06.10.2022 | 18:30

Дойду бэрэсидьиэнэ хомууртан кимнээх босхолоноллорун туһунан уураахха илии баттаата

Арассыыйатааҕы информационнай агентство (ТАСС) иһитиннэрбитинэн, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин хомууртан кимнээх босхолонуохтаахтарын туһунан ыйаахха илии баттаата.
Дойду бэрэсидьиэнэ хомууртан кимнээх босхолоноллорун туһунан уураахха илии баттаата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэрэсидьиэн эппитинэн, биллибэт болдьоххо диэри хомууртан босхолонуу чуолаан устудьуоннарга сыһыаннаах. Аан бастакы төгүлүн сирэй уонна кэтэхтэн үөрэнэр устудьуоннар, итиэннэ сирэй уонна киэһээҥҥи салааларга үөрэнэр судаарыстыбаннай аккредитациялаах чааһынай үрдүк үөрэх устудьуоннара уонна духуобунай үөрэх тэрилтэлэрин истээччилэрэ босхолоноллор.

«Судаарыстыбаннай аккредитациялаах үөрэх уонна наука тэрилтэлэригэр, орто уонна үрдүк үөрэх бырагыраамаларынан, ол иһигэр ординатураҕа уонна ассистентура-стажировкаҕа үөрэнэр устудьуоннар босхолоноллор. Судаарыстыбаннай аккредитациялаахтары, ол эбэтэр чааһынай үөрэх тэрилтэлэрин эмиэ этэбин», - диэтэ бэрэсидьиэн.

Кини бэлиэтээбитинэн, Арассыыйа Оборонаҕа министиэристибэтэ бастааҥҥыттан, быстах хомуур чэрчитинэн Арассыыйа олохтоохторун араас категорияларын булгуччу ыҥырыы суоҕун туһунан иһитиннэрбитэ. Чопчуламмыт уларыйыылар эрдэттэн нормативнай-быраап базатыгар киллэриллибэтэхтэр.

«Арассыыйа Оборонаҕа министиэристибэтэ уонна бырабыыталыстыба ыйааҕын бырайыага эрдэттэн Оборонаҕа министиэристибэ позициятын тутуспакка тахсыбыт. Ол иһин докумуоҥҥа сөп түбэһэр уларыйыылары киллэрэбит. Бүгүн ыйааҕы таһаарарга дьаһайдым, уларытыллыбыт докумуоҥҥа илии баттаатым», - диэн бэрэсидьиэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....