16.05.2024 | 14:00

Дрону күрдьэҕинэн суулларбыт саха буойуна

Дрону күрдьэҕинэн суулларбыт саха буойуна
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Нэдиэлэ аайы саҥаттан саҥа киһини билсэр, салгыы кинини кытта сибээһи тутар, суруйсар суруналыыс идэлээх киһи үлэтин биир эмиэ интэриэһинэй өрүтэ. Мин анал байыаннай дьайыыга сылдьар суруйбут, ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр таһаарбыт уолаттарбын үгүстэрин билсэбин, ыйыталаһабын, ханна тиийбиттэрин, сылдьалларын сураһабын, хомойуох иһин, сорохторун сүтэрэбин...

Хачыгаардыы сылдьан бэбиэскэ туппутум

Анал байыаннай дьайыыга мобилизация саҕаламмыт күнүгэр, ол эбэтэр балаҕан ыйын 22 күнүн киэһэ, миэхэ бэбиэскэ туттарбыттара. Арай үлэлии сырыттахпына начаалынньыгым киирэн администрацияҕа ыҥырдылар диэтэ. Мин тоҕо ыҥырдахтарай, тугу гыннахпыный, туох буоллаҕай дии санаатым. Киирбитим полиция, баһылык солбуйааччыта эҥин бааллар, арай администрация сэкирэтээрэ бэбиэскэ туттарда. Ол күн биһиги нэһилиэкпитигэр икки киһиэхэ кэлбит этэ.  Онон үлэлээн бүттүм, баран бэлэмнэн, сарсыарда 9 чааска Аммаҕа киирэн Дьокуускайга бараҕыт диэн буолла.

Кэлэн дьоммор эттим. Аҕам истэн соһуйда, ийэм суох, орто дойдуттан барбыта. Бэйэм кэргэннээхпин, холбоон үс оҕолоохпут. Кэргэним улахан кыыһа быйыл алтыс оҕотун төрөөтө, мин суохпар ийэтигэр илии-атах буолан бииргэ олороллор.

Атааралларыгар улахан айманыы суох этэ, бэйэбит даҕаны хайдах эрэ үөрэ-көтө арахсыбыппыт, дьарыктана бардыбыт дии санаабыппыт, үс ый үөрэнэҕит уонна саҥа дьылга кэлэҕит диэбиттэрэ. Ол да буоллар испэр сэрэйбитим, олох атын дьаһалга баран эрэбит диэн.

 

Аҕыйах хоноот, тута Украинаҕа

Дьокуускайтан Владивостокка көтөн тиийбиппит, Артем куоракка түүн кэлэннэр илдьэ бардылар, Сергеевкаҕа аҕалан таҥыннардылар, онтон казармаҕа икки хоммуппут. Туох да үөрэтии суох, полигоҥҥа илдьэн аптамаат туттартаан кэбистилэр. Бэйэм ытык иэспин Хабаровскайга Бекин-1 куоракка төлөөбүтүм, пехотаҕа сулууспалаабытым, механик-водитель БМП диэҥҥэ. Төһө да сулууспаҕа сырыттарбыт, ырааттаҕа дии, мин, холобур, 42 саастаахпын, сүүрбэттэн тахса сыл устата киһи умнара да элбэх буоллаҕа. 

Тута оптуобустар кэлбиттэрэ, барыбытын стройдатан баран испииһэгинэн араартаабыттара, ким ханна барыахтааҕын. Дьэ онно сүрэҕим сэрэйдэ, мээнэ үөрэнэ барбаппатын. Стрелок, гранатометчик көмөлөһөөччүтэ диэн буоллум.

Ол курдук Ростовка көтөн тиийбиппит, онтон массыыналарынан айаннаан “Космос” диэн полигоҥҥа тиийэн “перестрелкаланныбыт”. Үөрэх курдук оҥордулар. Ити балаҕан ыйын бүтэһигэр. Буомба тыаһа бөҕө. Хайдах эрэ куттанныбыт, куттаммат, саллыбат киһи диэн суоҕа буолуо ээ. Ити курдук биһигини тутатына аҕалбыт буоллахтарына, икки ый эҥин үөрэнэн баран кэлбиттэр эмиэ бааллара.

 

Сиспин маска баттаппытым

Сиспин өлөрөн сылтан ордук сырыттым, иккитэ эпэрээссийэ аастым, бастаан Владивостокка, онтон манна, дойдубар. Уоппускаҕа кэлбитим кэннэ атаҕым аккаастаан кэбиспитэ. Тулуйа сатаан баран куоракка киирэн көрдөрүнэн, былырыын атырдьах ыйыгар РБ-2 эпэрээссийэ оҥорбуттара, тимир укпуттара, онон хаамабын. Ол кэннэ алта ый отсрочка биэрбиттэрэ, эмтэнэрбэр, онтон үчүгэй буолбут диэн хаттаан ыыппыттара, онон кулун тутарга чааспар тиийбитим. Онтон эпэрээссийэлэрбин хаттаан эчэтэн, дойдугуттан чугас диэн Ростовунан, Москванан эргитэн, билигин ыам ыйын 7 күнүттэн Хабаровскайга сытабын.

БМП-тан ыстанабын диэммин эчэттим, хата, тимирим тостубатах, тоноҕоһум хайа баран хаалбыт.

Бастакы эчэйиим анараа иһирдьэ этэ, миномет үлэлээбитэ, онтон куотан иһэн, хата, снаряд түспүт сиригэр, хайаҕаска түһэммин быыһаммытым, үрдүбэр мас түспүтэ, төбөтүнэн, ол оҥхойго киирбэтэҕим буоллар, бүтүннүү кэлэн баттыа эбит. Онтон ыла ынырыктаах ыарыыны тулуйа сылдьыбытым. Ол кэннэ ыксааммын чааспар тиийбиппэр, госпитальга ыыппыттара, МРТ түһэрбиттэрэ, грыжалааххын, диискэҕин сии сылдьар эбит диэбиттэрэ. Владивостокка 2023 сыл муус устарга эпэрээссийэлээн грыжабын ылан баран, пластиковай дискэ анньыбыттара, онтулара ньиэрбэбин анньан атахтарым аккаастаан, бүк тарда сылдьар буолбуттара.  Онтон ити дойдубар кэлбиппэр иккис эпэрээссийэбин оҥорбуттара.

Маарыын этэн аһарбытым курдук, чааспар кулун тутар 16 күнүгэр кэлбитим, Украинаҕа кулун тутар 25-гэр тиийбитим. Онтон БМП массыынаттан ыстанаары сиспин эчэтэбин, Мариупольга баран КТ түспүтүм аҥаар өттүм үлэлээбэт буолан хаалбыта. Онтон хамандыырым Гром ыксаан көрдөрө бар диэн эппититтэн бу кэлэн сытабын. Абытай ыарыы этэ, эрэй бөҕөтүн көрбүтүм.

 

Дрону күрдьэҕинэн суулларбытым

Бу саҥардыы тиийбиппит кэннэ, алтынньы ыйга буолбута. Позициябытыгар опорникка бэһиэ буолан сытабыт, опорник аайы 5-6 киһи буолар. Ол сыттахпытына дроннар кэлэллэр-бараллар, вок диэннэринэн (гранаталарынан) быраҕаттыыллар. Биир сарсыарда биир нууччабыт тахсан кулуһун оттон, буруо тахсыбытын көрөннөр, дроннары ыыталаатылар. Окуопабытыгар чэйдээри олордохпутуна син чугас соҕус вок бырахпыта, хата, таппатахтара.

Ити СВО саҕаланыытыгар буолан наһаа үөрэхтэрэ суох этэ, сыыһа түһэрбиттэрэ. Биһиги да улаханнык билбэппит. Кэпсииллэр этэ тугуй-ханныгый диэн, аны туран дрону ыттарбаттар, оччолорго көҥүллээбэттэр этэ.

Ол курдук үс уолбут атын позицияҕа баран хааллылар, уолаттары көрсө эҥин. Биһиги Алдан уолун кытта хаалбыппыт, кини киирэн утуйан хаалбыта. Мин блиндажка олоробун, онтон наадабар таҕыстым, күнүс этэ. Арай баран иһэр сирбинэн дрон дырылаабытынан бу көтөн таҕыста, мин тута күрдьэҕинэн быһа саайан кэбистим, намыһах этэ, алларааттан көтөн тахсыбыт, кэтии олордоҕо. Биирэ көтөн кэлэн ойоҕоһунан түстэ, мин тута киирэн уолбун уһугуннардым, иккиэн түспүт воктары дьааһыгынан бүөлээтибит, саптыбыт.

Онтон сарсыныгар уолум видеонан күрдьэҕинэн бэйэтэ саайбыт курдук кэпсэнэр, мин кутталбыттан саҥарар да кыаҕым суох, аны туран нууччалыы да сатаан кэпсээбэппин буоллаҕа. Кини, дьиҥэр, утуйа сыттаҕа дии, киирэн уһугуннарбытым кэннэ туран ол көмөлөспүтэ, уонна бэйэтигэр ылына сатыыр. Уолаттарбыт кэлэн  хамандыырга тыллаабыттара. Хамандыыр сапердары ыыталаан, кэлэннэр, дронун ылбыттара, икки гранатаны хаалларан бараннар баран хаалбыттара. Олор кэнники снаряд ытыалыылларыгар эстибиттэр этэ. Онон, арааһынай дьон баар буолар эбит, мин дакаастыы-хайыы сатаабатаҕым, уолаттарым, хамандыырым итэҕэйбиттэрэ.

 

Элбэх уолбут хаалбыта

Передовойга ытыалаһыы кэмигэр хохоллары бу диэн көрбөтөҕүм, ыраахтан ытыалаһар этибит. Биһиги аттынааҕы позицияҕа сытар уолаттар күн аайы ытыалаһаллар этэ, анарааҥылар чугаһыы сатаан наступление бөҕөтө оҥороллор.

Эпэрээссийэлэнэн баран Уссурийскайга кэлэн сыттахпына наступление оҥорбуттар этэ, онно хамандыырбыт эҥин, барыта хас да буолан хаалбыттар. Ньурбаттан сылдьар уолбут күн бүгүнүгэр диэри суох, булбатахтар. Ол позициябытын былдьаабыттар этэ, билигин биһиэннэрэ киирэннэр сыталлар үһү. Ити Володаровкаҕа.

 

Куттал син биир баар

Эдэр уолаттар биһиги курдук буолбатахтар, быдан сымсалар, киирэн-тахсан, сүүрэн-көтөн. Куттал син биир баарынан баар. Билигин үрдүгүнэн араас дрон уонтан тахсалыы, сүүрбэччэлии буолан көтөллөр. “Дьэгэ-бааба”  диэн улахан дрон улахан снаряды илдьэ сылдьар, “камикадзелар” эмиэ улахаттар, дьэ олор кэллэхтэринэ таҥараҕыттан, айыыларгыттан эрэ көрдөһөҕүн.  Биһиги бастаан тиийэрбитигэр гранатаны эрэ быраҕар дроннар бааллар этэ, билигин улахан снарядтары быраҕаттыыллар.

Олохтоохтор сыһыаннара араас. Биир эмээхсин баар этэ. Үс уолум эһигини утары сэриилэһэ сылдьар, күүстэринэн илдьэ барбыттара диир. Дьаабылыканан күндүлүүр, козалаах, үүт эҥин бэрсэр этэ. Үөхсүбэт эҥин. Дэриэбинэҕэ маҕаһыыҥҥа киирдэххэ куһаҕаннык көрөөччү, саҥарааччы, үөҕээччи да баар буолар.  Биһиги кинилэртэн эттэрин, сыаларын эҥин ыла сатаабаппыт, дьааттыахтарын сөп. Оннукка түбэспит киһи буолунай диэбиттэрэ, холуодьастан ууну ылымаҥ, иһимэҥ дииллэр. Крыса дьаатын эҥин килиэптэригэр куталлар эбит, хас да уол сүһүрбүттэр этэ.

 

Тыыннаах хаалыахха наада

Бу дьайыыга патриоттуу санаабытынан диэн тылланан барааччылар да бааллар, харчы да иһин барааччылар, «олохтон сылайбыттар» да суох буолбатахтар диэн көрөбүн. Ол эрээри эдэркээн уолаттар суорума суолланалларын, илиитэ-атаҕа суох да хаалалларын көрөр дьулаан. Мин даҕаны дьиэбэр тыыннаах тиийиэм диэн улахан эрэлим суох. 

Суоппарынан сылдьааччылар, минометчиктар, артиллериялар тыыннаах хаалалларыгар син эрэл баар.

Бу көрдөхпүнэ, соҕотохтуу, иккиэ эҥин буолан сылдьымыахха наада, 6-7-8 буолан сырыттахха, өллөххүнэ эҥин кыах баар буоллаҕына таһаараллар, хааллыҥ да бүттэ. Крысалара бэйэлэрэ куоска саҕалар. Оҕуттуҥ да бүттэ, начаас кэлэн сииллэр.

Анараа нэһилиэкпиттэн барбыт уолум билигин Украинаҕа сылдьар, минометчик, бастаан снайперынан эҥин сылдьыбыт этэ, сайын уоппускаҕа кэлэ сылдьан көрсүбүппүт.

Үһүстээн бар диэтэхтэринэ, сыыйбатахтарына, барар буоллаҕым дии. Байыаннай буоллуҥ да, бирикээстэрин толороргор эрэ тиийэҕин.

Аан бастаан тиийбит күммүтүгэр передовойга киирбит тааҥка саайталыыра абытай этэ. Онно баҕас бу түүн өлөр буоллубут дэспиппит. Хас да оннук күн кэнниттэн син үөрэммиппит. Тааҥка ытыалыыра диэн олус кутталлаах, өссө “полька” диэн тэриллэр бааллар, олох иһиллибэт, тута кэлэн түһэр. Боростуой минометтар тыастара иһиллэр, ханан кэлэн түһэрин син билэҕин.

Бэтэрээн дастабырыанньабын оҥорон биэрэ иликтэр. Наҕараадаҕа бастакы ротнайым түһэрбитэ да, биллэ илик, ханныгын да билбэппин, наҕараада диэн “чепуха”, кылаабынайа, тыыннаах хаалыахха наада.

Түгэнинэн туһанан улахан махталбын Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякиҥҥа тиэрдиэхпин баҕарабын. Манна кэлэрбэр дьиэ туттан испитим. Баһылыгым дьон булан, администрация үлэһиттэрэ, нэһилиэгим олохтоохторо көмөлөһөн, ол дьиэбин тутан улахан көмөнү оҥордулар. Онон биир дойдулаахтарбар улаханнык махтанабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....