Дьон сэҥээриитин ылла
Тохсунньу 7-8 күннэригэр Дьокуускайга “Двоеборье” (“2 көрүҥ”) диэн ааттаах күрэх буолан ааста.
Бастакы күн “Үһүс көлүөнэ оскуолатын” дьиэтигэр дуобакка, иккис күн “Утум +” спорт саалатыгар остуол тенниһигэр 20 киһи күрэхтэстибит.
Бу олус интэриэһинэй, дириҥ ис хоһоонноох күрэхтэһиини Сунтаар улууһуттан төрүттээх спорт бэтэрээнэ, энтузиаст В.Т. Данилов иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыытта.
Тэрээһин сүрүн сыала-соруга – остуол тенниһин уонна дуобаты саха норуотун төрүт оонньуутун быһыытынан пропагандалааһын, спортсменнар оонньуур таһымнарын үрдэтии, чөл олоҕу түстээһин.
Василий Трифонович “ТОП – 10”, “Двоеборье” диэн бырайыактара ыччат да, сааһырбыт да дьон сэҥээриитин, биһирэбилин ылаллар. Бу үтүө дьыаланы өйдөөн, холобур ылан, атын дьон, чуолаан эдэрдэр өссө интэриэһинэй бырайыактары айыахтарын сөп.
Күрэхтэһии кэнниттэн дьон санаатын үллэһиннэ. Тэрээһин мустубут дьону сэргэхситтэ, элбэххэ үөрэттэ, саҥа санаалары үөскэттэ. Холобура, инникитин бу икки көрүҥҥэ өссө Дартс көрүҥүн эбэтэр ытыыны эбии киллэрэн, тупсаран биэриэххэ сөп диэтилэр. Спортсменнар дуобат уонна теннис бэйэ-бэйэлэригэр олус барсар, сөп түбэсиһэр, киһиттэн өйдүүр дьоҕуру ирдиир көрүҥнэр буолалларын бэлиэтээтилэр.
Василий Трифонович инникитин бу бырайыактарын өссө сайыннаран, тупсаҕай, табыгастаах гыныан баҕарар. Кини этэринэн, күрэхтэһии саамай сүрүнэ – чиэһинэй, конкуренциялаах, мотивациялаах буолуохтаах.
Биллэн турар, соҕотох киһиэхэ бу улахан таһымнаах, икки күннээх күрэхтэһиини тэрийэр чэпчэкитэ суох. Дьиэни-уоту, кыттар дьону, судьуйалары, бириистэри булуу, наҕараадалары бэлэмнээһин, докумуон толоруута уо.д.а. – барыта сыраны-сылбаны, күүһү-уоҕу, ороскуоту, бириэмэни эрэйэр. Василий Трифоновичка чугас дьоно – дьиэ кэргэнэ көмө, өйөбүл, тирэх буолаллара хайҕаллаах. Күрэхтэһээччилэр утахпытын ханнара, аһаан үссэнэ сылдьарбытын кытта эрдэттэн толкуйдаан үөртүлэр.
Күрэхтэһиигэ кыттыбыт дьон аатыттан Василий Трифоновичка барҕа махталбытын тириэрдэбит. Өссө даҕаны дьоҥҥор-сэргэҕэр үтүө холобур буола сырыт, чөл туругу баҕарабыт!
Спорду таптааҥ, кыайыы өрөгөйүн билиҥ, спорка бэриниилээх буолуҥ!