Дьон-сэргэ бырааһынньыкка курдук кэлэрэ...
Ааспыт үйэ иккис аҥаарыгар Саха сирин биир улахан ситиһиитинэн киинэ киэҥник сайдыбытын ааттыахха сөп. Хас саҥа киинэ көстүүтэ дьон-сэргэ олоҕор үөрүү этэ. Нэһилиэнньэни өй-санаа өттүнэн кэрэҕэ, сырдыкка угуйара, ону таһынан сынньалаҥы тэрийиигэ сүрүн көрүҥ буолара.
Дьокуускай куорат олохтооҕо Николай Осипович Баттахов – 91 сааһыгар сырыттар даҕаны, күн солото суох кырдьаҕас. Сайынын даачатыгар сибиэһэй салгыҥҥа тиэргэнин бэрийэр, ыраастыы, көрө-истэ сылдьар дьарыктаах. Оннооҕор кыра дьиэтин оһоҕун бэйэтэ көтүрэн саҥаттан туппутун дьоно үөрэ кэпсииллэр. Хаһыат, араадьыйа, тэлэбиисэр сонуннарын сойуппакка ааҕар, көтүппэккэ истэр. Сороҕор: «Омук киинэтигэр охсуһуу-өлөрсүү, хаан-билик үгүс, киһи да саллар. Оннук көстүү эдэр ыччаты туохха иитиэй?!» – диэн киинэ бэтэрээнэ мунаахсыйар.
Николай Осипович киинэ эйгэтигэр олоҕун 40-тан тахса сылын анаабыта. 1960 сыллаахха Москуба куорат Загорскайыгар киинэ техникумун бүтэрэн кэлиэҕиттэн Ньурбаҕа киинэ реммаастарынан үлэлээн саҕалаабыта. Ол кэннэ управлениеҕа инженеринэн, онтон 15 сыл устата Ньурбаҕа киинэ ситимин дириэктэринэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. «Социалистическай үлэ ударнига» ааты хаста да ылбыта, Үрдүкү Сэбиэт грамотатынан, «Арассыыйа бочуоттаах кинематографиһа» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. ССРС кинематографиятын туйгуна. Бу – өр сыллаах үлэтин сыанабыла.
– Николай Осипович, киинэ эйгэтигэр үлэҥ хайдах саҕаламмытай? Билиҥҥи кэм дьонугар оччотооҕу үлэ усулуобуйатын кэпсии түһүөҥ дуо?
– 1960 с. үөрэхпин бүтэрэн, төрөөбүт дойдубар Ньурбатааҕы киинэ ситимин дирекциятыгар киинэ маастарынан ананан тиийбитим. Ити оройуоҥҥа киинэ саҥа киэҥник сайдан эрэр кэмэ. Маҥнай кэлэрбэр үгүс киноустановкалар биир аппараатынан үлэлии тураллара. Ол аата киинэ биир чааһа бүттэҕинэ, тохтоон, уоту уматан, атын лиэнтэни иитэн үлэлэтэрбит. Бириэмэ бөҕө онно барара. Аны кулууптарга элэктэриичэстибэ диэн суоҕа. Бэйэбит КЭС-1.3.5. диэн былыргы киноэлектростанциялаах этибит. Онтубут бэнсиининэн үлэлиирэ. Ол эрэмиэнин, иитиитин барытын бэйэм оҥорорум. Мин хара маҥнайгыттан ол биир аппараатынан үлэни олох сөбүлээбэтэҕим. Киин сирдэргэ киинэ икки аппараатынан тохтобула суох көрдөрүллэрин билэрим. Биһиэхэ буоллаҕына иккис аппараат баарын да иһин, аны биир тэҥҥэ үлэлэтэр тэрилбит суоҕа. Ону мин баар киноустановкалар үлэлиир бириинсиптэрин үөрэтэн баран, онон-манан холбоон, икки аппараат тэҥҥэ үлэлиир гына оҥорбутум. Инньэ гынан Ньурба оройуонугар толору киноустановкалар икки аппараатынан үлэлиир буолбуттара. Дьэ, бу улахан ситиһиибит этэ.
Онтон аны улахан форматтаах киинэ диэн үөдүйбүтэ. Киинэ экранын кэтирэтэн көрдөрөр анаморфнай насадка оройуоҥҥа биир-икки эрэ кэлэрэ. Аны ону аппараакка туттарар тээбиринэ суох буолар. Эрэйдэнэ сатаан баран, массыына стартерыттан быһан ылан, чочуйан, ол насадкабытын кэтэрдэр тэрили бэртээхэйдик оҥорон таһаарбыппыт. Онтубутунан нэһилиэктэн нэһилиэккэ уларса сылдьан улахан форматтаах киинэни көрдөрөр буолбуппут. Ньурба киинигэр, Антоновкаҕа аан маҥнайгы стационарнай аппараат туруоруллубута.
Аны 1963 сыллаахха “Звук 4х25” диэн 4 ханааллаах стереофоническай систиэмэни РДК монтажтаан киллэрбиппит. “Капитанская дочь” диэн киинэни ол стереофоническай звуктаан көрдөрбүппүтүгэр дьон сөҕүү-махтайыы бөҕө. Тыаһа илэ бааччы сааланы бүтүннүү толороро. Ол саҕана дьикти суол этэ. Ити курдук Саха сиригэр саҥаттан саҥа киинэ тиэхиньикэтэ кэлэн, улуус култуурунай олоҕо сүрдээҕин сэргэхсийбитэ.
Дьокуускайга, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ улахан форматтаах киинэ тыйаатырдара баар буолбуттара. Экраннарын кэтитэ – 22 миэтэрэ, үрдүгэ – 11 миэтэрэ, саҥата стереофоническай уонна омук киинэ аппарааттаахтар. Ол курдук мин Мииринэйгэ “Якутск” киинэ тыйаатырыгар “Меопто – 75/35” диэн чехословацкай аппаратураны туруорууну салайан ыыппытым. Аан бастакы улахан форматтаах киинэ ол тыйаатырга “Люди на Ниле” диэн киинэттэн саҕаламмыта. Манна үлэлээбитим иһин Бырабыыталыстыба грамотатын, Киинэ управлениетыттан харчынан бириэмийэни кытта анабыл чаһы ылан турардаахпын. Үлэбэр ситиһиилэрим кэргэним Зоя Софроновна уонна оҕолорум үтүө өйөбүллэрэ буолар. Саҥа аппарааттары өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар монтажтааһыҥҥа биһиги – мин, “Лена” киинэ тыйаатырын инженерэ Виктор Васильевич Пантюшин, Ленскэй куорат “Дружба” киинэ тыйаатырын инженерэ, реммаастара Николай Николаевич Колосов сылдьарбыт. Бу эмиэ идэлэрин толору баһылаабыт, мындыр исписэлиистэр этилэр. Кэлин Өлөөн, Сунтаар оройуоннарыгар киинэ аппаратуратын туруорууга көмөлөспүтүм. 1972-1973 сс. Дьокуускайга көһөн кэлэн, Кинофикация управлениетыгар үлэлии сылдьыбытым.
– Төрөөбүт дойдугар Ньурбаҕа дириэктэр быһыытынан бэрт ситиһиилээхтик үлэлээн ааспыт кэмнэргин ахтан ылыахха.
– 1973 с. төрөөбүт улууспар төннөн, Ньурбатааҕы киинэ ситимин дириэктэринэн ананан, 15 сыл үлэлээбитим. Кэлэрбэр Ньурбаҕа киинэ тыйаатырын тутуута саҕаланан баран, үп-харчы суох буолан, тохтоон турар этэ. Мин тута тутууну туруорсубутунан барбытым. Ону Киинэ управлениетын начаалынньыга Иван Спиридонович Жараев өйөөн, оройуоннааҕы хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээрэ Николай Еремеевич Павлов депутатскай ирдэбил ыытан, оройуон сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаевич Лыткин көмөлөһөн, киинэ тыйаатырын тутуутун салҕаабыппыт. Бу санаатахха, оччотооҕуга төһө кыалларынан аныгылыы, тупсаҕай гына оҥоро сатаабыппыт.
Ол курдук 1974 с. ыам ыйын 22 күнүгэр “Ньурба” киинэ тыйаатыра үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыбыта. Бастакы дириэктэринэн Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх ССРС кинематографиятын туйгуна Агит Михайлович Неустроев үлэлээбитэ. Бэрт сэмэй, наҕыл, бүгүрү үлэһит киһи этэ. Киинэ тыйаатыра бэйэтин үлэтин “Товарищ генерал” диэн киинэни көрдөрүүттэн саҕалаабыта.
Киинэ тыйаатыра иһэ-таһа кырааскаламмыта, лаахтаммыта, фойеҕа улахан панно ыйаммыта, сибэкки бөҕө үүннэриллибитэ. Дьон-сэргэ киинэҕэ, бырааһынньыкка курдук, үөрэ-көтө кэлэрэ.
Ол кэмҥэ кэлэктиип киинэ эрэ көрдөрүүтүнэн муҥурдаммат этэ, араас лекторийдар, култуурунай тэрээһиннэр, оҕо киинэ тыйаатырдара үлэлииллэрэ.
Дьон-сэргэ урут РДК мустар буоллахтарына, саҥа киинэ тыйаатыра нэһилиэнньэ талаһар, олох күөстүү оргуйар сирэ буолбута. Сеанс иннинэ араас иитэр-сырдатар тэрээһиннэр ыытыллаллара. Фойеҕа бильярд, теннис, саахымат, дуобат остуолларын туруорбуппут. Киинэҕэ кэлбит киһи дуоһуйа сынньанан барара. Тиэхиньикэ сайдан, киинэ тыйаатыра аны автоответчиктаммыта, дьон төлөпүөнүнэн ханнык киинэ хаһан буоларын билэ тураллара. Билиҥҥи ыччакка ити дьиктитик иһиллэрэ буолуо, ол саҕана сонун, сөҕүмэр этэ.
Кэнники биэнсийэҕэ да олордорбун, «Госкинохранилище» иһинэн үлэлиир түмэлгэ турар киинэ проректордары тэхиньиичэскэй туруктарын көрөн сүбэлээн биэрэбин. Биир идэлээҕим, салайааччым Виссарион Андреевич Томскайы кытта күн бүгүҥҥэ диэри сибээспитин тутабыт, ыччакка сүбэ-ама буола сылдьабыт.
Түгэнинэн туһанан, хаһыат нөҥүө И.С. Жараев аатын сүгэр аудиовизуальнай киин үлэһиттэригэр махтаныахпын баҕарабын. Салайааччы С.И. Москвитин, профсойуус бэрэссэдээтэлэ М.В. Эверстова ханнык да тэрээһини көтүппэккэ эҕэрдэлээн, үөрүүбүн үксэтэллэр. Аны киинэ бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ П.Н. Лепчикова бу ыһыллан хаалбыт киинэ ситимин үлэһиттэрин, бэтэрээннэри бэркэ түмэн салайа сылдьарыгар махталым муҥура суох. Эдэр дьон биһиэхэ болҕомто уураллара олус хайҕаллаах.
– Николай Осипович, соторутааҕыта буолан ааспыт Киинэ күнүнэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит! Урукку историяны билиҥҥи ааҕааччыларга сэгэтэн кэпсээбиккэр махтанабыт. Чэгиэн сырыт!
Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан