23.02.2024 | 20:15

Дьону быыһыыр ураты үгэстээх Юргиннар 

Дьону быыһыыр ураты үгэстээх Юргиннар 
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ Быыһыыр сулууспатын 30 сыллаах историятын биир киэн туттуута — Юргиннар дьиэ кэргэн. Олунньу 22 күнүгэр Ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр киин дьиэтигэр кинилэргэ аналлаах хаартыска быыстапката арылынна.
Уу эбийиэктэригэр көрдүүр-быыһыыр үлэни ыытар уонна ыксаллаах быһыыны-майгыны суох оҥорор управление начаалынньыгын солбуйааччы Андрей Юргин, уу анныттан көрдүүр-быыһыыр салаа начаалынньыга Юрий Юргин, Дьокуускай куораттааҕы гражданскай оборуонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга управление үлэһитэ Дмитрий Юргин — аныгы үйэ дьиҥнээх дьоруойдара, дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин тыыннаах холобурдара.


СӨ Быыһыыр сулууспатын начаалынньыга Иннокентий Андросов быыстапканы үөрүүлээхтик арыйыыга Юргиннар, биир дьиэ кэргэн биир сомоҕо буоллаҕына, ханнык да ыарахантан кыайыылаах тахсыы холобурун көрдөрөллөрүн, тоҕо диэтэххэ дьиҥнээх өйөбүл дьиэ кэргэнтэн саҕаланарын бэлиэтээтэ. 
«Дьону быыһааһын — дьиэ кэргэн үгэһэ» хаартыска быыстапката быыһааччы ыарахан үлэтин көрдөрөрүн таһынан, атын дьон олоҕун быыһыыр, бэйэ олоҕун уопсастыбаҕа аныыр үрдүкү сыаннас буоларын чорботор аналлаах. Ол курдук, хас биирдии хаартыска көрөөччүнү дьоруойдуу быһыыга кынаттыыр, киэн туттуу иэйиитинэн кууһар ураты тыыннаах. 


Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо аймах сылларынан  тэриллибит быыһааччы Юргиннар туһунан быыстапка дьиэ кэргэн сыаннастарын, үтүө үгэстэрин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэр суолтатын көрдөрөр.
Быыстапканы кулун тутар 31 күнүгэр диэри СӨ Ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр киин дьиэтигэр көрүөххэ сөп, диэн иһитиннэрэр СӨ Быыһыыр сулууспатын пресс-киинэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....