03.01.2025 | 14:04

“Дыгын-2025” сүүмэрдээһин 1-гы түһүмэҕэр

“Дыгын-2025”  сүүмэрдээһин 1-гы түһүмэҕэр
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Кэлэр сайын Улуу Туймаала уйгу-тунах ыһыаҕар буолар “Дыгын оонньууларыгар” 2024 сылы түмүктүүр 1-кы сүүмэрдээһин күрэхтэһии үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Ахсынньы 24-25 күннэригэр “Триумф” уораҕайыгар 26 улуустар уонна куораттар 58 уоланнара түмсэннэр, ким ордук күүстээх бэлэмнээҕин быһаарыстылар. Быйылгы сүүмэрдээһин уратылаах буоллаДьон астына көрдө.

Тэрийэччи, салайааччы, Саха многоборьетын федерациятын толорооччу дириэктэрэ, “Дыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх Аан Дархана Иван Белолюбскай быһаарарынан, сүүмэрдээһин, талыы саҥа систиэмэнэн ыытыллар. Бу иннинээҕи сыллар курдук 12 буолбакка, 16 боотур киирсиэҕэ. Сүрүн бириистэринэн абсолютнай кыайыылаахха Алексей Пинигин гендириэктэрдээх “Прогресс” ХЭТ 3 000 000 солкуобайы уонна Евгений Григорьев баһылыктаах Дьокуускай куорат дьаһалтата “УАЗ-Патриот” улахан бириистэри туруордулар. Инньэ гынан Саха многоборьетын историятыгар саамай элбэх кыттааччы кэлэн күрэхтэһиини саҕалаатылар. Өссө да элбиир чинчилээхтэр.  

Күрэхтэһиилэр тыҥааһыннара, күүрээннэрэ үрдүк. Боотурдар тупсан, көрдөрүүлэрэ үрдээн иһэр. Дьон астына көрдө. “3х3” атах оонньуутугар 33 м ыстаммыттар, “Тутумҥа” 64 эргийбиттэр, 400 м сүүрүүгэ 53 сөк. кэлбиттэр үс иһигэр киирбэтилэр. Ити сайдыы көстүүтэ. Хамсааһын төрүөтэ – “Дыгын оонньууларын” таһыма үрдээһинигэр. Уолаттар бэлэмнэрэ үчүгэй буолан, дьаныһан туран туруулаһаллар. Дьон сэҥээрэр, биһириир, геройдары билэллэр. Киһи хараҕа таптыы көрөр эдэр, саҥа ааттар бааллара үөрдэр, күүс өттүнэн маска, тааска сабырыйтараллар. Дьарыктарын салҕаатахтарына, бууттарын этэ бустаҕына, систэрин этэ ситтэҕинэ боотурдар тахсаллара саарбахтаммат.

Кыттааччылар географиялара кэҥээн иһэр. Хоту улуустартан, Анаабыртан тиийэ бааллар. Ити ыччаттар ортолоругар интэриэс күүһүрэн иһэрин бэлиэтэ.

Уолаттар сүүмэрдээһин үс түһүмэхтэрин тухары кытталлар. Көтүтүөхтэрин да сөп. Ону спортсмен бэйэтэ быһаарар. Хааччах суох. Тренер үлэтиттэн эмиэ тутулуктаах. Турнир аайы бэйэҕин ыгар буоллаххына, сылайыы баар буолуон эмиэ сөп. Ол иһин, толкуйдаан, спортсмен туругуттан көрөн кыттыахтара, кытыннарыахтара. Үчүгэй бэлэмнээхтэр 15 иһигэр холкутук сылдьыахтарын сөп. Утарсааччыны үөрэтии, утумнаах дьарык, “интрига”, күөнтэһии хайаан да баар буолар. Бэйэ бэйэлэрин үөрэтиһэллэр, билсэллэр. Наһаа тэҥнэр. Хайдах бэлэмнэнэллэриттэн улахан тутулуктаах. Билигин бастаан иһэр Николай Матаннанов 50 кыайыы очколаах. Холобур, сүүмэрдээһин биир эмэ түһүмэҕин көтүттэҕинэ, ситтэриэн сөп.

“Дыгын оонньууларын” сүрүн тэрийээччи - Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата. Саха многоборьетыгар улахан суолта бэриллэр. Сүүмэрдээһин бу бастакы түһүмэҕин сэттэ көрүҥүн кыайыылаахтарыгар уонна бириистээх миэстэлэргэ тикисбиттэргэ мото-эрбии, инструменнар, телевизор, компьютер уо.д.а. сыаналаах бириистэр туруорулуннулар.

Физическэй култуура уонна спорт управлениетын начаалынньыга Эдуард Ефимов этэринэн, уоланнар Туймаада ыһыаҕар  дьарыктарын быспакка, бэлэмнээх тиийэргэ дьулуһуохтаахтар. Бириистэр ботуччу буоланнар, интэриэс баар. Кыахтаах ыччаттар бэйэлэрин холоноллоро айылҕа сокуона. Оҕолору, ыччаттары таһаарар инниттэн спортивнай оскуолалары арыйталаан үлэлэтэн эрэбит. “Дыгын оонньууларын” кыайыылаахтара салайааччыларынан ананнылар. Оҕо бөҕө дьарыктанан эрэр. Оҕолор ортолоругар “Өбүгэ оонньуулара” ыытыллаллар. Мас тардыһыыта, хапсаҕай курдук саха төрүт оонньууларын омуктар сэҥээрэр буоллулар. Аан дойду чемпионаттара, турнирдар үрдүк таһымҥа ыытыллаллар. Дэгиттэр, күүстээх спортсменнар оҕо саастан тахсаллар. Онуоха былааннаах үлэ барар.  Аҕыйах сылынан “Дыгын оонньууларыгар” 100-кэ кыттааччы баар буолуоҕа. Бэйэтин кыанар, күүстээх-күдэхтээх, чөл олоҕу тутуһар, кыраһыабай ыччат, спордунан дьарыктаныы муода буолла. Күрэс былдьаһыылар ааҕыылаах-суоттааһыннаах буоллулар. Аныгы ыччат тахсыаҕа. Табыгастаах усулуобуйалар тэриллэллэр, болҕомто күүһүрэр.

Икки күннээх сыралаах, сындааһыннаах күрэхтэһиилэр түмүктэринэн,“3х3” Яков Дмитриев (Кэбээйи), “Тутум эргииргэ” Вячеслав Дьяконов (Нам), мас тардыһыытыгар Николай Матаннанов (Таатта), оҕунан ытыыга Владимир Шологонов (Үөһээ Бүлүү), 400 м сүүрүүгэ Марсен Колесов (Чурапчы института), хапсаҕайга Николай Архипов (Кэбээйи), “Таас көтөҕүүгэ” Дмитрий Петров (Бүлүү) бастаатылар.

Сэттэ көрүҥҥэ Кэбээйиттэн 20 саастаах Артем Дьяконов - иккис, Үөһээ Бүлүү 23 саастаах ыччата Владимир Шологонов 75 очколаах үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр.

 “3х3” ахсыс, “Тутум эргииргэ” уон үһүс, мас тардыһыыга бастакы, оҕунан ытыыга тохсус, 400 м сүүрүүгэ уон төрдүс, хапсаҕайга сэттис, “Таас көтөҕүүгэ” иккис миэстэлэнэн Таатта 33 саастаах боотура Николай Матаннанов 54 кыайыы очколаах абсолютнай сүүмэрдээһин бастакы түһүмэҕин кыайыылааҕынан буолла: “Иван Прокопьевич Белолюбскай бырагырааматынан “Боотур” спорткулуупка дьарык үчүгэйдик ааста, объем оҥордубут. Аны дойдубар Тааттаҕа буолар “Манчаары оонньууларыгар” сүүмэрдээһини ааһыахтаахпыт. Онон иннибитигэр улахан күрэхтэһиилэр күүтэллэр. Салгыы дьарыктанан, кыттан иһиэхпит. Аан бастаан, “Модун” спорткомплекска мас тардыһыытынан дьарыкпын саҕалаабытым, онтон ис-сүрэхпиттэн баҕаран туран многоборьеҕа көспүтүм. Билигин оҕолорго “Хоһуун” диэн спорткулуубу арыйбытым, Саха многоборьетын култууратын сайыннарар туһугар үлэлиибин. Быйылгы сүүмэрдээһин рейтинговай систиэмэнэн барар, онон кыттан иһиэхтээхпит. Саха многобрьета оҕоҕо, ыччакка, уол оҕо эр киһи буолалларыгар, эт-сиин өттүнэн сайдалларыгар олус туһалаах. Гимнастика, имигэс, сымса, күүс-уох, түргэн өттүнэн эргиччи сайдаллар. Баҕалаахтар кэлэн дьарыктаныахтарын син”.

Иккис сүүмэрдээһи түһүмэҕэ олунньу 1-2 күннэригэр Бороҕоҥҥо, үһүс түһүмэх муус устар  12-13 күннэригэр Чурапчыга буолуохтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 10:00
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит. Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл,...
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Спорт | 27.12.2024 | 14:00
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Сахабыт сиригэр физкултуурунай-спортивнай хамсааһын уһулуччулаах салайааччыта, тэрийээччитэ Н.Н. Тарскай үбүлүөйдээх 100 сылыгар анаммыт быйылгы Чөмпүйүөннэр бааллара “Триумф” спорт уораҕайыгар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.   Спорка ситиһиилэрбит улахан экраҥҥа сиһилии көрдөрүлүннүлэр. Ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр киэргэтэн-тупсаран биэрдилэр. Үөрүүлээх тэрээһин биир уратытынан аҕам саастаах спорт бэтэрээннэрэ киин подиумҥа биирдии-биирдии ыҥырылланнар, ааттара-суоллара дуораһыйан, бар дьон ортотугар спорка...
Уонна хаһан?
Дьон | 29.12.2024 | 14:00
Уонна хаһан?
Мин 1956 сыл от ыйын 2 күнүгэр Бүлүү оройуонун Бөкчөҥө нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Ийэм Дмитриева Евдокия Кириковна – тыыл, үлэ бэтэрээнэ. Аҕам Михайлов Иван Васильевич – Аҕа дойду сэриитин, үлэ бэтэрээнэ. Иккиэн колхуос, сопхуос тутаах үлэһиттэрэ этилэрэ...   Бэйэм 1976 сыллаахха бэтэринээр идэтин ылан, Нам оройуонун “Искра” бөһүөлэгэр ананан үлэлии барбытым. Онно...