08.09.2022 | 12:00 | Просмотров: 702

Дуобакка суперматч кыайыылааҕынан Матрена Ноговицына буолла

Сүүс харахтаах дуобакка аан дойду таһымнаах гроссмейстердар: аан дойду сэттэ төгүллээх чемпиона Тамара Тансыккужина (Башкортостан) уонна дуобакка аан дойду билиҥҥи чемпиона Матрена Ноговицына киирсиилэрэ биир дойдулаахпыт кыайыытынан түмүктэннэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Эрийсиилээх киирсиини «Саха» НКИХ уонна БСТ (Башкортостан) быһа эфиргэ, итиэннэ ютуб-ханаалга көрдөрдүлэр.

«Өрөспүүбүлүкэбитигэр дуобат классическай бырагырааматыгар итинник үрдүк таһымнаах аан дойду чемпиона баара – улахан үөрүү. Ити түбэлтэ Саха сирин историятыгар бастакы, Арассыыйа историятыгар – иккис төгүлүн буолла. Биһиги өттүбүтүттэн өйөбүл баар», – диэн бэлиэтиир Ил Дархан Айсен Николаев.

Өрөспүүбүлүкэ вице-премьера Сергей Местников иһитиннэрбитинэн, ити бырайыагы биэс сыл анараа өттүгэр Үүнэр көлүөнэ целевой пуондата, өрөспүүбүлүкэ Дуобакка федерацията уонна «Саха» НКИХ кыттыһан толкуйдаабыттар.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ дуобат сайдар кэскилэ улахан, элбэх биллиилээх спортсмен баар. Итини киэҥ араҥаҕа таһаарыы спорт бу көрүҥэр болҕомтону тардарга дьоһун суолталаах», – диэтэ вице-премьер.

Вице-премьер Сергей Местников кыайыылаах Матрёна Ноговицынаҕа 150 тыһыынча солкуобайдаах сертификаты, оттон матч кыттыылааҕар – 50 тыһыынча солкуобайы туттарда. Бириис пуондата – 200 тыһыынча солкуобай.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.