03.02.2024 | 18:30

Дойду баһылыга Владимир Путин видео-сибээһинэн Дьокуускайга уонна Арассыыйа атын икки куоратыгар Онкология кииннэрин арыйда

Дойду баһылыга Владимир Путин видео-сибээһинэн Дьокуускайга уонна Арассыыйа атын икки куоратыгар Онкология кииннэрин арыйда
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол курдук, «Доруобуйа» национальнай бырайыак «Искэн ыарыытын кытта охсуһуу» федеральнай бырайыаганан үс куоракка тэҥинэн Онкология балыыһалара үлэҕэ киирдилэр.

«Бүгүн Арассыыйа үс регионугар – Томскайга, Уфаҕа, Дьокуускайга – искэн ыарыытын кытта охсуһар үс аныгылыы балыыһа тэҥинэн арылынна. Нэһилиэнньэ олоҕун харыстааһыҥҥа бу өссө биир дьоһун хардыы. Бу комплекстары тутууга, хааччыйыыга кыттыыны ылбыттаррга барыларыгар махтанабын», – диэтэ Владимир Путин.

Дойду баһылыга Владимир Путин искэн ыарыытын кытта охсуһуу сүрүн соругунан көдьүүстээх диагностика буоларын бэлиэтээтэ. Онкология кииннэрин арыйыыга кыттыыны ылбыт РФ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко кэлиҥҥи 5 сылга бу ыарыыны эмтээһиҥҥэ үрдүк көрдөрүүлэр ситиһиллибиттэрин, ыарыы 60% эрдэ быһаарылларын бэлиэтээтэ.

Ыарыыны эрдэттэн быһаарыы үлэтэ Саха сиригэр ситиһиилээхтик ыытыллар, 2023 сылга искэн ыарыытыттан өлүү көрдөрүүтэ 4,8% намтаабыт.

Дьокуускайга үлэҕэ киирбит симиэнэҕэ 210 киһини көрөр поликлиникалаах, 180 сытар куойкалаах аныгы тиэхиньикэнэн толору хааччыллыылаах Онкология киинэ эпэрээссийэ ыытар 8 саалалаах. Онон, Киин кылаабынай бырааһа Татьяна Николаева бэлиэтээбитинэн, балыыһа диагностика бары көрүҥүн оҥорор кыахха тахсыбытан таһынан, саҥа балыыһа сылга икки төгүл элбэх, түөрт тыһыынча кэриҥэ эпэрээссийэни оҥорор буолуоҕа.

Оттон ыарыһахтары амбулаторнай көрүү номнуо бу бэнидиэнньиктэн саҕаланаары турар.

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун аатыттан дойду баһылыга Владимир Путиҥҥа махталын биллэрдэ.

«Бу сылларга 9 млрд солк. туһаҕа таҕыста, ол иһигэр 7 млрд 600 мөл. солк. – федеральнай харчы, 1 млрд 400 мөл. солк. – өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ. Ол түмүгэр бүгүн биһиэхэ, Михаил Альбертович бэлиэтээбитин курдук, үрдүк технологиялаах онкологическай балыыһа арылынна. Ол аата Саха сирин олохтоохторо ханна олороллоруттан тутулуга суох бу уодаһыннаах ыарыыны кытта охсуһарга көдьүүстээх көмөнү ылар кыахтаннылар», – диэтэ Айсен Николаев.

«Сүрүн сорук – Арассыыйа норуоттарын доруобуйаларын харыстааһын, олохторун уһатыы,– диэн бэлиэтээтэ Владимир Путин. – Саха сиригэр эһиги дьон олоҕун уһатыыга дойду орто көрдөрүүтүн куоһарбыккытынан эҕэрдэлиибин».

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киллэриллэр национальнай бырайыактар Саха сиригэр 2019 сылтан үлэлииллэр. Биэс сыл устата өрөспүүбүлүкэҕэ перинатальнай, кардиососудистай кииннэр, үс улууска оройуоннааҕы балыыһа, 80-ча ФАП тутуллубут, 264 тырааныспар, ол иһигэр 17 мобильнай диагностикалыыр комплекс, 705 медоборудование атыылаһыллыбыт. Саха өрөспүүбүлүкэтэ Владимир Путин туруорбут медицинскэй көмө хаачыстыбатын үрдэтэр соругун толорор, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. Андрей Сорокин, СИА, хаартыската.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...