Дойдуга алтыс IT-оскуола — Дьокуускайга
Дьокуускай куоракка ааспыт нэдиэлэҕэ Уһук Илиҥҥэ бастакы «Школа 21» көмпүүтэр бырагырааматын оҥорорго үөрэтэр оскуола кампуһа арылынна. Үөрэх киинин үөрүүлээх арыллыытыгар «Сбербаан» бырабылыанньатын бэрэссэдэтээлэ Герман Греф уонна Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев кыттыыны ыллылар.
«Школа 21» оскуолата урукку «MyTona” хампаанньа дьиэтигэр үлэлээн саҕалаата. Санатан эттэххэ, Арассыыйа үрдүнэн маннык улахан биэс эрэ кампус баар, алтыс кампус Саха сиригэр арылынна.
Үс этээстээх киэҥ-куоҥ оскуола дьиэтэ 1 900-тэн тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх, 198 толору хааччыллыылаах оробуочай станциялаах. Бастакы сүүмэрдиир интенсивка 215 истээччи кыттар, тургутууну ааспыттар буор-босхо саҥа IT идэтин баһылыахтара. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев «Школа 21» кампуһа аһыллыытыгар Саха сиригэр IT-эйгэтэ өссө саҥа таһымҥа тахсыбытын, ол өрөспүүбүлүкэ экономиката атын кэрдиискэ тахсарыгар олук уурарын уонна эдэр ыччат IT үөрэҕэр чахчы баҕалааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Саха сирэ IT хайысхатыгар улахан болҕомтону уурар
«Кэлиҥҥи сылларга олохпут сайдан, өрөспүүбүлүкэ экономикатын үрдүк таһымҥа таһаарарбытыгар анал үрдүк квалификациялаах каадырдар тиийбэттэрин чуолкайдык өйдүүбүт. Онон аныгы үйэ ирдэбилигэр сөп түбэһэр саҥа уонна сонун суоллары тобуларга санаммыппыт ыраатта. Бэйэм эрдэ Москваҕа аһыллыбыт бастакы «Школа 21» көмпүүтэр бырагырааматын оҥорор оскуолаҕа сылдьан турардаахпын уонна биһиэхэ, Дьокуускайга, эмиэ бу маннык хабааннаах оскуола аһыллыаҕын олус баҕарбытым. Бу оскуола Сбербаан салалтатын өйөбүлүнэн олоххо киирдэ. Саҥа эбийиэк олус кылгас болдьох иһигэр тутулунна. Санатан эттэххэ, оскуоланы тутуу туһунан сөбүлэҥ Илиҥҥи экономическай форум кэмигэр түһэрсиллибитэ. Биһиги Арассыыйаҕа алтыс оскуола быһыытынан аһыллыбыппытынан киэн туттуохтаахпыт. Уопсайынан, IT-эйгэтин боппуруоһугар олус дьоһуннаахтык сыһыаннаһыахпыт уонна инникитин күүскэ сайдан иһиэ диэн санаанан салайтаран олохтоох хампаанньаларбытын, цифровой экономикабытын, креативнай салааларбытын салгыы сайыннарарга бары усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит. Аны туран, биһиги Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, Арассыыйа уонна аан дойду таһымыгар саҥа экономика лидердэрэ буолары ситиһиэхтээхпит, мин онно 100 %-н итэҕэйэбин»,— диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Тэрээһин бочуоттаах ыалдьытынан «Сбербаан» бырабылыанньатын бэрэссэдэтээлэ Герман Греф буолла. Кини Уһук Илиҥҥэ бу бырайыагы олоххо киллэрии сүҥкэн суолталааҕын бэлиэтээтэ. Герман Греф этэринэн, оскуола бэйэтэ оҥорбут цифровой платформатыгар устудьуоннарын үөрэтэр. Ол эбэтэр билиҥҥи үйэ бары ирдэбилигэр эппиэттиир дьоһуннаах исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарар. Ол инниттэн, биллэн турар, ырыынак экономикатын биэс тарбах курдук билэр IT исписэлиистэр уһаарыллан тахсыахтара. Оскуола биир өрөбүлэ суох, сууккаҕа 24 чаас куруук аһаҕас буолара былааннанар.
«Школа 21» бырайыагы олоххо киллэрии — биһиги дойдубутугар улахан инвестиция дии саныыбын. Манна идэтийбит эрэ буолбакка, саамай сүрүнэ, баҕалаах дьон талыллаллар. Оскуола аан дойдуга көдьүүстээх уонна аныгы модельга наадалаах үөрэххэ дьоҕурдаах дьону сүүмэрдиэҕэ. Онон «Школа 21» устудьуоннара көннөрү IT-оскуола исписэлиистэриттэн таһыччы буолуохтара. Инникитин манна үөрэнэр хайысхалары кэҥэтиэхпит. Биһиги оскуолабыт Саха сирин аныгы технологияларын сайыннарыыга саҥа акылааты ууруоҕа диэн эрэнэбин», — диэтэ Герман Греф.
Манна даҕатан эттэххэ, «Школа 21» устудьуона буоларга туох да улахан уопут да, үөрүйэх да ирдэниллибэт. Саамай сүрүнэ – баҕа эрэ баар буолуон наада.
Үөрэх кэмигэр усутудьуоннар араас хайысхалаах технологиялары үөрэтэллэр: Unix, Web, мобильнай разработка, кибербезопасность, сетевой технологиялар, биологическай интеллект уо.д.а. курдук билиҥҥи олоххо сүҥкэн суолталаах хайысхаларын методикаларын баһылыахтара. Маны сэргэ, аныгы оскуола ураты методиката туһаныллыа, ол эбэтэр лиэксийэ диэн суох, сыана турбат, преподаватель диэн эмиэ суох. Ол эбэтэр киһи бэйэтэ барытын хасыһан үөрэниэхтээх. Ол оннугар бөлөҕүнэн үлэ элбэхтик туттуллуоҕа. Аны туран, хас биирдии устудьуон бэйэтигэр табыгастаах графигы оҥостуоҕа, үөрэҕин болдьоҕун эмиэ бэйэтэ быһаарыныаҕа. Үөрэх болдьоҕо – кыра таһымнаах разработчик — (junior - балтараа сыл), орто таһымнаах оҥорон таһаарааччы — (middle - үс сыл).
«Школа 21» оскуолаҕа үөрэниэн баҕалаахтарга
Бырайыак кыттыылааҕа буоларга маннык түһүмэхтэри ааһыахха наада:
21-school.ru. саайтка сайаапка биэрэҕит;
Өйү-санааны, билиини тургутар икки онлайн сорудаҕы толороҕут (бириэмэҕэ);
Бүтэһиктээх сүүмэрдиир түһүмэх 26 күн устата «Школа 21» кампуһугар ааһар. Манна бырагыраамалааһын тылыгар төһө дьоҕурдааххытын, бырайыагынан үлэҕэ көххүтүн көрөллөр. Өскөтүн бары тургутуулары ситиһиилээхтик аастаххытына, сүрүн үөрэх кууруһугар талыллан киирэҕит.