Дойдунаат — киин куораттан саҕаланар
Билигин дойдунаат (патриотизм) боппуруостара ордук сытыытык турар буолбуттарын, дойдуга бэриниилээх буолууга иитии кыһалҕаларын быһаарар кэмнэр үүммүттэрин үгүстэр бэлиэтииллэр. Дьокуускай куораттааҕы “Сардаана” 24 №-дээх уһуйаан иитээччитэ Санаайа Николаевна Лыткина оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго патриотическай уратыларын билэллэригэр бастатан туран төрөөбүт куораттарын историятын уонна култууратын билиһиннэриэхтээхпит диэн санаатын үллэстэр:
– Патриотическай иитии оҕо личность быһыытынан сайдан тахсарыгар улахан оруолу оонньуур, оҕо уопсай сайдыытыгар, киһи буолан тахсарыгар тирэх буолар кыахтаах. Оннук иитии биир сүрүн ньымата куораппыт историятын үөрэтиигэ сытар диибин. Маныаха Дьокуускай куоракка олорор оҕолору эрэ буолбакка, биһиги холобурбутунан, ханнык баҕарар нэһилиэк, улуус уһуйааннара барыахтарын сөп эбит – бэйэлэрин нэһилиэктэрин, улуустарын историятын үөрэтииттэн саҕалыыллар.
Оҕо номнуо 4-6 сааһыттан тулалыыр эйгэтин күүскэ интэриэһиргээн барар. Ол иһин бачча саастаах оҕолорго биһиги, педагогтар, билиини-көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах дьаарбайыылары, экскурсиялары хото туһанабыт. Дьокуускай историятын кэпсиир бэлиэ сирдэри кэрийэбит, куорат символларын үөрэтэбит.
Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитии федеральнай бырагыраамата диэн баар. Онно дойдунаат иитиитэ духуобунаска тирэҕирэрин, ийэ дойдуга эппиэтинэстээх сыһыаны олохтуурун туһунан кытта ыйылла сылдьар. Ону таһынан уһуйаан биир сыалынан бэйэ дойдутугар интэриэһи күүһүрдүү буолуохтаах диэн эмиэ ыйыллар – маныаха айымньылаахтык сыһыаннастахха эрэ барыта сатаныан сөп дии саныыбын.
Гражданин диэн кими иитэбит?
– Биһиги, бастатан туран, гражданины – судаарыстыба бүттүүн олоҕор кыттыһар кыахтаах, гражданскай уопсастыба бэрэстэбиитэлин быһыытынан көхтөөх киһини иитэн таһаарыахтаахпыт.
Урукку үйэ бөлүһүөктэрэ уонна муударай дьон дойдуга бэриниилээх буолууну оҕо кыра эрдэҕиттэн саҕыллыахтааҕын туһунан этэллэрэ. Холобур, Л.Н. Толстой оҕону норуот литературатын кытта билиһиннэрэн, остуоруйалаан, өс хоһооннорун үөрэтэн, чабырҕахтаан, нууччалыы көрдөөх хоһооннору (потешки), ырыалары толорон төрөөбүт дойдутугар сыһыанын бөҕөргөтөбүт диирэ.
Учуонай К.Д. Ушинскай этэринэн, оҕо өйүгэр-санаатыгар төрөөбүт дойду туһунан өйдөбүлэ “сыыһата суох сөпкө суруйуу” курдук тирэхтээх, тулхадыйбат буолуохтаах диэн суруйар. Кини “патриотизм оҕоҕо силис тардан, иҥэн сылдьыахтаах эбит” диир.
Үөрэтэр-методическай литератураҕа патриотизм “чугастан – ыраахха” барыахтааҕа бэркэ суруллар. Ол аата биһиги куораппытыгар сыһыарыыттан саҕалаан оҕолорбутугар бүтүн дойдуга бэриниилэх буолууну иитэн таһаарар кыахтаахпыт. Маны төрөппүттэр эмиэ ылыныахтарын наада.
Ф.Я. Ветохина уонна З.С. Дмитриенко үлэлэригэр суруйалларынан, оҕо төрөөбүт дойдутун кытта ситимэ дьиэ кэргэн иһиттэн саҕаланар. Сахаларга эмиэ хантан силистээҕиҥ-мутуктааҕыҥ улахан суолталаах эбээт. Оҕо кыра дойдутуттан саҕалаан аан дойдуну анааран барарын ситиһиэхтээхпит.
Уһуйаантан саҕалыыбыт
– Киин куораппытын билиһиннэрэн бардахпытына, оҕолорбут Дьокуускайбыт хайдах курдук атыттартан уратылааҕын, туох ситиһиилэрдээҕин, куораппытын көрө-истэ сылдьыахтаахпытын тута ылыналлар. Мантан эппиэтинэстээх буолуу саҕаланар.
Дьаарбайыы кэмигэр оҕолор болуоссаттар, күргэлэр, фонтаннар историяларын сэргииллэр. Хас биирдии тутуу туохха анаммытын быһаарабыт. Куорат каартатынан сирдэтинэн, уулуссалары үөрэтэбит.
Түмэллэргэ, пааркаларга, саадтарга сылдьыахха сөп. Манна култуура, искусство эйгэтигэр билиилэрин хаҥатабыт.
Маны таһынан тематическай дьарыктары ыытар үчүгэй. Куорат символларын, дьоруойдарын үөрэтэбит. Архыып хаартыскаларын, куорат былыргы көстүүтүн олус сэҥээрэллэр. Былыргыны уонна билиҥҥини тэҥнээн көрөллөрүгэр харахтара уоттана түһэр. Кинилэр бу баай историялаах куоракка олороллорун өйдүүллэр.
Биһиги “Сардаана” уһуйааммытыгар А.О. Ястребцова методикатынан улахан бөлөх оҕолоругар патриотическай иитии таһымын быһаарар чинчийиилэри ыыппыппыт. Бастакы түһүмэххэ – оҕолору, иккискэ төрөппүттэри хабан үлэлээтибит. Киин куораппыт бэлиэ сирдэрин, куораппыт уонна дойдубут символларын, оҕо дойдуга бэриниилэх буолуутун хайдах көрдөрөр кыахтааҕын, куораппыт тулалыыр эйгэтин харыстааһын о.д.а. атын боппуруостары таарыйдыбыт.
Чинчийиибит түмүгэр оҕолор Дьокуускай историятын ситэри билбэттэрэ, судаарыстыба символларыгар соччо быһаарсыбаттара көстөн кэлбитэ. Маны таһынан куорат эйгэтин харыстааһыҥҥа дьулуспаттара, дойдуларынан киэн туттуулара намыһаҕа биллибитэ.
Ол иһин биһиги хас да үөрэхтээһин бырайыагын үлэлэтэр буоллубут. Холобур, “Төрөппүт киин куораты билиитэ”, “Биһиги уһуйааммыт – биһиги киин куораппыт сорҕото” о.д.а. Биллэн турар, маныаха систиэмэлэммит, сааһыламмыт үгүс үлэ барыахтаах. Уһуйаантан саҕалаан дьоҕус түөлбэбитин, онтон киин куораппытын үөрэтэбит. Манна төрөппүттэр көмөлөрө хайаан да наада буолар.
Мин тылым
Көмө, сүбэ, харалта –
Тамай диэн ааттанар.
Амтан, хоргун, иҥэмтэ –
Таман диэн ааттанар.
Үрэх өрүскэ, күөлгэ түһэрэ
Эбэтэр быыһык сирэ –
Тамах диэн ааттанар.
Бу курдук биир дорҕоон солбуга
Сиэттиһэн эҥиҥҥэ тириэрдэр.
Эгэлгэ дьиктитэ, дьиибэтэ,
Киэлитэ, дириҥэ, кистэлэ.
Муҥурун булларбат олоҕо,
Самалык сыһыарыы сыстара,
Туохтааҕар да элбэх туохтуура,
Ойуулуур-дьүһүннүүр тыллара,
Сонордоон ситтэрбэт суолтата,
Оо, байҕал буоллаҕыҥ, мин тылым!
Оҕолоор, ордоруҥ тылгытын,
Олоххут туллубат тутааҕын,
Сир ийэ таптала, махтала
Сахаҕыт тылынан саҕыстын*!
*Саҕыстын - уот курдук күөдьүйдүн.
Эрэдээксийэттэн: Хаһыат таҥылла турдаҕына ааҕааччыбыт Валерий Михайлов «Киин куорат» хаһыакка саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталларын сийиэһин көрсө» диэн киирии суруктаах «Мин тылым» диэн бэйэтин хоһоонун аҕалан туттарбытын үөрүүнэн бэчээттиибит.
Намҥа ийэ тылы хараанныыр хамсааһыннар
Вилюяна Никитина – “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү салайааччыта:
– Быйыл сэтинньи оротугар Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр "Тупсууна" дьахтар сүбэтин тэрийиитинэн "Ийэ тыл кэскилэ" диэн кэпсэтии буолла. "Түһүлгэ" кииҥҥэ буолбут тэрээһиҥҥэ барыта 58 киһи кытынна.
Мустубут дьоҥҥо мин оҕо сахалыы саҥарара кини сайдыытыгар суолтатын туһунан иһитиннэрии оҥордум, онтон тыл үөрэхтээҕэ Саргылана Ноева оҕону сахалыы иитии ньымаларын кэпсээтэ.
Хамаҕаттаҕа биир төрөппүт өс хоһооннору суруйан, дьиэ эркинигэр сыһыаран, оҕолоругар үөрэтэн тылларын байытарын сэргии иһиттибит. Нэһилиэккэ сахалыы эйгэни тэрийиигэ элбэх этии киирдэ. Библиотека үлэһитэ “сахалыы кинигэни дьон уларсар эбит дуо?” диэн бу тэрээһиҥҥэ анаан үөрэтэн көрбүтүн бэлиэтээтэ уонна мантан антах сахалыы кинигэни дьон ааҕарын көҕүлүүр үлэни ыытар былааннаммыта үөртэ. Алын сүһүөх учуутала төрөппүттэри кытта үлэтин билиһиннэрдэ уонна саха тылын туһугар үлэҕэ кыттыһыан баҕарарын эттэ.
"Күн" түмсүү оҕолору кытта кэпсэттилэр. Оҕолор кыһалҕа баарын бэйэбитигэр бэлиэтээтибит, биһиги манна кыттыһыахпыт диэн түмүк оҥордулар.
Түмүгэр "Тупсууна" дьахтар сүбэтэ кэлэр сылы нэһилиэккэ саха тылын сылынан биллэриэххэ диэн этиини киллэрэн, салгыы үлэлэһэр торумун оҥоруохпут диэн эрэннэрдилэр. Онон хайыы-үйэ үтүө түмүктээх көрсүһүү буолан ааста. Дьон кыһалҕа баарын билэр, өйдүүр, киэҥ хардыылары оҥорорго бэлэмин көрдөрдө.
Сэтинньи 29 күнүгэр Намҥа "Ийэ тылбыт дьылҕата. Ийэ куппут туруга. Ийэ сирбит кэскилэ" диэн улуус сугулаана буолан ааста. Билим үлэһиттэрэ, түмэт түмсүүлэрин туруу дьоно ыҥырыллыбыттар. Сугулааны улуус Аҕа баһылыга Юрий Слепцов бэйэтинэн кэлэн арыйда. Кини тылбытыгар бүгүн суоһаабыт кутталы хайдах баарынан ыйда уонна оҕону, ыччаты иитэр-үөрэтэр араҥа сүбэлэһэн, түмсүүлээх үлэни төрүттүүллэригэр ыҥырда.
Сүрүн мунньахтаан баран эбиэт кэнниттэн 4 түһүлгэнэн арахсан киэҥ ырытыһыы буолла: 1) Сахалыы эйгэни тэрийии; 2) Уһуйааҥҥа сахалыы иитии-үөрэтии; 3) Оскуолаҕа сахалыы иитии-үөрэтии; 4) Оҕону үлэнэн иитии. Тиһэҕэр Түмүк докумуоҥҥа элбэх сорук туруорулунна.
"Ийэ тыл кэскилэ" уопсастыбаннай түмсүү үлэтэ өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тарҕанар. Бу Нам улууһугар курдук далааһыннаах, кэскили түстүүр тэрээһиннэри ыытарга атын да улуустары кытта үлэлэһэргэ, көмөлөһөргө бэлэммитин биллэрэбит.