30.08.2024 | 10:00

Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар

(Петр Николаевич Захаров 90 сааһын көрсө)
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
Ааптар: Е.А. Павлов, Кэбээйи
Бөлөххө киир

Петр Николаевич – тыыл бэтэрээнэ, И.В. Сталин төбөлөөх  «1941-1945с.с. килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл, «Гражданскай кибиэн» ытык бэлиэ хаһаайына, СӨ Ытык Сүбэтин бочуоттаах кырдьаҕаһа, Кэбээйи улууһун Бочуоттаах гражданина, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Хас да кинигэ ааптара. Үс оҕолоох, элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах эһэтэ. Мин кини олорбут үтүөкэн олоҕун, үлэтин-хамнаһын туһунан, одоҥ-додоҥ да буоллар, ахтан-санаан ааһарга сананным.

Петр Николаевич Захаров 1934 с. балаҕан ыйын 3 күнүгэр уруккута Саккырыыр национальнай оройуонун Ламыҥха нэһилиэгин Ыал уһук учаастагар киинэ түспүтэ. Оҕо сааһа сэрии, сэрии кэннинээҕи ас-таҥас кырыымчык, олох-дьаһах ыар кэмигэр ааспыта. Сиэгэн оскуолатын, онтон Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн, онтон салгыы Омсайдааҕы бэтэринээринэй институту 1961 с. бүтэрэн,  олох, үлэ киэҥ аартыгар бигэтик хардыылыыр. Ол курдук:
— 1961-1976с.с. – «Кировскай» сопхуос кылаабынай ветбырааһа;
— 1976-1998с.с. – Кировскай нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, баһылыгынан үлэлээбитэ.
— 2003-2019с.с. нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин салайбыта.

Сүдү дьон, сөҕүмэр көмө, улахан үлэ!

Урут «Кировскай» сопхуос икки салаалааҕа – Сэбээн Күөл уонна Сиэгэн Күөл. Бу нэһилиэктэр икки ардылара хас эмэ сүүһүнэн көс этэ. Аны олор истэригэр уонунан көһүнэн тарҕана сытар пиэрмэлэр, ыстаадалар. Үксүн атынан, табанан айанныыр кэмнэргэ Петр Николаевич үлэлээн, киһи быһыытынан хатарыллыбыта, салайааччы, исписэлиис быһыытынан сайдыбыта.

Бу маннык үлэлии сырыттаҕына  1977 с. паартыйа Кэбээйитээҕи райкома уонна Сэбиэтэ Кировскай нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн туруораллар, ону дьокутааттар биир санаанан өйүүллэр.

Ол кэмнэргэ паартыйа тэрийэр отдела каадырдарынан күүскэ дьарыктанара. Эдэр исписэлиистэри кэтээн көрөрө уонна дуоһунастарга туруортуура. Онон, бу киинтэн тэйиччи сытар, салайарга, сайыннарарга олус уустук Кировскай  нэһилиэги кыайдаҕына Петр Николаевич кыайыа диэн – кини кандидатуратыгар тохтоотохторо. Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар уонунан сылларга сыралаһан үлэлээн, ол эрэллэрин чиэстээхтик толорбута.

Петр Николаевич бастаан үлэлииригэр хонтуората да суоҕа, ханна тэрилтэ биэрбит хоһугар, сэбиэт кыбыллан үлэлиирэ.

Балыыһа дьиэтэ тутуллан, бу иннинэ балыыһа буолан турбут 4 кыбартыыралаах дьиэ биир хоһо сэбиэккэ бэриллэр. Ол да олус кыараҕаһа. Онон Сэбиэт саҥа бэрэссэдээтэлэ айымньылаахтык үлэлииргэ сөптөөх усулуобуйа баар буолуохтаах диэн хара маҥнайгыттан хонтуора дьиэтэ тутуллар боппуруоһун күүскэ туруорсар. Үп көрүллэн, бөһүөлэк хабайар хаба ортотугар, Сэбиэт үлэлиир административнай дьиэтэ дьэндэйэн тахсар. Саҥа кулууп дьиэтин хабан, штакетнигынан күрүөлээн, мас олордон, ып-ыраас, тиэхиньикэ эҥин киирбэт, киһи кута-сүрэ тохтуур сирэ буолар. Петр Николаевич Сэбиэт бэрэссэдээтэлин быһыытынан бу бастакы улахан ситиһиитэ этэ.

Маны кытта тэҥҥэ нэһилиэк сүрүн тэрилтэлэрэ үрдүк көдьүүстээхтик үлэлииллэрин туһугар күүскэ ылсан үлэлээбитэ. Саҥа балыыһа, оҕо уһуйаанын дьиэлэригэр, амбулаторияҕа ититии үлэтэ, гараас, куукуна дьиэлэрэ эбии тутуллубуттара. Саҥа оскуола дьиэтин төрдүттэн көннөрүү үлэтэ күүскэ барбыта. Тэрилтэлэр каадырдарынан хааччыллыылара тупсубута, кинилэр үлэлиир, сынньанар усулуобуйалара хайдаҕар болҕомтотун уурара.

Маны барытын эттэххэ дөбөҥ. Үп көрдөөһүнэ, матырыйаал булуута, үлэни ыыттарыы, кэлии-барыы.  Ананан кэлбит исписэлиистэри олорор дьиэнэн хааччыйыы, ол эмиэ уустук боппуруос. Били, этэргэ дылы, «тиийбэт тирии, татым тарбах» этэ.

Суол-иис мөлтөҕө, бары-барыта улахан ороскуоту көрсөн оҥоһуллар буолан, сайдыы олус бытааннык сыҕарыйара.

Петр Николаевич, номнуо нэһилиэк баһылыга буолбут киһи, сайдыыны хайдах түргэтэтэргэ өйүн-санаатын уурбута, араас үүтү-хайаҕаһы була сатаабыта. Оннук биир хардыыны тобулбута. Омскай куоракка үрдүк үөрэххэ бииргэ үөрэммит, ол саҕана Саха  Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаевка приемҥа сылдьыыта буолар.

Михаил Ефимович, сэбээннэр, сиэгэннэр балаһыанньаларын үчүгэйдик билэр буолан, эдэр сааһын доҕоро Петр Николаевич туруорсуутун олус чугастык ылыммыта. Кини быһаччы көмөтүнэн бырыһыана суох кирэдьиит бэриллибитэ. Бэлэм тутуу матырыйаала, оскуоматыгар тиийэ, сантиэхиньикэ матырыйаалын арааһа, кини быһаччы дьаһалынан бэриллибитэ. Ол барыта кылгас кэм иһигэр Батамайга таһыллан хайа курдук кыстаммыта. Үлэ күөстүү оргуйбута. Икки бөһүөлэгинэн, Сиэгэнинэн уонна Батамайынан, 30-ча олорор дьиэ тутуллубута. Саҥа дьоҕус оройуоннар баар буолбуттара.

Сүдү дьон, сөҕүмэр көмө, улахан үлэ! Бу манныгы этэн эрдэхтэрэ – дьаныардаах үлэ аартыга арыллан, түбүктээх үлэ түмүктээх буоллаҕа диэн.

Үлэ элбээн, икки нэһилиэги биир баһылык салайара ыараабыта. Онон улуус баһылыга С.И. Кобяков дьаһалынан Батамайга баһылык солбуйааччытын дуоһунаһа олохтоммута. Петр Николаевич Батамайга солбуйааччытынан бу нэһилиэк төрүт олохтооҕо Чемезов Петр Семенович анаммыта уонна өр сылларга бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Салгыы даҕаны Батамайга, Сиэгэҥҥэ тутуу балачча барбыта. Аныгы матырыйаалынан оскуола, балыыһа, уһуйаан дьиэлэрэ дьэндэспиттэрэ. Маныаха Петр Николаевич тыла-өһө, сиэрдээх туруорсуута улахан оруолу ылбыта саарбаҕа суох.

 

П.Н. Захаров, М.Е. Николаев, Омскай куорат

Уопсастыбаннас күүһүн сатабыллаахтык туһанан

Дьиҥэр, Сэбиэт үлэтэ тутуу эрэ буолуо дуо. Үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабыла, оскуола иннинээҕи иитии-үөрэтии, култуура, уопсастыбаннас эргийэр киинэ сэбиэт, баһылык буоллаҕа. Оттон тыа хаһаайыстыбатын курдук ыарахан салаа сылы эргиччи уопсастыбаннас көмөтүгэр наадыйара. Петр Николаевич бэйэтэ бу салааҕа өр кэмҥэ эриллибит киһи быһыытынан сылгы-сүөһү, отчут-масчыт кыһалҕатын билэрэ. Онон дьону көҕүлээн, тэрилтэлэри сороҕор модьуйан даҕаны, араас үлэҕэ уопсастыбаннас күүһүн сатабыллаатык туһанара. Холобур, Улахан Сыһыыны, 50-60 туонна от кэлэр сирин, уопсастыбаннас оттоон биэрэрэ. Маныаха барытыгар Петр Николаевич бэйэтинэн холобур буолара. От охсуутугар ыытыллар күүлэйдэргэ 150-160 суотай сири дайбаан, сыллата бастыыра. Онтон бүтэһик охсуутугар 2 гаа сири нэлэһитэн, абсолютнай чемпион буолбута. Ону сопхуос профкомун бэрэссэдээтэлэ Н.Е. Макаров мээрэйдээбитэ.

Биир сайын 30-ча гаалаах ходуһаны иккиэн охсон бүтэрбиппит. Онно ханнык эрэ от охсуутугар декаднай күрэхтэһиигэ киирсэ сыдьыбыппыт быһыылааҕа. Күн ахсын 2-лии гааттан ордук сири охсон нэлэһитэрбит.

Хамнастаах үлэтиттэн уурайан да баран быар куустан олорботоҕо, эбэтэр били, этэргэ дылы, «орон, дьыбаан патриота» буолбатаҕа.

16 сыл устата Кировскай нэһилиэк бэтэрээннэрин Сэбиэтин салайбыта. Музейга үлэлиир сылларбар улуус бэтэрээннэригэр улахан стела оҥоһуутугар аан бастаан Петр Николаевич олус хаачыстыбалаах матырыйаалы тиксэрбитин өйдүүбүн, дьонун-сэргэтин ис сүрэҕиттэн үйэтитэ сатыыра итинтэн көстөрө.

Бадаҕа, Улуу Кыайыы 65 сылын көрсө быһыылааҕа. Оройуоммут киинигэр Сангаарга «Не стареют душой ветераны» диэн 12 нэһилиэк бэтэрээннэрэ кыттыылаах спорт араас көрүҥнэригэр күрэхтэһии ыытыллыбыта. Онно Сиэгэн Күөл бэтэрээннэрин хамаандата уопсай түмүккэ бастаан турардаах. Петр Николаевич бэйэтэ салгын саатынан ытыыга 1-кы миэстэҕэ тиксибитэ.

Бу сылларга «Ленин»,  «Бочуот Знага» уордьаннар кавалердара, САССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата «А.И. Кривошапкина», «Үтүө дьон аата үс үйэни уҥуордуур» уонна «Үлэм, олоҕум умнуллубат аргыстара» диэн кинигэлэри таһаартаран, дьонугар-сэргэтигэр биир эмиэ үтүөкэннээх бэлэҕи оҥорон хаалларда.

 

Дьоро киэһэ, сэдэх түгэн

Петр Николаевич олоҕо бүүс-бүтүннүү үлэ эрэ диэтэххэ, кэрэгэй буолуо. Кини да сынньанар, булка-алка сылдьар кэмнэрдээҕэ. Олортон биир түгэни ахтан-санаан ааһыахха.

Биир күһүн «Кировскай» сопхуос аар-саарга аатырбыт дириэктэрэ, «Бочуот Знага», «Норуоттар доҕордоһууларын» уордьаннарын кавалера, СӨ үтүөлээх ветбырааһа Петр Афанасьевич Кейметиновы кытта танкетканан күһүҥҥү булчуттарга барар буоллубут. Ол дьон бултуйан ыҥырбыттара чуолкай. Нэһилиэк хараҕа наадыйан олорор быыһык кэм этэ. Хас да мырааны уҥуордаан, таас үрэҕи батан, дьоммутугар чопчу тиийдибит. Онно бааллара: «Бочуот Знага»  уордьан кавалера, аатырбыт булчут Петр Прокопьевич Кривошапкин, райсовет бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Иван Яковлевич Сметанин, Петр Николаевич уонна сопхуос сылгыһыта Өлөксөй Кривошапкин – сэрии, тыыл бэтэрээнэ.

Биэс тайах этэ лаабыстанан, хас да тиит төргүү мутугун аайы тайах араас иһэ ыйанан тэйгэһэн тураллара. Онно эмис тайах суон оһоҕоһугар кутуллубут хааны амсайан турардаахпын. Ол Иван Яковлевич анаан-минээн оҥорор бүлүүдэтэ үһү уонна ону биэс тарбаҕын чобурҕаччы оборо-оборо, амтаһыйан саҥа аллайа-аллайа, сиэн мотуйдаҕына, киһи эрэ сыраана сүүрэр диэн кэпсииллэрэ.

Ол дьоро киэһэ этэ. Оройуоммут чулуу дьоно «Чекистэр үрдэллэрин» тэллэҕэр түмсэ түһэн, ас амтаннааҕын аһаан, сэһэн-сэппэн кэрэхсэбиллээҕин кэпсэтэн, күлэн-үөрэн, сынньанан ааспыттара мутугунан быраҕар муҥур үйэбит сэдэх түгэнинэн буолбута.

Төннөрбүтүгэр Петр Николаевич сыалаах тайах түөһүн охсон биэрэ-биэрэ: «Оҕолоргор илдьэн мииннээн иһэрт»,  – диэбитин үтүө санаа үрдүк көстүүтүн курдук ылыммытым.

Уопсайынан, мин эдэр сааспар оскуола дириэктэрин курдук эппиэттээх үлэҕэ Петр Николаевич курдук бэйэтигэр уонна атыттарга үрдүк ирдэбиллээх, олус бэрээдэктээх, үлэҕэ-хамнаска муҥура суох бэриниилээх киһини кытта бииргэ үлэлээбиппин Дьылҕа хаан бэлэҕин курдук сыаналыыбын. Киниттэн элбэххэ үөрэммитим.

Дьэ, онон Петр Николаевич Захаров төрөөбүт-үөскээбит Сиэгэнигэр үлэлээн-хамсаан элбэҕи оҥорбут, үтүөнү үксэппит киһи буолар. Бу маннык дьон олохторо, дьоҥҥо-сэргэҕэ оҥорбут үтүөлэрэ үс үйэни уҥуордаан кэпсэнэ туруохтун. Дом!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...