Дуобат сайдыытын түсчүттэрэ
Арассыыйа үтүөлээх тренерэ Н.Н. Кычкин кэриэһигэр 100 харахтаах дуобакка Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии Дьокуускайга Дуобат-саахымат киинигэр олунньу 20-25 күннэригэр түмүктэннэ. Красноярскай, Иркутскай, Владивосток куораттан, Башкортостантан уонна Саха сириттэн 170 кыттааччы - оҕолор, улахан дьон, о.и. 9 гроссмейстер, 18 спорт маастара, 52 маастарга кандидат, 1-3 разрядтаахтар “классическай бырагыраамаҕа” уонна “түргэн оонньууга” утарыта олорон кииристилэр.
«Дуобат аҕата» этэ
Профсоюзтар дьиэлэригэр буолан ааспыт күрэхтэһии үөрүүлээх аһыллыытыгар СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтин аатыттан физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениетын начаалынньыга Р.И. Оконешников Н.Н. Кычкин турнира 13-с төгүлүн ыытылларын, Н.Н. Кычкин иитиллээччилэриттэн 51 аан дойду, 36 Европа, сүүһүнэн ССРС, Арассыыйа чөмпүйүөннэрэ, призердара тахсыбыттарын санатан, Аан дойдутааҕы дуобат федерациятын Бочуоттаах бэрэсидьиэнэ В.И. Птицын, Н.Н. Кычкин кэргэнэ М.Н. Бырдыннырова уһулуччулаах тренер олоҕун-үлэтин суолтатыгар тохтооннор, күрэхтэһии кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтилэр.
Чуолаан, Владимир Птицын бэйэтин эҕэрдэтигэр “дуобакка Азия оҕолорун күрэхтэһиитин ыытыахха сөп эбит” диэн этиитин иилэ хабан, оччотооҕуга спорт миниистирэ В.П. Ноговицын Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаевка тиэрдэн, 1996 с. “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулар олоххо киирэннэр, күн бүгүнүгэр диэри киэҥ далааһыннаахтык ыытылла туралларын бэлиэтээтэ. Дуобат түргэн тэтимнээхтик сайдан, аан дойду таһымыгар тахсыбытын, 15 гроссмейстер үүммүтүн, Н.Н. Кычкин ылсыытынан 100 харахтаах дуобакка болҕомто күүһүрбүтүн, саха дьахталлара аан дойдуга бастыыллара ситиһиллибитин, арылла илик саҕахтар элбэхтэрин, өйүүр спонсордар, көмөлөһөөччүлэр баалларын махтанан эттэ.
Арассыыйа үтүөлээх тренерэ Мария Бырдыннырова Н.Н. Кычкин олоҕун, үлэтин туһунан билиһиннэрдэ. Ол курдук, Николай Николаевич 1940 с. Мэҥэ Хаҥалас Дойдуунускай нэһилиэгэр күн сирин көрбүт, дуобат хаамыытыгар таайа Спиридон үөрэппит. Төҥүлү оскуолатын бүтэрэн Бүлүү педучилищетыгар учуутал идэтигэр үөрэнэр сылларыгар Роман Дмитриевич Попов ыытар куруһуогар сөбүлээн, умсугуйан дьарыктаммыт, көмөлөһөөччүнэн сылдьыбыт. Төрөөбүт-үөскээбит оройуонун оскуолаларыгар уонна Чөркөөххө ахсааны үөрэтэрин быыһыгар, оҕолору кэмпиэтинэн угуйан, дуобатынан дьарыктаабыт. Ытык Күөлгэ Физкултуура дьиэтэ аһыллан, оройуон салайааччылара Георгий Михайлович Артемьев, Алексей Егорович Турнин штат биэрэннэр, тренеринэн үлэлээбит. Төгүрүк сыл, кыһыннары-сайыннары, тохтообокко, спортивнай лааҕыр арыйан, оҕолору дьарыктаабыттар. Нэһилиэнньэҕэ дуобаты пропагандалаабыт, күрэхтэһиилэри тэрийтэлээбит, дуобатчыттар таһымнарын үрдэтиигэ ылсыбыт. В.В. Куприяновтыын тапсан үлэлээбиттэр. Чурапчы интэринээт-оскуолатыгар табыгастаах усулуобуйа оҥоһуллан, көдьүүстээх дьарык тэриллибит. Уолаттара Колялаах Вася түүн үөһүгэр диэри дуобаттыыллар, бэйэтэ сарсыарда эрдэ 4-5 чааска туран тренерин үлэтигэр бэлэмнэнэр эбит. “Кычкиннар утуйбат дьон” дэтэн, үлэ-үөрэх күөстүү оргуйбут. Оҕолору кыахтарынан көрөн дьарыктыыр буолан, түргэнник сайдаллара ситиһиллибит. Иитиллээччилэрэ билигин дойду араас муннуктарыгар үлэлииллэр. Дуобатчыт эрэ буолбакка, киһи быһыытынан иитиигэ болҕомто туһаайыллыбыт. “Чудо шашки” (“Дьикти дуобат”) ССРС оҕолоругар бастаабыттар. Николай Николаевич бэйэтэ 100 харахтаах дуобакка өрөспүүбүлүкэҕэ түөртэ бастаабыт.
Билигин Кычкиннар дьиэ кэргэн дуобатынан олороллор. Ийэлэрэ, эбэлэрэ Мария Никитична, улахан уоллара Николай Николаевич Кычкин-II, кэргэнэ Ая Ильинична Д.П. Коркин аатынан оҕо спорт оскуолатыгар, кыра уол Василий Николаевич, кэргэнэ Матрена Петровна, кыыстара Аяника Дьокуускайга 5 № оҕо спорт оскуолатыгар тренердииллэр, сиэннэр Ая, Лена спорт маастардара, Лена Математика-информатика институтун устудьуона, кыра сиэн Петя биэс сааһыттан дуобаттыыр.
Сахабыт сиригэр Кычкиннар баар буолан дуобат сайдар диир толору кыахтаахпыт.
Үс тэҥ очколаах дьахталлар ким бастыырын коэффициенинэн быһаарыстылар. Аан дойду чөмпүйүөнэ, Өрөспүүбүлүкэ дуобатка-саахыматка киинин дириэктэрэ, гроссмейстер Матрена Ноговицына кыайыыны ситистэ:
“Партияларбынан үөрэ-астына, санаам кэлэн оонньоотум. Настройкам оннук этэ. Күүстээх дуобатчыттары, ол иһигэр Гаврил Колесовы кыайаммын, миэстэлэһиэххэ сөп диэммин, санаам бөҕөргөөбүтэ. Башкортостантан аан дойду, Европа чөмпүйүөнэ Айгуль Идрисова күрэхтэһиибит таһымын үрдэттэ. Биһигиттэн күүстээх кыргыттар Сандаара Апросимова, Тунаара Федорова, Наталья Шестакова, Ксения Нахова оонньоотулар. “100” комбинацията элбэх. Позициятын толкуйдуоххун наада. Ыарахан. Убаастыыр тренербит Н.Н. Кычкин аатын үйэтитэр суолталаах күрэхтэһиини салгыы сайыннарарга үлэлэһэбит. Дуобат-саахымат тэрээһиннэрэ, күрэхтэһиилэр, ол иһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирдар бааллар. Сайын дуобатка Ил Дархан Кубогын ыытыахпыт”.
Хаҥаластан төрүттээх-уустаах Норуоттар икки ардыларынааҕы Арктическай оскуола IX кылааһын үөрэнээччитэ, 13 саастааҕар улахан дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабыт, оҕолорго аан дойду, Европа, Арассыыйа чөмпүйүөнэ, спорт маастара Айсен Егоров, гроссмейстердары кэннигэр хааллартаан, чахчы кыахтааҕын, дьоҕурдааҕын көрдөрөн, чөмпүйүөн үрдүк аатын сүктэ:
“Түөрт сааспыттан дуобаттыыбын. Тренерим Александр Степанович Соломонов. Бастаан “64”, онтон “100” көспүтүм. Бүтэһик үс туурга сытыы киирсиилэргэ кыайаммын уонна гроссмейстер Гаврил Колесовтыын тэҥнэһэммин, балаһыанньабын тупсардым. “100” ыарахан көрүҥ эрээри, интэриэһинэй, теорията аҕыйах. Толкуйдааһын быһаарар. Онтон “64” дуобат барыта ырытыллыбыт буолан, сыыһа эрэ түһүмүөххүн наада. Нэдиэлэҕэ 4-5 дьарыктанабын. Үчүгэйдик оонньообуппуттан, кыайыыбыттан астынным. Инники былааннарым – элбэхтик күрэхтэһэн, рейтини хомуйуу уонна гроссмейстер нуорматын толоруу. Кыайыыбын ийэлээх аҕабар уонна тренербэр Александр Степановичка аныыбын”.
Бастыҥнар
Күрэхтэһии сүрүн судьуйатынан спорт маастара, Бүтүн Арассыыйатааҕы категориялаах судьуйа Вячеслав Варламов, сүрүн сэкирэтээринэн Ая Кычкина үлэлээтилэр. Сахабыт сирин гроссмейстердара, күүстээх маастардара, дуобатка дьоҕурдаах оҕолор кылаастара үрдүгүн көрдөрдүлэр. Эр дьон уонна дьахталлар утарыта олорон, уолаттар, кыргыттар эмиэ бииргэ оонньоотулар. Түмүгү таһаарыыга кыайыылаахтар бөлөхтөрүнэн араарылыннылар. “Классическай” бырагыраамаҕа тоҕус туур оонньонно. Сүрүн судьуйа этэринэн, “үчүгэй фиништээхтэр” кыайдылар.
Эр дьоҥҥо Чаҕыл Заровняев (Горнай) иккис, Василий Кычкин (Дьокуускай) үһүс, Прокопий Говоров төрдүс, Игорь Павлов (Красноярскай) бэһис, Гаврил Колесов алтыс миэстэлэннилэр.
Университет 1-кы кууруһун устудьуона Тунаара Федорова иккис, Өрөспүүбүлүкэ спорт оскуолатын IX кылааһыгар үөрэнэр Юля Никанорова үһүс, Сандаара Апросимова төрдүс, бэһис Айгуль Идрисова (Бащкортостан), алтыс Ксения Нахова буоллулар. Ксения Нахова маастар нуорматын толордо.
“100” дуобакка уолаттарга уонна кыргыттарга 11 диэри саастаахтарга Данил Захаров, Арсен Местников, Артем Илюхин, Кира Васильева, Анастасия Иванова, Алина Кузьмина; 14 саастаахтарга Байдам Николаев, Арсен Кузьмин, Николай Попов, Нарыйаана Леонтьева, Надежда Заровняева, Ньургустаана Попова; бэтэрээн эр дьоҥҥо Валерий Хорин, Василий Куприянов, Иван Щукин, бэтэрээн дьахталларга Анастасия Собакина, Акулина Беляева, Мария Третьякова; “Бастыҥ көрдөрүү” анал бириистэринэн 18 саастарыгар диэри Даяна Алексеева, Сандал Стручков наҕараадаланнылар.
“Түргэн оонньууга” 11 саастаахтарга Петр Егоров, Арсен Местников, Виктор Седалищев, Настя Иванова, Кира Васильева, Алина Кузьмина; 14 саастаахтарга Нарыйаана Леонтьева, Нарыйаана Ощепкова, Ньургустаана Попова, Арсен Кузьмин, Байдам Николаев, Уран Белоусов; бэтэрээн дьахталларга Анастасия Собакина, Мария Бырдыннырова, Акулина Беляева, бэтэрээн эр дьоҥҥо Иннокентий Ефимов, Иван Лазарев, Игорь Макаров өйдөбүнньүк мэтээллэри, дипломнары туттулар.
Атын регионнартан кэлбит ыалдьыттар: гроссмейстер Айгуль Идрисова (Башкортостан), гроссмейстер Дмитрий Никифоров (Иркутскай), спорт маастара Игорь Павлов (Красноярскай) анал бириистэринэн биһирэннилэр.
Спонсордар: Физкултуура уонна спорт министиэристибэтэ, Дуобат федерацията, Нөмүгүтээҕи килиэп собуота, “Саха сирин тимир суоллара” АХ, “Интеграция” IT хампаанньа, “Комдрагметалл” АХ, “Технопласт”, “Фаворит” үөрэх киинэ, урбаанньыттар Руслан Федотов, Руслан Колодезников, Андрей Федотов, Станислав Контоев, “Өлүөнэ очуостара” Айылҕа паарката, Дьокуускай куорат, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын дьаһалталара, Дойдуунускай нэһилиэк, Чурапчытааҕы физкултуура уонна спорт института, 5 №-дээх оҕо спорт оскуолата, Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы оҕо спорт оскуолата.
Күрэхтэһии сыалын-соругун ситтэ. Арассыыйа үтүөлээх тренерэ Н.Н. Кычкиҥҥа аналлаах күрэхтэһии сыллата кэҥээн, ис хоһооно дириҥээн иһэр.