16.12.2020 | 17:33

Дьулаан кэпсээннэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Суор сэрэтиитэ

Лэҥкэ:

Суор - көтөр бииһин ууһуттан саамай уһун олохтооҕунан биллэр. Кини барахсан үс үйэни быһа олох олороро үһү. Саха омукка биир улаханнык ытыктанар көтөр буолар. Дэлэҕэ, былыргы Улуу ааттара ааттаммат ойууттар, удаҕаттар кинини суолдьут оҥостуохтара дуо? Ол курдук, былыр Орто Бүлүү улууһугар төрөөн-үөскээн ааспыт Алыһардаах удаҕан барахсан суорунан тыаҕа муммут дьону булара. Ону тэҥэ сураҕа суох сүппүт дьону суор буолан көрдүүрэ үһү. Маны таһынан улахан булчуттар суору эһэкээн суолдьутунан ааҕаллара. Тыаҕа булчут кулуһун отуннаҕына, суор барахсан хааҕырҕаан баар буола охсоро. Байанайдаах булчуттарга суор барахсан буур тайахха, кыыл табаҕа сирдээн аҕалара үһү. Итинник суор тайахха, табаҕа сирдээн биэрбитин туһунан кэпсээннэр Сахабыт сирин араас муннуктарыгар туох да баһаам элбэхтэр.

Бүгүн эһиэхэ кэпсиир кэпсээним кыратык ураты соҕус буолуо. Ол курдук, уонтан тахса сыллааҕыта, Ньурба улууһугар биир булчут тыалыы сылдьыбыт. Көмүс күһүн кэлбит кэмэ буолан, от-мас хагдарыйан, көмнөх түспүт буолан айылҕа барахсан кыһыҥҥы уһун уутугар утуйан эрэр кэмэ эбит.

Баччаларга булчуттар тайахха хаамар кэмнэрэ буолар. Ол курдук бу булчуппут эмиэ тайахха хаама сылдьыбыт. Биир улахан толоону ааһан тыаҕа киириитигэр, эмискэ, хара суор баар буола түспүт. Булчут урут экспедиция нууччалара тыаны солообут суолларынан быһа үрэххэ барар санаалаах эбит. Ону баара, биир суор кэлэн иннигэр көтө былаастаан сылдьан хааҕырҕаан бөҕө буолбут. Үрэх диэки барар суолунан туох да иһин ыытыан баҕарбаттыы хааҕырҕаабыт. Хайдах эрэ "бу манан барыма" диэбиттии көрдөһөр курдук. Маны таһынан өрө көтөн тахсан тыа уҥа өттүн батара үһү.

Булчут иһигэр "арааһа, эһэкээним тайахха сирдиир быһыылаах" дии санаат суору батыспыт. Чаас кэриҥэ эккирэппитин кэнниттэн, суора ханна барбыта биллибэккэ, эмискэ көстүбүтүн курдук сүтэн хаалбыт. Ити итинэн ааспыт.

Кэлин, нэдиэлэ кэриҥэ буолан баран булчут били нууччатын суолунан үрэххэ барбыт. Онно баран иһэн, тыатааҕы суолугар кэтиллэ түспүт. Онно баар биир тиити туох да ынырыктык баппаҕайынан хайыта тыыппыт тыҥыраҕын суола баара үһү. Булчут кэтээн көрбүтэ, оруобуна нэдиэлэ анараа өттүнээҕи быһылаан эбит. Уонна, эмискэ, били суорун өйдүү биэрбит. Суор барахсан, киҥэ-наара холло сылдьар тыатааҕылыын көрсүһүннэримээри, булчуту аралдьытан туора илдьэ бардаҕа. Арай, ити кэмҥэ булчут суору улахаҥҥа уурбатах буоллун? Туох быһылаан тахсара биллибэт этэ.

                                       Дьоҥҥо көстөрө - сэрэтии

Анна Жиркова:

- Булуҥ оройуонун биир нэһилиэгэр библиотекарынан эдэр кыыс ананан үлэлии тиийбит. Эдэр үлэһити олохтоох сэбиэт биир дьиэҕэ олохтуур. Биирдэ киэһэ дьиэтин аанын тоҥсуйаллар. “Эмиэ хайалара кэллэҕэй?”, - дии саныы -саныы кыыс аанын арыйар. Арай олус эдэркээн, сытыы-хотуу уол киирэн кэлбит. Дорооболоһор, кэпсэтэллэр. Кыыстан хантан кэлбитин, тугу үлэлиирин, бөһүөлэккэ төһө хомсомуол баарын интэриэһиргээн ыйыталаһар. Кыыс иһигэр хайдах маннык үчүгэйкээн уол баарын мин хайдах билбэтэхпиний, хантан эрэ атын бөһүөлэктэн кэлбитэ буолуо дии саныыр. Сотору соҕус буолан баран уол бырастыылаһан тахсан барар. Кыыс кимин-тугун ыйыталаспакка хаалбытыттан сүрдээҕин хомойор. Сарсыныгар бииргэ үлэлиир дьонугар ыалдьытын туһунан кэпсиир.

Олохтоохтор тута ким сылдьыбытын сэрэйэллэр. Кыыска: “Черноградскай эйиэхэ ыалдьыттаан барбыт. Ол аата бу дойдуга эн уһуннук олороруҥ сатаммат буолбут. Түргэнник дойдугар төттөрү бардаххына сатаныыһы”, - дэһэллэр. Кыыс Черноградскай диэн кимий уонна тоҕо мин бу дойдуттан барыахтаахпыный диэн ыйыталаспыт. Онно: “Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар киин улуустан манна эдэркээн хомсомуол сэкирэтээрэ уол ананан үлэлии кэлбитэ. Кини ыстаадалары кэрийэ сылдьан, ыччаты хомсомуолга киирэллэригэр агитациялыыра. Ол сылдьан улахан буурҕаҕа түбэһэн, мунан, тоҥон өлбүтэ. Уонна кини бу дойдуга табыллан олорумаары гыммыт дьоҥҥо көстөөччү”, - диэн быһааран кэпсээбиттэр. Ону истэн кыыс дойдутугар төттөрү көһөн барбыт.

Дьикти көтөр дьиэ кэргэни буулаабыт

Н. Макарова:

- Биһиэхэ дойдубутугар Дьүкээгир диэн сир баар. Бу бэрт кыра бөһүөлэк. Баара-суоҕа үс-түөрт ыал олорор булчуттар дэриэбинэлэрэ буолар. Кинилэр балыктыыллар, кырсалыыллар. Биирдэ саас кус-хаас кэлиитэ, биир ыал аҕалара уонна күтүөттэрэ кустуу бараллар. Ол сырыттахтарына, биир көтөр кэлэн үрдүлэринэн эргийэн барбыт. Көрдөхтөрүнэ көтөр, ол гынан баран сирэйэ киһи мөссүөнүгэр майгынныыра эбитэ үһү. Кынаттара көтөргө майгынныыр эрээрилэр, кынаттарын төбөтүгэр киһи төбөтүн курдуктар бааллар үһү. Ону көрөн бу дьон сүрдээҕин дьиктиргээбиттэр. Дьиэлэригэр кэлэн баран, кимиэхэ даҕаны кэпсээбэтэхтэр. Кэлин эмиэ көрбүттэр уонна туох ааттаах көтөрө биһигини буулаата дии санаан, ытан түһэрбиттэр. Өлөрбүт көтөрдөрүн ылан кистээн кэбиспиттэр.

Сотору кэминэн бу уол кыра уоллара сөтүөлүү сылдьан ууга түһэн өлөр. Чочумча буолаат, аны аҕалара улаханнык ыалдьар. Кини ыалдьа сытан, били өлөрбүт көтөрүн саныы биэрэр. Күтүөтүн ыҥыртаран ылан, кистээбит көтөрдөрүн уматарыгар сүбэлиир. Сотору буолаат, аҕалара орто дойду олоҕуттан букатыннаахтык барар. Ол кыһыныгар кыыстара оҕолоноору быстар. Нөҥүө сайыныгар күтүөттэрэ ыалдьан суох буолар. Дьикти көтөр туһунан күтүөттэрэ ыалдьа сытан кэпсээбитэ үһү. Бу түбэлтэ 1982-1983 сыллардаахха буолбута.

           Сиэри- туому тутуһар буолуҥ

А. Слепцова:

- Бу илэ олоххо буолбут түбэлтэ 1978 сыл сайыныгар буолбута. Ити саас мин иккис кылааһы бүтэрбитим уонна тыаҕа эбэбэр сынньана тахсыбытым. Бу саҕана балыыһаҕа саҥаһым улаханнык ыалдьа сытара. Ыйыталастахха быраастар: “Туруга олус мөлтөх”, - диэн хоруйдууллара. Биир сарсыарда утуйа сытан биэс чаас саҕана уһукта биэрдибит. Иһиттэхпитинэ, чэпчэки атах тыаһа хааман кэллэ уонна саҥаспыт хоһун диэки ааста быһыылаах. Сарсыарда аҕыс чаас саҕана балыыһаттан “киһигит куһаҕан буолла” диэн биллэрбиттэрэ. Дьоммут туох баар үгэһи кэспэккэ туран, саҥаспытын буорга кистээбиттэрэ. Сотору таайым балыстара дьиэни сууйан-тараан, барытын саҥалыы оҥорбуттара: кырааскалаабыттара, ыскааптары уларыта туруортаабыттара, саҥа аан, түннүк сабыыларын ыйаабыттара. Маны барытын саҥаспыт түөрт уон хонугун иннинэ оҥорбуттара.

Биир киэһэ кыра эдьиийбин кытта хотоҥҥо ынах ыаһа тахсыбытым. Хотонтон төннөн киирбитим, арай саалабыт уота умайан турар эбит. Дьонум дьиэҕэ бааллар эбит дии санааммын көтөн түспүтүм, арай уу-чуумпу, ким да суох. Саҥаһым хосторун аанын ким эрэ үөһэттэн тыаһа суох сабан кэбистэ. Хоско ким эмит баара буолуо диэммин киирбитим, киһи баар сибикитэ суоҕа. Ону көрөн олус куттанным. Кутталбыттан илиим- атаҕым сап-салыбырас буолан хаалла.  Таһырдьа ыстанан тахсан,  балаҕаҥҥа киирбитим, дьонум сэлэһэ олороллор эбит. Ийэм аһара ынырык көрүҥмүттэн соһуйда ахан. Онно тугу көрбүппүн, туох баарынан кэпсээн биэрдим. Бары дьиэҕэ киирдибит. Кэлин кырдьаҕас эмээхсиҥҥэ кэпсээбиттэригэр: “Эһиги түөрт уон хонугун иннинэ улахан уларытыыны оҥорбуккут. Ону сөбүлээбэтэх буолуохтаах”, - диэн быһааран биэрбит. Онон саха үгэһигэр өлбүттээх киһи дьиэтин 40 хонук иһигэр уларытыа суохтаах эбиккит, ону өйдөөн кэбиһиҥ диэн кылгас сүбэбин тиэрдэбин.

Айылҕаҕа дьикти күүс баар

Валентина Яковлева, Горнай, Бэс Күөлэ:

- Бу түбэлтэ Кэбээйи Мукучутугар буолбута. Мин ол саҕана төрдүс кылааска үөрэнэрим. Биирдэ Дуня Макарова диэн дьүөгэбинээн кылаас сууйар дьуһуурустубабыт тиийэн кэлбитэ. Ол күн биһиэнэ биһиэнин курдук уоппутун эрдэ ылбыттара. Кылааспытын чүмэчи уотугар сууйдубут. Сууйан бүтэрэн баран, мин сууйар тэриллэр турар анал хосторугар швабраны уура бардым. Кыыһым биэдэрэлээх ууну тоҕо барда. Көрүдүөр хабыс-хараҥа. Ыйдаҥалаах киэһэ буолан, түннүгүнэн сырдаан көстөр этэ. Ол баран истэхпинэ, муннук диэкиттэн хап-хара сирэйдээх, лэппэҕэр баттахтаах кыыс (ол саҕана лэппэҕэр баттахтаах кыыс суоҕа, бары уһун суһуохтаах этибит) тыаһа суох мин диэки дьүккүччү көрөн устан кэлбитэ. Мин бастаан өссө саҥа кыыс кэлбит дуу диэн көрбүтүм. Онтон миэтэрэ аҥаара чугаһаабытыгар, этим дьар гына түспүтэ, уҥуоҕум халыр босхо барыах курдук буолбута. Онтон өйдөнөн кэлэн, швабраны туора элитээт, тыыным быстарынан таһырдьа ойдум. Дьүөгэм ону көрөөт эмиэ куттанна быһыылаах, биэдэрэтин быраҕаат, мин кэннибиттэн таһырдьа ыстанна. Иккиэн кутталбытыттан мин дьиэм таһыгар хайдах кэлбиппитин бэйэбит да өйдөөбөккө хаалбыппыт. Ол саас 10-с кылааска үөрэнэр кыыс өлбүтэ. Онон, мин саныахпар айылҕаҕа туох эрэ дьикти күүс баар быһыылаах. Ол саҕана кэпсээбиппэр ким да улаханнык болҕомтоҕо ылбатаҕа.

                 Хайа иччитэ буруонан сэрэппит

Л. Аммосова:

- 1985 сыллаахха кыһын Үөһээ Дьааҥы улууһун Сыһыы Мэйиитин учаастагар бу түбэлтэ буолбута. Олохтоохтор күнүс хайа кэтэҕиттэн, хара буруо унааран тахсарын түбэһэ көрбүттэр. Балайда буолан баран, ол буруолара сүтэн хаалбыт. Дьон-сэргэ кыһын ортото туох буруота тахсар буоллаҕай диэн наһаа дьиктиргээбиттэр. Нөҥүө күнүгэр ферма хотонун оһоҕуттан уот баран, сүүрбэччэ сүөһүлээхтэрэ буруоҕа тумнастан өлбүттэр. Сарсыарда эрдэ атыыр оҕустары көрөөччү киһи кэлбитэ, хотон иһигэр буруо бөҕөтө буолбут. Кини дьоҥҥо тыллаан, сорох сүөһүлэри этэҥҥэ быыһаабыттар. Дьоннор били хайаҕа көстүбүт буруо, сүөһүлэр тумнастан өлөллөрүн биттэммит диэн кэпсэтэллэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...