«Дыгын оонньууларыттан» хаалсыбат: таһым үрдүк, көрөөччү элбэх
Быйылгы күрэххэ киин куорат уокуруктарыттан, нэһилиэктэриттэн барыта 9 хамаанда кытынна. Күүһү-уоҕу, эр санааны, тулхадыйбат тулууру, кыайыыга дьулууру эрэйэр бииртэн биир уустук түһүмэххэ бары ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбиттэр.
Кыттааччылар дьүүллүүр сүбэҕэ бэйэлэрин билиһиннэрэр видеоларын эрдэ ыыппыттар. Онон хамаандалар бэрэбинэни суорууга, ону эрбээн, хайытан, сааһылаан уурууга, салгыы ойбон алларыытыгар, баҕанаҕа ыттыыга, бэлэмнээбит мастарынан, ууларынан кутаа оттон чэй өрүүтүгэр, хайыһарга күрэхтэстилэр. Кырдьыга да, эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар, иҥиир киһи илистэр түһүмэхтэрэ!
Бу күн Сайсары күөлгэ «Муус устар» ыччат бэстибээлин чэрчитинэн аһаҕас халлаан анныгар кэнсиэр буолла, оҕолорго сэргэх шоу, көр-нар көҕүлүттэн тутулунна. Манна үмүөрүһэ мустубуттара: тайахха тэптэрэн кэлбит аҕам саастаахтар, кырачааннарын көтөхпүтүнэн, кэлээскэлэрин үппүтүнэн сылдьар эдэр төрөппүттэр, саҥа хааман тоотоҥнуу сылдьар кырачааннар, орой-мэник көрбүт уолаттар, кэрэчээн кыргыттар. Бары «Аҕа күрэҕин» сэргээн, сэҥээрэн көрдүлэр. «Дыгын оонньууларыттан» хаалсыбат, чахчы, киэҥ далааһыннаах тэрээһин буолан ааста!
Дьокуускай куорат Аҕаларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Тулагы Киллэм нэһилиэгин баһылыга Егор Попов: «Куорат дьаһалтатын хамаандата бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕи тэрийэр кыахтаах! Эһиилгиттэн «Аҕа күрэҕин» финала сыл аайы Дьокуускай куоракка ыытыллар буолуоҕа!» – диэбитин мустубут дьон ытыс дохсун тыаһынан уруйдуу-айхаллыы тоһуйдулар. Тэрийээччилэр куорат дьаһалтатыгар, баһылык Евгений Николаевич Григорьевка махталларын тиэртилэр.
Уопсай түмүгүнэн кыайыылаахтарынан Александр Ильич, Арсений Винокуровтар (Сайсары уокуруга) ааттаннылар. Андрей Александрович, Артур Сивцевтэр (Пригороднай сэл.) иккис миэстэни ыллылар, оттон Александр Игоревич, Алтан Лебедевтэр (Киин уокурук) үһүс бочуоттаах миэстэҕэ тигистилэр. Бастаабыт, иккис миэстэ буолбут хамаандалар Тааттаҕа ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа күрэҕэр» Дьокуускай куорат чиэһин көмүскүөхтэрэ.
Ааптар түһэриилэрэ