23.03.2023 | 12:33

«Чэгиэн олохтоох нэһилиэк-2023»: 100 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа

«Чэгиэн олохтоох нэһилиэк-2023»: 100 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физкултуура уонна спорт хамсааһына төрүттэммитэ 100 сылынан биллэриллибит «Чэгиэн олохтоох нэһилиэк-2023» бырайыакка эбии 70 муниципальнай тэриллии кыттыста. Онон 2023 сылга бырайыак 100 нэһилиэнньэлээх пууну хабар. 

Эрдэ Ил Дархан Айсен Николаев: «Саха сиригэр физическэй култуураны уонна спорду сайыннарыыга ураты болҕомто ууруллар. Аҕам саастаах көлүөнэҕэ уһун үйэлэниини хааччыйар дьарыктары, адаптивнай спорду эмиэ өрө тутуохха наада. Онон «Чэгиэн олохтоох нэһилиэк-2023» бырайыак өйөнүөхтээх, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕатыахха наада»,– диэн турар. 

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников этэринэн, 2023 сылга бырайыагы олоххо киллэриигэ, ол иһигэр спорт тэрээһиннэрин ыытыыга, мэтээл, кубок, грамота о.д.а. атыылаһыыга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 15 мөл. солк. көрүллүбүт. 

Бэлиэтээн эттэххэ, бырайыак 2021 сылтан 30 муниципальнай тэриллиигэ үлэлии турар. Билигин манна эбии 70 нэһилиэк кыттыһан, спордунан уонна физическэй култууранан хабыллыы 2030 сылга 67% тэҥнэһэрэ күүтүллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....