23.02.2024 | 10:00

«Дыгын оонньуулара» уонна меценат Алексей Пинигин

Аны сайын Улуу Туймаада ыһыаҕар буолар “Дыгын оонньууларыгар” түөрт боотуру сүүмэрдиир суолталаах күрэхтэһии Бороҕоҥҥо буолан ааста.
«Дыгын оонньуулара» уонна меценат Алексей Пинигин
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Уус Алдан улууһун баһылыга Василий Аммосов туруорбут “Дыгын оонньууларын” чөмпүйүөннэрэ Егор Филиппов (2012, 2017, 2018), Алексей Кутуков (2014), Дмитрий Попов (2015), Дьулустаан Ноговицын (2019), Вячеслав Дьяконов (2021, 2022)  ааттара суруктаах  “Чөмпүйүөн Кубогын” хаһаайынын аатын ыларга аҕыс боотур илин-кэлин түһэстэ. Улуус баһылыктара Горнайтан Никита Андреев, Кэбээйиттэн Иван Левин кэлэннэр, уолаттарыгар көх-нэм, өйөбүл буолбуттара кэрэхсэннэ.

 

«Чөмпүйүөн Кубога-2024» хаһаайынын булла!

Бары да сытыы-сылбырҕа, күүстээх-күдэхтээх, талыы уоланнар көрүҥтэн көрүҥ аайы бэрт сэргэх киирсиилэри көрдөрдүлэр.

Түмүккэ мас тардыһыытыгар, 400 м сүүрүүгэ уонна 125 кг ыйааһыннаах таас көтөҕүүтүгэр быайыыны ситистэ. Кыайыылаах өйдөбүнньүк мэтээли, диплому сэргэ, Саха многоборьетын федерациятын бэрэсидьиэнэ, “Прогресс” тутуу тэрилтэтин гендириэктэрэ Алексей Пинигин илиититтэн сүрүн бирииһи – 100 тыһ.солк. харчынан, Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев туруорбут убаһа сертификатынан, “Дыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх Аан Дархана Иван Белолюбскай илиититтэн “Чөмпүйүөн Кубогынан” наҕараадаланна.

 

Дьулустаан Ноговицын: “Күүс көрүҥнэрин сөбүлүүбүн – мас уонна таас. Ыстаныыбар эрэммитим да, табыллыбата. “Тутуммар” эптим.  Хапсаҕайбар сүүрүү кэннэ ситэ турукпар түспэккэ, «олорон хааллым» (алтыс миэстэ-Аапт.). Уолаттар да бары үчүгэй бэлэмнээхтэр, мөлтөөн биэрэри, сыыһаны-халтыны мүччү туппаттар. Дьиҥинэн, дьарыгым үчүгэй этэ. Ыйааһыным наһаа баран, күүһүм өһүллүбүт диэн толкуй баар. Улууһум дьаһалтата, спорткэмитиэт өйөбүллэринэн ситиһии кэллэ уонна ийэм, кэргэним күҥҥэ иккитэ-үстэ дьарыктанарбар усулуобуйаны тэрийдилэр. Махталым улахан! Путевка ыллым, сайыҥҥа диэри аа-дьуо бэлэмнэниэм”.

 

“Тутум эргииргэ” – бастакы, 400 м – иккис, “Үс төгүл үс” атах оонньуутугар үһүс үчүгэй көрдөрүүлэрдээх Кэбээйиттэн Артем Дьяконов иккис буолла. Оҕунан ытыыга – бастакы, таас көтөҕүүтүгэр иккис миэстэлэрдээх Үөһээ Бүлүүттэн Айсен Ботуев үһүс бириистээх миэстэҕэ тигистэ. Туһааннааҕынан өйдөбүнньүк мэтээллэри, дипломнары, кубоктары таһынан, Уус Алдан улууһа туруорбут 80 уонна 50 тыһ.солк. наҕараадаланнылар. Атах оонньуутугар өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, күүстээх спорт маастара, “Үс төгүл үскэ” – бастакы, мас тардыһыытыгар, 400 м сүүрүүгэ уонна таас көтөҕүүтүгэр үһүс миэстэлэри ылаттаабыт эмиэ Кэбээйиттэн Яков Дмитриев төрдүс миэстэҕэ тиксэн, “Дыгын оонньууларыгар” кыттар быраабы ылла.

Итинтэн салгыы хапсаҕайга бастакы, “Үс төгүл үскэ” иккис миэстэлэрдээх Николай Обоев (Ньурба); “Тутум эргиигэ” – иккис, оҕунан ытыыга үһүс Алексей Соколов (Сунтаар); “Тутум эргииргэ” – үһүс, хапсаҕайга иккис Алексей Уваровскай (Кэбээйи); мас тардыһыытыгар – иккис, хапсаҕайга үһүс Айсен Семенов (Өлөөн) харчынан бириистэринэн биһирэннилэр. Көрүҥнэринэн үс иһигэр киирбиттэр өйдөбүнньүк мэтээллэринэн, дипломнарынан, бастаабыттар харчынан бэлиэтэннилэр. Улуустар бэрэстэбиитэллэрэ боотурдарыгар наҕараадалары туттартаатылар.

 

Меценат Алексей Пинигин саха спордун өйүүр

СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтэ 2023 сыл түмүгүнэн “Прогресс” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Алексей Семенович Пинигиҥҥэ “Бастыҥ меценат” ааты иҥэрбитэ.

Чурапчы Пинигиннэрэ – оройуон тутаах ыала. Ийэлэрэ, эбэлэрэ, ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валентина Дмитриевна Чурапчы Мырылатыттан төрүттээх. Төрүт Хадаар нэһилиэгиттэн силистээх аҕалара, эһэлэрэ Семен Семенович 1970-80 сс. Чурапчыга спорт кэмитиэтин салайар сылларыгар маассабай спорду таһаарбыта, ГТО туттарыыта күүскэ көҕүлэммитэ, Манчаары уонна Саха сирин норуоттарын спартакиадаларыгар бастыыллара. Сахаларга кыайыы өрөгөйүн аҕалбыт үс олимпиеһы уруйдаабыта-айхаллаабыта. Пинигиннэр дуобаты өрө туталлара. Семен Семенович бэйэтэ маастарга хандьыдаат, оройуонугар миэстэлэһэрэ. Бииргэ төрөөбүт быраата Иван Семенович өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, худуоһунньук, сыанаттан түспэт көрдөөх-нардаах артыыс, ырыаһыт бэрдэ. Аҕаларынан хос эбээлэрэ Дьэбдьиэ уус-уран тарбахтаах норуот маастара.

Алексей Семенович спорка сыһыана төрөппүттэриттэн бэриллибит. Спорт историятын үөрэтиинэн дьарыктанар В.С. Дьяконов, өрөспүүбүлүкэ рекордсмен быһыйа Г.Ф. Нохтуунускай, тустууга тренерэ, аан дойду боруонса призера С.П. Макаров олоххо, спорка ииппиттэринэн-үөрэппиттэринэн киэн туттар.

Аҕа оруола уол оҕону иитиигэ улаханын Пинигиннэртэн билиэххэ сөп. Уолун Сеняны кыра оҕо сааһыттан бэйэтин кытта илдьэ сылдьан сэрээккэлэтэрэ. Сорох сарсыардаларга “Юность” стадиоҥҥа көрсөммүт бииргэ сүүрэр, хамсанар-имсэнэр буоларбыт. Орто кылаастарга Нерюнгригэ футбол оскуолатыгар үөрэттэрбитэ, үөрэххэ дьоҕурдаах уол 15-с №-дээх орто оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Оскуола саастарыгар Уһук Илин чөмпүйүөнэ, “Бастыҥ бомбардир” бириис хаһаайына, мини-футболга  сүрүн нападающай. Билигин Москваҕа “Химик” курдук биллиилээх профессиональнай кулуупка ыҥырыыга сылдьар бэртээхэй футболист. Арассыыйа норуотун хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа академиятыгар менеджер идэтигэр үөрэнэр. Пинигиннэр дьиэ кэргэн биэс оҕолоро олоххо, үлэҕэ туһалаах, тулалыыр эйгэҕэ, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах буола улааталларыгар болҕомтолорун уураллар.

Ыал аҕа баһылыга спорт киһиэхэ күүстээх санааны, дьулууру, тулууру иитэр, ситиһиилээх буоларга хайыһыннарар диэн ааҕар. Онон, спорка өйүнэн-санаатынан чугас.

Алексей Семенович сүүрбэччэ сыллааҕыта тэрийбит “Прогресс” тутуу тэрилтэтэ Саха сиригэр биллэр буола үүннэ-сайынна. Дьон олорор дьиэтин, оҕо уһуйааннарын, оскуолалары туталлар. Бэйэтэ бастаан тутааччы идэтигэр үөрэммитэ, суоппардаабыта, слесардаабыта, аармыйа кэнниттэн уонча сыл университекка иһиттэн уонна кэтэхтэн үөрэнэн, үрдүк үөрэхтээх экономист, хайа инженерэ, юрист идэлэрдээх. СӨ үтүөлээх тутааччыта, Бочуоттаах архитектора, Чурапчы уонна Нам улуустарын, Хадаар, Болтоҥо, Кытаанах,  1-Хомустаах, Хамаҕатта, Хатыҥ-Арыы нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо.

Алексей Пинигин билигин төһө да доруобуйатыгар улахан охсууну ыллар, күргүөмнээх үлэ ортотугар сылдьар. 41 оскуоланы, оҕо уһуйааннарын, толору хааччыллыылаах дьон олорор дьиэлэрин, олор истэригэр Нам 1-кы Хомустааҕар спорт саалатын, Чурапчыга спорт саалалардаах оскуолалары үлэҕэ киллэрдилэр. Билигин Кэбээйигэ 140 миэстэлээх оҕо уһуйаанын туталлар. Чурапчыга уонна Амма Алтаныгар оҕо уһуйааннарын саҕалаатылар.

Спорка, чуолаан, “Дыгын оонньууларыгар” болҕомтону уурара Дьокуускай куорат Физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын начаалынньыга Константин Бурцев, “Дыгын оонньууларын” үс төгүллээх Аан Дарҕана Иннокентий Макаров туруорсуохтарыттан, 2018 сылтан, саҕаламмыта. Онтон ыла «Прогресс» тутуу хампаанньата сыллата Аан Дархан аатын ылбыт уоланнарга 1 мөл. солк. суумалаах сүрүн бирииһи туттарар.

Аны туран Алексей Пинигин быйыл Саха многоборьетын федерациятын бэрэсидьиэнинэн талылынна. Саҥа бэрэсидьиэн этэринэн, федерация сыала-соруга – саха многоборьетын көрүҥэ, тренердэр улуус аайы баар буолууларын, күрэхтэһиилэр ыытыллыыларын ситиһии. Хапсаҕай, мас тардыһыыта, “тутум эргиир” курдук саха төрүт көрүҥнэрэ кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн, сайдан иһиэхтээхтэр.

 

 «Олимпийскай көрүҥнэри кытта норуот ылынар, таптыыр спорт национальнай көрүҥнэрэ тэҥҥэ сайдыахтаахтар. Эдэр спортсменнар айаннарыгар, витаминизацияҕа, сбордарга сылдьыыларыгар, түһэн олороллоругар, аһылыктарыгар кыахпыт баарынан көмөлөһөр интэриэстээхпит. Ити боппуруостары кэлэктиип көрөн, биир сүбэнэн быһаарабыт”, диир Алексей Пинигин.

 

Онон, Саха сиригэр спорт сайдарыгар сүҥкэн кылааттаах “Прогресс” чааһынай тэрилтэҕэ таһаарыылаах үлэни, ситиһиилэри, дьон-норуот  уҕараабат махталын баҕарабыт!

Даҕатан эттэххэ, “Дыгын оонньууларыгар” түөрт путевка былдьаһыылаах Саха многоборьетыгар өрөспүүбүлүкэ чемпионата кулун тутар 15-16 күннэригэр Чурапчыга буолуоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...