11.07.2024 | 10:00

Дьулустаан Ноговицын: ДЬУЛУС! ТУЛУС! КЫАЙ!

Дьулустаан Ноговицын: ДЬУЛУС! ТУЛУС! КЫАЙ!
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

«Киин куорат» хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта – Туймаада туонатын Үрүҥ Тунах ыһыаҕын «Дыгын оонньуулара» күөн-күрэһин Таас Боотура, быйылгы күрэх муҥутуур кыайыылааҕа Дьулустаан Ноговицын.

Дьулустаан Ноговицын:
– Дьокуускай куорат 1№-дээх баһаарынай чааһын байыаһа, төрөппүттэригэр соҕотох уол, эдьиийигэр быраат, тапталлаах кэргэн, үс оҕо амарах аҕата;
– Мас тардыһыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Арассыыйа уонна аан дойду таһымнаах спорт маастара;
– WPC версиятынан штанганы экипировката суох көтөҕүүгэ Арассыыйа спордун маастара;
– Саха төрүт оонньууларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара;
– Мас тардыһыыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин – үс, Арассыыйа – икки, аан дойду икки төгүллээх чемпиона;
– И. Белолюбскай бирииһигэр Кубок икки төгүллээх кыайыылааҕа;
– «Дыгын оонньууларын» икки төгүллээх призера;
– «Дыгын оонньууларын» тааһы көтөҕүү көрүҥэр рекордсмена;
– «Дыгын оонньуулара-2024» муҥутуур кыайыылааҕа.

Бу күннэргэ куйаар ситиминэн, хаһыаттарга, саайтарга даҕаны Дьулустаан Ноговицын кыайыыга дьулуурун, спорка дьаныарын туһунан бэрт элбэх кэпсэтии буолла. «Киин куорат» хаһыат бэс ыйын 27 күнүнээҕи нүөмэрин ыалдьыта, быйыл бэһис төгүлүн Туймаада ыһыаҕын «Дыгын оонньуулара» дьон-норуот биһирэбилин ылбыт күөн күрэһин генеральнай спонсора, сыл аайы кыайыылаахха 1 мөл. солк. уу харчынан бирииһи олохтуур «Прогресс» тутуу хампаанньатын төрүттээччитэ уонна салайааччыта Алексей Семенович Пинигин өйөбүлүнэн быйылгы бириис хаһаайына Дьулустаан Ноговицыны кытта оҕо саас, төрөппүт, төрөөбүт дойду, доҕоттор, дьиэ кэргэн туһунан кэпсэттибит. Эрдэлээн эттэххэ, Дьулустаан кэпсэтиэн, бэйэтин туһунан кэпсиэн оннугар, 130 киилэлээх сымара тааһы кыбынан баран хаамарын ордоруох курдук сэмэй, кэмчи кэпсээннээх киһи буолан биэрдэ.

 

– Олоххор саамай холобур оҥостор киһиҥ кимий, Дьулустаан?

Хас биирдии уол оҕо аҕатын холобур оҥостор дии саныыбын. Уонна оннук да буолуохтааҕа буолуо. Төрөппүттэрбит өбүгэлэрбит өйдөрүнэн салайтарар, кинилэр сүбэлэрин, сэрэтиилэрин ыйынньык оҥостор буоллахтарына, биһиги, оҕолор, төрөппүттэрбитин. Мин аҕам Петр Петрович Ноговицын аҕа быһыытынан бэйэтэ туһунан көрүүлээх, туспа эйгэлээх киһи этэ. Дьиэ ис-тас үлэтигэр, дьоҥҥо сыһыаҥҥа, үлэҕэ-хамнаска, атын даҕаны торумнарга киниттэн элбэххэ үөрэнэн хаалбыт дьоллоохпун. Киһи быһыытынан боростуойа, аҕа быһыытынан сымнаҕаһа, сиэрдээх майгыта, чиэһинэйэ, бүгүрү үлэһитэ миэхэ оҕо эрдэхпиттэн холобур буолара.

Аҕам миигин олох кырабыттан өрүү бэйэтин кытта илдьэ сылдьара. Сайын аайы сайылыкка табалары көрө тахсарыгар кытта батыһыннара сылдьааччы. Онно дьэ кыайарбынан-кыайбаппынан илии-атах буоларым. Киһиэхэ, улааттаҕына, маннык кэмнэр ордук күндү буолар эбиттэр. Ол кэми билиҥҥэ диэри астына ахтабын. Хомойуох иһин, аҕам бу үөрүүлээх күммэр тиийбэккэ орто дойдуттан барбыта.

Ийэм Людмила Михайловнаны кытта саамай сырдык, сылаас, кэрэ өйдөбүллэр ситимнээхтэр. Төрөппүттэрбитигэр эдьиийбиниин иккиэйэх буоламмыт даҕаны, дьоллоох оҕо саас диэни билэн улааппыппыт. Онон дьоммутугар махталбыт муҥура суох. Кинилэр миигин хайдах иитэн улаатыннарбыттарын курдук, билигин бэйэм оҕолорбор эмиэ ону салгыыбын.

– Сахалыы ааккын хайдах ылынаҕын?

Төрөөбүппэр сахалыы ааттыахха диэн этиини аҕам киллэрбит этэ. Дьулус диэн. Ааппын сөбүлүүбүн, ылынабын, көмөлөһөр, кынаттыыр диэн билинэбин. «Дьулус, инниҥ диэки баран ис» диэн күүстээх суолталаах диэн өйдүүбүн. Бэйэм уолаттарбын ол иһин эмиэ сахалыы ааттаабытым – Добун, Арчын Дьулустан уола диэн сурукка киирэллэр.

– Оҕо сааһыҥ саамай умнуллубат түгэнинэн тугу ааттыаҥ этэй?

Арааһа, түөспэр бастакы мэтээлбин кэтэппит түгэннэрэ буолуо. Биэстээҕим. Оҕо саадыгар сылдьар кэмим. Уолаттар ортолоругар мас тардыһыытыгар күрэхтэһии ыыттылар. Онно күрэхтэһии эҥин диэн өйдөбүл суоҕа буолуо. «Ким күүстээҕий?», «Ким кыайарый?» диэнинэн эрэ интэриэс баар буолуохтаах, билигин толкуйдаатахпына.

Дьэ, ким кыайарын-кыайбатын быһаарар тыҥааһыннаах киирсиигэ оҕолор «Дьулууус!» диэн хаһыыларынан кымньыыланан, бастакы кыайыы үөрүүтүн билбитим. Түөспэр дьиҥнээх, суруктаах мэтээли кэтэппиттэриттэн үөрбүтүм, долгуйбутум өйбөр билиҥҥээҥҥэ диэри хатанан хаалбыт. Дьиэбэр ийэм, аҕам уонна эдьиийим үөрүүлэрэ өссө үрдүккэ кынаттаабыта.

– Дьиэ кэргэн өйөбүлэ, эрэлэ диэн ити буоллаҕа буолуо. Бу күннэргэ Дьиэ кэргэн, таптал, эрэл, бэриниилээх буолуу күнэ бэлиэтэннэ. Эн санааҕар, ыал дьоҥҥо бастакы миэстэҕэ туох турарый?

– Ыал диэн, мин санаабар, ытык өйдөбүл. Кини туруктаах буолара кэргэнниилэртэн иккиэннэриттэн тутулуктаах. Этэргэ дылы, дьиҥнээх таптал, бэйэ-бэйэҕэ эрэнсии, итэҕэйсии, бэриниилээх буолуу, истиҥ сыһыан баар буоллаҕына, бу ыал олох ханнык да түгэнигэр кыайыылаах тахсар.

Оттон ыал аҕа баһылыгын эбээһинэһин дьиэ кэргэммин харыстааһыҥҥа, кинилэр тустарыгар кыһаллыыга көрөбүн. Уонна оттон мин аҕабын холобур оҥосторум курдук, оҕолорбор холобур буолуохпун баҕарабын.

– Спорду сэҥээрэр оҕолордоох төрөппүттэргэ билигин тугу сүбэлиэҥ этэй?

Саамай кылаабынайа оҕо баҕатын, санаатын, быһаарыныытын истиэххэ наада. Бу түгэҥҥэ ордук болҕомтолоох буолуҥ диэн сүбэлиэм этэ. Оҕо хотторуу хомолтотун билэр да түгэнигэр, сэмэлээмэҥ, төттөрүтүн, өйөбүл, тирэх буолуҥ. Хотторуу үчүгэйгэ үөрэх буоларын быһаарыҥ.

– Бэйэҥ дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ эрэ.

Кэргэним култуура эйгэтин үлэһитэ, биир кыыс уонна икки уол оҕолоохпут. Кыыспыт Амелия тоҕус саастаах. Билиҥҥитэ спорду олус сэҥээрэр. Тхэквондо көрүҥүнэн дьарыктанар. Ону таһынан ийэтин курдук култуураҕа эмиэ сыһыаннаах. Хоһоону ааҕарын уонна үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр. Оҕобут баҕатын истэн, сөбүлүүр дьарыктарын хааччахтаабаппыт. Кэлин, улааттаҕына, бэйэтэ быһаарыныаҕа. Оттон уолаттар кыра дьон.

Биһиги ыал айылҕаҕа сынньанарбытын сөбүлүүбүт. Кэргэмминиин киинэҕэ сылдьабыт, сахалыы киинэлэргэ дьиҥ олоххо буолбуту көрдөрөр буоланнар, ордоробут. Киһи киинэни көрөн элбэххэ үөрэнэр – куһаҕаны уонна үчүгэйи араарарга, олох мындырдарыгар, саҥа толкуйдары тобуларга.

– Киинэҕэ тохтоотоххо, эн тускунан документальнай киинэ уһулла сылдьар диэн баар.

Оннук. Оҕо сааһым доҕоро Коля, Николай Корякин, устан саҕалаабыта. Бииргэ улааппыт буоламмыт, мин олохпор буолан ааспыт түгэннэри, этэргэ дылы, бэйэбинээҕэр ордук билэр. Киинэ устуохха диэн кини идеята этэ. Сөбүлэспитим. Көрөөччүгэ тиэрдэр гына устуо диэн табаарыспар эрэнэбин. Оҕолорум көрөллөрүгэр да үчүгэй буолуо этэ дии саныыбын.

– Улахан спорка интэриэс хаһааҥҥыттан үөскээбитэй?

Төрөөбүт нэһилиэгим Горнай Маҕараһа спорт куттаах түөлбэ. Биһиги дьоҕус нэһилиэкпититтэн алта (!) аан дойду чөмпүйүөнэ төрөөн-үөскээн, иитиллэн тахсыбыта элбэҕи этэр: дуобатчыттар Станислав Контоев, Гаврил Ефремов, Тунара Федорова, көҥүл тустуу бөҕөстөрө Александр Контоев, Герман Контоев уонна мин мас тардыһыытыгар. Онон төрөөбүт дойдум спорка ураты күүһэ, тыына өйбөр-санаабар, эппэр-сииммэр оҕо эрдэхпиттэн иҥэн, маннык үрдэлтэн үрдэллэр кэлэллэр диэн бигэтик этэбин. Уонна оттон урукку өттүгэр биһиги нэһилиэкпитигэр араас кэмнэргэ спорду пропагандалаабыт, тэрийбит, өрө таһаарбыт биир дойдулаахтарбыт үтүөлэрэ сүҥкэн. Кинилэр уонна спортсменнар өҥөлөрүнэн оҕо сааспыттан дэриэбинэбэр ыытыллар күрэхтэһиилэргэ дьон кыттарын көрө улааттаҕым.

Тус бэйэбин спорка уһуйбут киһинэн бастакы тренерим Иван Иванович Гороховы ааттыыбын. Күрэхтэһии диэн тугун, хотторуу хомолтотун, кыайыы үөрүүтүн, айан сылаатын кини кынатын анныгар сылдьан биллэҕим. Хамаанда көрдөрүүтэ хас биирдии кыттааччыттан тутулуктааҕын, спортсмен киһиэхэ ыйааһын тутар оруолун, онуоха эрэсиимин, аһылыгын көрүнүөхтээҕин тренерим бигэтик өйдөппүтэ. Итинник, кыраттан саҕалаан, идэтийбит спорка хойут, устудьуоннуу сылдьан, кэлбитим.

Онтон 2013 сыллаахха кэргэммин көрсөн бараммын, кыайыыттан кыайыылары ыларга дьулуһуум саҕаламмыта.

– Аан дойду чөмпүйүөнэ буолбут бастакы түгэҥҥин ахтыахха эрэ, Дьулустаан.

2018 сыл этэ. Омуктарга мас тардыһыыта курдук саха төрүт оонньуутун тарҕатар сыалтан аан дойду чемпионата биһиги Сахабыт сиригэр буолбута. Онон, биир өттүнэн, эппиэтинэстээх даҕаны, иккис өттүнэн, өрө көтөҕүллүүлээх даҕаны түгэн этэ. Быыппастар былчыҥнаах омук мадьыныларын кытта туһугар тыҥааһыннаах күөн көрсүһүү буолан ааспыта.

Мин бэйэм ыйааһыммар финалга иранецтыын түбэспитим. Холкутук ылбытым. Ити кыайыыбынан төрөөбүт Маҕараспар аан дойду чемпионун аатын өссө биир ахсаанынан эбэр улахан чиэс этэ. Уонна, оттон, аан дойдуттан кэлбит күүстээхтэр ортолоругар саха аата ааттаннаҕа.

– Саха тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала олоҥхо эбит буоллаҕына, саха төрүт көрүҥнэрин муҥутуур чыпчаалын бу «Дыгын оонньууларыгар» көрөбүт. Сөбүлэһэр инигин, Дьулустаан?

Оннук бөҕө буоллаҕа дии. Манна кыттар уолаттар бары бу күрэхтэһиигэ элбэх үлэттэн тиийэн кэлэбит. Күүстээх тулуур, дьулуур ирдэнэр, элбэхтэн аккаастаныахха наада. Тус бэйэм быйыл бу кыайыы туһугар онус төгүлбүн кытынным. Түгэнинэн туһанан Туймаада туонатын «Киин куорат» хаһыатын нөҥүө миэхэ ыалдьыбыт, өйөөбүт дьоҥҥо барыларыгар махталбын тиэрдэбин.

Тренерим Иван Прокопьевич Белолюбскайга махтанабын. Бэйэтин баай уопутун, билиитин-көрүүтүн үллэстэн, сүбэлээн-амалаан, бу кыайыыга кэллибит. Бастакы күҥҥэ олох өһүллэ сыспыт кэммэр өйөөн, күүспэр күүс эппитэ.

Төрөөбүт улууһум аҕа баһылыга Никита Викторович Андреевка уонна кини хамаандатыгар махтанабын. Күрэх быдан инниттэн өйөбүл, тирэх буолбуттара.

Доҕотторбор махтанабын. Икки күнү быһа сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри тэбис-тэҥҥэ сүүрэн-көтөн, күүс-көмө буолбуттарыгар.

Биир дойдулаахтарым плакаттара, былаахтара, барабааннара күүскэ кынаттаабыта.

Чугас дьоммор ийэбэр, эдьиийбэр, күтүөппэр уонна кэргэммэр махтанабын. Тапталлаах кэргэммэр: «Эн миэхэ эрэлиҥ маннык кыайыыга тиэртэ»,диэн тоһоҕолоон махтанабын.

– Дьэ, икки күн устата трибуналар, эйиэхэ эрэллэрин биллэрэн, «Дьулус! Тулус! Кыай!» диэн ньиргиһэн олордулар. Олоххор тутуһар девиһиҥ?

Ханнык баҕар уустук түгэҥҥэ, күрэхтэһиигэ да буоллун, сыалы ситиһэргэ дьулуур баар буоллаҕа дии. Ону ситиһэр туһуттан, элбэҕи тулуйуоххун наада. Сөбүлүүр аскыттан аккаастанаҕын, утуйар уугун умнаҕын, оҕолоргор, кэргэҥҥэр сөптөөх болҕомтону уурбаккын, сынньанар, алтыһар кэммит сөп түбэһиспэтин тулуйаҕын. Ону ааһан ыйааһын тутуута, күннээҕи дьарык бу манна барытыгар кытаанах тулуур наада. Ол тулууру чиҥэтэн, барытын аастаххына эрэ кыайыыга кэлэҕин. Онон олохпор тутуһар тылларым «Дьулус! Тулус! Кыай!» диэн.

– Быйылгы «Дыгын оонньууларын» түмүгэр көтөҕөр сырама таас ыйааһына уларыйбыта элбэҕи быһаардаҕа дуу? Таас ыйааһынын ахсааннаах киһи тулуйда эбээт...

Буолуон сөп. Бу көрүҥҥэ кыттааччы уопсай туруга уонна дьарыга элбэҕи быһаарар. Инники оонньууларга 116 кг ыйааһыннаах тааһы көтөҕүүгэ тус үрдүк көрдөрүүм 250 миэтэрэ этэ. Ити 2021 сыллааҕы рекорд турар. Быйылгы оонньуулартан тааспыт ыйааһына ыараата, 132,200 кг буолла. Онно быйылгы көрдөрүүм 150 миэтэрэ.

– Дьэ, быйылгы муҥутуур кыайыылаах уонна элбэх сыл уопуттаах боотур буоларыҥ да быһыытынан, «Дыгын оонньууларын» тэрийээччилэригэр бэйэҥ санааҕын истиэххэ.

Бу оонньуулары сылын аайы Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата тэрийэн ыытар. Тэрээһин таһымын Оонньуулар саха норуота биир саамай күүтэр, киэн туттар күөн күрэһигэр кубулуйбута туоһулуур. Оттон муҥутуур кыайыылаахха быйыл бэһис сылын субуруччу «Прогресс» тутуу тэрилтэтин төрүттээччитэ уонна салайааччыта, Саха төрүт оонньууларын федерациябыт бэрэсидьиэнэ Алексей Семенович Пинигин сүрүн бирииһи туруорара дьоһун көстүү. Онон чуолаан «Дыгын оонньуутун»   тэрийээччилэрин, тренердэрин уонна кыттааччыларын аатыттан Алексей Семеновичка барҕа махталбын тиэрдэбин.

– Дьулустаан, саҥа күнүҥ туохтан саҕаланарый?

– «Дыгын оонньууларын» иннигэр хас биирдии күн, үлэ күнүттэн, өрөбүлтэн тутулуга суох, дьарыктан саҕаланар этэ буоллаҕа дии. Барыта чааһынан аһыыгын, дьарыктанаҕын, үлэлиигин. Ол бэрээдэгин тутуһуу кэһиллибэт сокуон кэриэтэ этэ.

Билигин саҥа күнүм олох атыннык саҕаланар. Куруук дьарыкка, үлэҕэ сылдьыбыт буоламмын, кырачааннарым ахтылҕаннарын да таһаараллар. Онон туох баар көтүппүт күммүн-дьылбын ситиһэн, бириэмэбин дьиэ кэргэммэр аныырга дьулуһабын.

– «Дыгын оонньууларыгар» куруук Горнай аатыттан кыттарыҥ иһин үгүс киһи эн Дьокуускай куорат олохтооҕо буоларгын билбэт. Биһиги киин куораппыт тас көстүүтүгэр туох баҕа санаалааххыный?

Дьокуускайга таһырдьа дьарыктанар элбэх үчүгэй сир баара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Оччоҕуна спорка, чөл олоххо, эт-хаан сайдыытыгар интэриэстээх ыччат, устудьуон да, оскуола үөрэнээччитэ да буоллун, элбиэ этэ. Эбэһээт харчы төлөөн спорт саалатыгар эрэ дьарыктаныахха сөп диэн өйдөбүл суох, спорт киһиэхэ барытыгар табыгастаах, чугас буолуохтаах.

– Дьулустаан Петрович, элбэх ыалдьааччыҥ интэриэһиргиир ыйытыыта: Кэлэр «Дыгын оонньууларыгар» кыттаҕын дуо?

Дьулуспут, тулуспут сыалбын кыайыынан толордум! Уонна кыттыбаппын. Ыалдьааччыларбар өссө төгүл махтанан туран, атын күрэхтэрбэр ыалдьыахтара диэн эрэнэбин.

– Биһиги эмиэ эйиэхэ махтанабыт. Кыайыы элбэх үлэттэн, күүстээх дьаныартан, дьулууртан кэлэрин тус холобургунан көрдөрбүккэр. Өссө да үрдүк ситиһиилэри, кылаан чыпчааллары баҕарабыт, дьиэ кэргэҥҥэр – дьолу-соргуну!

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....