Дьоруойдарбытыгар аналлаах быыстапка аһылынна
«Биһиги Ийэ дойдубутун көмүскүүр билиҥҥи дьоруойдарбыт тустарынан булгуччу кэпсиэхтээхпит», – диэн бэлиэтээтэ «Арассыыйа – мин историям» историческай паарка дириэктэрэ Дмитрий Соловьев.
«Герои с вечно русским сердцем» мультимедийнай хаартыска быыстапкатын аан бастакынан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын чугас дьонноро кэлэн көрдүлэр. Кинилэри сэргэ быыстапкаҕа Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуола-интэринээт уонна полицейскай колледж үөрэнээччилэрэ, Уу тырааныспарын институтун уонна Авиационнай техническэй училище курсааннара, ХИФУ историческай факультетын устудьуоннара сырыттылар.
Мультимедийнай экспозиция 1943-1944 сылларга немецкэй-фашистскай талабырдьыттартан Украинаны босхолообут Кыһыл Аармыйа саллааттарын уонна аныгы дьоруойдар – анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын хорсун быһыыларыгар ананна. Итини сэргэ, федеральнай бырайыакка Саха сирин дьоруойдара Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр олохтоохторугар көмөлөрүн туһунан кэпсэнэр.
Экспозиция историческай паарка бастакы этээһигэр бүгүҥҥүттэн, алтынньы 20 күнүттэн, сыл бүтэһигэр диэри үлэлиир. Киирии – босхо.