диэбитим) тута өлөөхтөөбүтэ дуу эбэтэр эрэйи көрөн өлбүтэ дуу… Ол соһумар сурах кэнниттэн мин олоҕум, дьол диэни саҥа билэн-амтаһыйан иһэн, биир күн иһигэр эмискэ хараҥара түспүтэ. Массыына суоппара ыарахан туруктаах балыыһаҕа киирбит, ийэбит атаҕын, өттүгүн тоһуппут этэ. Биир эдэр уол баара кыра эчэйиилэрдээҕэ эбитэ үһү.  Оо, арай мин онно кинилиин барсыбыт буолуум… Настенькам «уруу былаачыйатын ыларга күтүөт уол барсыбат ээ» дии-дии күлэн лыҥкынаабыта кулгаахпар бу баардыы иһиллэр. Сэгэрим, чыычааҕым оҕотун төрөөбүт дэриэбинэтигэр илдьэн көмүс уҥуоҕун көтөхпүппүт. Иинигэр түһэрэрбитигэр хаһан да арахсыбат тэрилин суотабай төлөпүөнүн, дьоно төһө да боптоллор, аттыгар уган ыыппытым. Ол кэнниттэн мин туспар ыарахан кэмнэр саҕаламмыттара, аттыбар доҕорум суоҕуттан тулаайахсыйан барбытым. Өйүм-санаам, ис кутум киниэхэ тардыһара. Төһө да ыарахан кэм буоллар, атыттар курдук арыгылаан дьаабыламматаҕым. Күнү-күннээн кини уҥуоҕар тиийэн, саҥата суох олорорум. Хараҕым уутун онно көҥүл ыытарым. Кистээтэхпит бастакы үс күннэригэр киэһэ аайы «смс» ыытарым, нүөмэригэр төлөпүөннүүрүм. Тоҕо эрэ маҥнайгы үс күннэригэр ыҥырар этэ, онтон иитиитэ бүттэҕэ буолуо эбэтэр сиигирбитэ  эбитэ дуу, ыҥырара тохтоон хаалбыта. Настенькам суотабайыгар төлөпүөннээн ытыырым, ону-маны кэпсээбитэ буоларым. Ону истэн дьонум наһаа куттаммыттара, кимниин кэпсэтэҕин диэн сэмээр ыйыталлара.

 Ол сыл күһүн үөрэнэ барбаппын, «академ» оҥорторон дойдубар үлэлиэм, Настенькам, оҕом уҥуоҕун көрүөм-истиэм диэн хаалбытым. Хата, суоппар үлэтэ көстөн, онно-манна ыраах айаҥҥа барар буоламмын арыый да аралдьыйбытым. Төһө да доҕорум оҕото күн сиригэр суоҕун биллэрбин да, сотору-сотору кини нүөмэригэр эрийэн уоскуйбут курдук буоларым. Ийэм барахсан үөрэнэр кыһабар тиийэн, дириэктэргэ ытыы-ытыы мин балаһыанньабын кэпсээн «академ» оҥорторбута. Үлэм быыһыгар, ыарахан санааттан сынньана таарыйа куоракка киирдэхпинэ, бииргэ үөрэммит уолаттарбын көрсөн, кыратык «шоулуур» буолбутум. Кыргыттар диэки олох көрбөт этим. Оҕобун хайдах таҥнарыахпыный дии саныырым. Маҕаһыыннары кэрийэ сылдьан наар оҕо таҥастарын кэрийэн көрөрүм. Ол сыл Саҥа дьыл саҕана Сардаанчыкпар куукула, Настенькабар сымнаҕас оонньуур ылан, Саҥа дьылынан эҕэрдэлии, кинилэр сытар сирдэригэр тахсыбытым.

Ол иннинэ кини ийэлээх аҕатыгар киирэ сылдьан, чэйдээн, күндү дьоммутун ахтан-хараастан ааспыппыт. Бу иннинэҕи күн Настям төрөппүттэрэ кыыстарын уҥуоҕар тахса сылдьан, хаарын күрдьүбүттэр этэ. Саҥа олоҕу олорон иһэн, дьылҕа тыйыс ыйааҕынан соҕотох хаалар дьылҕаламмытым.

Иван И.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....