14.03.2024 | 12:23

Дойду баһылыга Владимир Путин: «Биэс сыл иһигэр «Лидеры России» куонкуруска мөлүйүөнтэн тахса киһи кытынна»

Дойду баһылыга Владимир Путин: «Биэс сыл иһигэр «Лидеры России» куонкуруска мөлүйүөнтэн тахса киһи кытынна»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев кулун 12 күнүгэр дойду баһылыга, «Россия – страна возможностей» платформа наблюдательнай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Путин Кремльгэ «Лидеры России» күрэх бары сезоннарын кыайыылаахтара уонна финалистара уонна «Лидеры России. Политика» уонна «Лидеры Возрождения» бырайыактар выпускниктара 24 бастыҥ салайааччыны кытта көрсүһүүтүгэр кыттыыны ылла. 
Владимир Путин биэс сыл иһигэр күрэххэ мөлүйүөнтэн тахса киһи кыттыыны ылбытын, онон бу күрэх  Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга каадырдары сүүмэрдээһиҥҥэ бастыҥ балаһаакка буоларын бэлиэтээтэ. 
«Туһааннаах дуоһунаһы ылыы – эһиги кыттыбыт күрэххит сыала-соруга буолбатах, 470 киһи номнуо үрдүк дуоһунаска, федеральнай таһымҥа үлэлиигит. Эһиги кэккэҕитигэр алта киһи федеральнай миниистирдэр солбуйааччылара, биэс регион губернаторын солбуйааччылара, губернатордар кытта бааллар. 10 киһи муниципалитет таһымыгар үлэлиир, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа, Федерация Сэбиэтигэр, бөдөҥ судаарыстыбаннай хампаанньаларга үлэлииллэр», – диэтэ Владимир Путин.
Дойду баһылыга маны сэргэ Арассыыйа тас өттүгэр олорор эрээри, Арассыыйаҕа үлэлииргэ сайаапка биэрбит дьон баарын, куонкуруска кыттыбыт 29 киһи Арассыыйа гражданствотын ылар баҕалааҕын бэлиэтээтэ. 
Үбүлүөйдээх бэһис «Лидеры России» куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэ быйыл олунньу 23-25 күннэригэр Москваҕа буолан ааспыта. Суперфинал кыайыылаахтарынан Арассыыйа 31 регионуттан уонна икки тас дойдуттан 102 киһи тахсыбыта. Кыайыылаахтар Арассыыйа бастыҥ үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар талбыт үөрэх бырагыраамаларыгар үөрэнэргэ 1 мөл. солк. кээмэйдээх гранынан бэлиэтэммиттэр, маны сэргэ дойду салалтатыттан настаабынньыктары кытта көрсөр кыаҕы ылбыттар. 
Ол туһунан сиһилии: https://xn--d1achcanypala0j.xn--p1ai/tpost/495grjjfo1-prezident-rossii-vladimir-putin-za-5-let

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....