18.12.2019 | 10:30

ДЬЫБАРДААХ АЙАН

ДЬЫБАРДААХ АЙАН
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Айаммыт суола илин эҥэр дьэ арыллан, кэлии-барыы, суксуруһуу саҕаланна. Доллоһуйар Дьокуускайбар дьыбардаах айаным саҕаланнаҕа. Оҕолорбор идэһэ эттээх, кууллаах хортуоппуйдаах дьэ айаннаатым. Сарсыарда эрдэттэн хоролло уһуктан, айанныахтаах таксибын кэтэһэ, үүттээх чэйбин иһэн сыпсырыйа  олордум.

Оҕолорум котокулар бүгүн эбэбит кэлэр диэн кэтэһэн чоҕулуһа олордохторо. Хоп курдук этиллибит кэмигэр массыынам тиийэн кэллэ. Эмээхсин куораттыыр үөрүүбэр таҥна охсон сүүрэн таҕыстым, оҕонньорум малы-салы массыынаҕа таһан ходьороҥноото. Тыа киһитэ кэһиитэ суох киирбэт, сиэннэр барахсаттар сибиэһэй ас сиэбэтэхтэрэ ырааттаҕа. Ии, оҕолорбор собо сырылатан сиэтиэм буоллаҕа диэн саныы-саныы, ол санаабыттан мичээрдээн, сымнаҕас олбохтоох массыынабар олорон куораппар айаннаан истим. Арай нухарыйан хаалбыппын, уһуктан кэлбитим куорат уоттара туман быыһынан көстөр буолбут эбит. Куораппыт барахсан туман бударык быыһынан үрдүк дьиэлэрэ хайалар курдук күлүгүрэллэр, массыыната туох да уу сүүрүгүнүү субуруһар, бу түргэннэрин, кымырдаҕас курдук аалсыһан түһэн. Суоппар уол куоракка киирэн баран, мөҕүттэрэ-үөхсэрэ элбээтэ, хайыаҥый, тыаҕа сүүрдэр курдук буолбатах, киһи барыта массыыналаммыт үйэтигэр араас суоппар үгүс буоллаҕа. «Ким ханна түһэрий?» - диэн суоппар ыйытара иһилиннэ. Мин арай биирдэ өйдөөбүтүм, аадырыспын таһыччы умнубуппун. Бээ, эрэ, ким этэй? Толкуйдуу сатаан кэбис, мэлигир, туох эрэ сотторон кэбиспитин курдук төбөм иһэ кубус-кураанах. Хата, мин дьолбор, кыыһым эрийдэ, онуоха аадырыспын ыйыттым, суоппар уолга бэйэтэ быһааран эттэ. Дьэ онтон син уоскуйан аадырыспар тиэрдэр ини диэн холкутук айаннаан истибит. Арай биир устудьуон оҕо барахсан уопсайга түһэбин диэтэ. Сотору үөрэх уопсайыгар кэллибит, суоппар “түс” диэтэ. Оҕо муҥнаах бастакы сыла эбит, сураһан билбитим, сээкэй дуомнаах. Арай ханан да уот-күөс көстүбэт, уолбут аны мунаахсыйда, бу дуу, бу буолбатах дуу диэхтээтэ. Суоппары кыратык кэтэһиэҥ дуо диэн көрдөстө. Суоппар уол ыксаатар да, син сөбүлэстэ. Сотору оҕобут төттөрү сукуҥнаан кэллэ. Вахтер киллэрбэтэ, уопсай аһылла илик диэтэ. Мин туран эттим: “Бээ, бу тымныыга хайдах сир-халлаан ортотугар хаалыаххыный, сүрүн, тыаттан кэлбит оҕо диэн киллэриэхтэрин”, - диэн тыл кыбыта олордум. Онтон суоппар уолу кытта кииристэ, эмиэ төннөн таҕыстылар. Олох киллэрбэппин, уопсай арылла илик диэн буолла. Бу куоракка хоноро суох оҕо хайдах буоларый, аам-даам ахсынньы тымныытыгар? Инньэ гынан бэйэбин кытта илдьэ бардым. Сарсыныгар кыыспын дьаһайан, бу оҕону уопсайыгар киллэрэр курдук кэпсэт диэн ыыттым. Кыыһым тиийэн кэпсэтэн, киллэттэрбит этэ. Дьэ, айыы накаас диэтэҕиҥ. Арай итиннэ бу оҕону ким да ыҥырбатах буоллун, оҕо барахсан ханна барар? Итинник сыыстаран, туора-маары, ойдом-сайдам сылдьан хаалар ыччат дьоммут туохха-туохха тиксэллэрэ буолуой? Аныгы үйэ диибит да, ама да, киһи барыта куоракка аймахтаах буолбатах, оҕо барыта сытыы буолбатах, кэнэн-симик уһук тыа оҕото баар буоллаҕа, ону ааһан дьон-сэргэ билигин үтүө санаалаах, амарах дууһалаах аҕыйаан, суоҕун кэриэтэ буолла. Оҕолоох  да, оҕото да суох дьон манныкка түбэстэххитинэ, устудьуон оҕоҕо көмөлөһө сатааҥ, олоххо арааһынай буоллаҕа, үтүө үтүөнэн ыччаккытыгар эргиллиэ дии.

Февронья ПОПОВА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...