Дьоллоох уонна доруобай оҕону иитэн таһаарыахха
«Эмоциональное здоровье» бырайыак гражданскай көҕүлээһиннэри өйүүр “Үтүө бачыым” пуонда өйөбүлүнэн 2022 сыл олунньу ыйыттан үлэлээбитэ. Ааспыт субуотаҕа түмүктүүр тэрээһинэ – куораттааҕы уопсай төрөппүт конференцията ыытылынна. Манна куорат 27 №-дээх орто оскуолатын, Саха политехническай лицей, Саха гимназиятын төрөппүттэрэ кытыннылар.
Бу тэрээһиҥҥэ сылдьан, бииртэн биир интэриэһинэй лекцияны иһиттибит, элбэх сонуну биллибит, үгүс туһалаах сүбэни ыллыбыт. Онтон ааҕааччыларбытыгар үллэстэргэ сананныбыт.
Кылгас кэми мүччү тутумаҥ
Ида Афанасьевна Белых – бырайыак салайааччыта, үрдүк категориялаах невролог быраас, СӨ Уопсастыбаннай палаататын эксперэ:
– Быраас быһыытынан кэтээн көрдөхпүнэ, төрөппүттэр саамай улахан алҕастара – оҕолорун кытта кэпсэппэттэрэ. Киһиэхэ 5 билгэ уорганнааҕын бары билэбит. Дьэ, ол эрэ көмөтүнэн биһиги атын киһиэхэ дьайар кыахтаахпыт. Оттон дьону кытта сыһыан олохтууругар истэр уоргана ордук сүдү суолталаах. Кыра оҕо көрбүтүн-истибитин өйүгэр хатыыр уонна үтүктэр. Ол иһин кырачааннарбыт барахсаттар төрөппүттэрин “Ийээ, кэпсээ”, “Аҕаа, кэпсээ” диэн хаайаллар. Наукаҕа этиллэринэн, оҕоҕо баара-суоҕа 5 эрэ мүнүүтэ болҕомто ууруохтаах эбиппит. Кини онтон ордук өр истиэ суоҕа, син биир туохха эрэ аралдьыйан сүүрүөҕэ. Ол иһин биһиги оҕо иитиитин үлэ, көмпүүтэри бырагыраамалааһын курдук ылыныахтаахпыт. Төрөппүт оҕотугар аһаҕас буолуохтаах.
Оҕо 14 сааһыгар диэри (баҕар, арыый эрдэ да буолуон сөп), организмыгар уларыйыы буола илигинэ, төрөппүтүн эрэ таптыыр – ийэ, аҕа эппитэ киниэхэ барыта сокуон курдук. Эһигини кытта көрсүөн, кэпсэтиэн баҕарар. Дьэ, онтон улаатыа, интэриэһэ уларыйыа: кини олоҕор Машалар, Ванялар кэлиэхтэрэ. Ол иһин бэрт кылгас кэми мүччү тутумаҥ, оҕолоргутун кытта элбэхтик алтыһыҥ, кэпсэтиҥ диэн төрөппүттэргэ өрүү этэбин.
Эрдэҕэс оҕону кытта кэпсэтии диэн туспа. Кини бэйэтэ-бэйэтигэр бүгэр, ыйыттахха да сүгүн хоруйдаабат буолуон эбэтэр куруубайдыан да сөп. Оттон бэйэтэ кэпсэтэ сатаатаҕына быһа түһүмэҥ, болҕойон истиҥ. Дьүүллүүр, сэмэлиир наадата суох, – диэн сүбэлээтэ.
Аймаммаппыт, уоскуйабыт
Евдокия Анатольевна Неустроева, оҕо психолога, психологическай наукалар кандидата:
– Оҕолор кыра эрдэхтэринэ төрөппүттэрин истэллэр, аттыларыттан арахпаттар. Биһигини кумир оҥостоллор. Сороҕор төрөппүт оҕото эмискэ уларыйбытын, улааппытын өйдөөбөккө да хаалар.
Хас биирдии оҕо сайдыыта тус-туспа. Психологияҕа этиллэринэн, оҕо 12-15 сааһыгар уларыйар. Ол эрээри кимиэхэ эрдэ, кимиэхэ эрэ хойут саҕаланар. Сорох чинчийии көрдөрбүтүнэн, ол кэрдиис кэм олох даҕаны 23 сааска диэри уһуон сөп.
Бу кэм кэлбитин хантан билэбит? Оҕо тугу да кэпсээбэт буолар, хоһугар бүгэрэ элбиир, утары саҥарар, тыллаһар, этиһэр. Бу иннинэ өрүү аһаҕас аана сабыллар, төлөпүөнүгэр пароль туруорунар, интэриэһэ уларыйар. Ол аата кини олоҕор саҥа кэрдиис кэм саҕаламмыт. Оҕоҕут мантан ыла уруккутун курдук буолуо суоҕа. Аймаммаппыт, уоскуйабыт. Кырдьык, эрдэҕэс оҕо саас – киһи олоҕор саамай уустук кэм, бу – улаатарга үктэл. Бары ону этэҥҥэ туораабыппыт, оҕобут да аһарыныаҕа.
Төрөппүт эрэ барыта оҕотун харыстыы, көмүскүү сатыыр – оҕотун оскуолатыгар, куруһуогар илдьэр-аҕалар, көрсөр-атаарар, хайа кыалларынан хонтуруоллуур, буойар, бобор. Бу кэмҥэ төрөппүт оҕотун кытта өйдөспөтө үксүүр, сыһыаннара мөлтүүр. Ону кэлин чөлүгэр түһэрэр уустук да буолуон сөп. Сорох ыалга үгүстүк көстөр хартыынаны холобурдуохха: өрүү сылайа сылдьар ийэ оҕотугар хаһыытыыр, онно эбии аҕата кыыһыран турар, өссө эбээ дуу, эһээ дуу онолуйар. Оҕо ону хас да өттүттэн саба түһүү курдук өйдүөн сөп. Маннык түгэҥҥэ кини соҕотох хаалыан, уоскуйуон эрэ баҕарар. Этэн, үөрэтэн бардахтарына сөбүлээбэтэ биллэр. Кинини тыытымаҥ. Уоскуйдаҕына бэйэтэ кэпсэтэ сатыаҕа, дьэ, оччоҕуна быһа түһүмэҥ, сэмэлээмэҥ, истиҥ.
Оҕобут улааппытын, уларыйан иһэрин өйдүөхтээхпит уонна хайдах баарынан ылыныахтаахпыт. Ол иһин бэйэбит сыһыаммытын эмиэ уларытыахтаахпыт. “Оҕоҕутугар доҕор буолуҥ” диэн этиини үгүстэр иһиттэххит. Өйдөөн кэбиһиҥ – оҕолорбутугар хайдах даҕаны доҕор буолар кыахпыт суох.
Оҕо бу сааһыгар холонон көрөрө элбэх. Холобур, пирсинг, тату диэн туруон, дьиктитик таҥныан, бүрүчүөскэтин уларытыан баҕарыаҕа. Кырдьык, үгүс төрөппүт сорох муоданы өйдөөбөт, биһирээбэт. Ол эрээри олус кытаанахтык бобор, тугу да көҥүллээбэт буоллахха, оҕо барытын төттөрү оҥоруон сөп. Оннук түгэҥҥэ “сиэрэй зонаны” арыйыҥ: сөбүлээбэтэргит да, чуумпутук быһаара, биир тылы була сатааҥ. Оҕо холонон көрөрүгэр көҥүллэ биэриҥ. Баҕар, сыыһаны-халтыны оҥордун. Ити эттэххэ эрэ дөбөҥ. Оҕобутун мэлдьи бүөбэйдии, харайа сырыттахпытына, ыарахаттары туоруурга үөрэтиэхпит суоҕа.
Кириитикэлээмэҥ. “Туохтан хомойдуҥ?”, “Тоҕо саҥарбаккын?” диэн ыйыт да ыйыт буолумаҥ. Сорох күн оскуола тиэмэтин олох да таарыйымаҥ. Бэйэтэ кэпсиирин, үллэстэрин, арылларын күүтүҥ. Оннук кэмҥэ олорон эрэ холкутук кэпсэтиҥ. Сороҕор элбэх тыл наадата суох. Оҕоҕутун өйүүргүтүн биллэрэн, хараххытынан кэпсэтиҥ эбэтэр кууһан ылыҥ. Оччоҕуна биир-биэс тыла суох “Аттыгар баарбын”, “эн биһикки барытын кыайыахпыт” диэн өйдүөҕэ.
Улаатыахтарын баҕарбаттар
Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын үрдүк категориялаах педагог-психолога Ия Иннокентьевна Ким “Дьоллоох оҕону хайдах иитэн таһаарыахха?” диэн лекцията элбэх төрөппүтү толкуйдатта. Кини алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр ыйытык ыыппыт. Чинчийии көрдөрбүтүнэн, оҕолор улаатыахтарын баҕарбаттар, бэл диэтэр, куттаналлар, улахан киһи буолар куһаҕан, ыарахан дии саныыллар эбит. Үһүс кылаастар “ипотека, кирэдьиит төлүөххэ наада”, “күнү быһа үлэлиэххэ, оҕолорбун иитиэххэ наада”, “ийэм мэлдьи кыыһыра сылдьар, сылайар” диэн хоруйдаабыттар. “Оҕону тылгынан ииппэккин. Оҕолор төрөппүттэрэ тугу саҥаралларын үтүктэллэр, хатылыыллар”, – диэн санаалаах педагог-психолог.
– Кыраттан үөрүү, дуоһуйуу, олоҕу хайдах баарынан ылыныы олус наадалаах. “Киһи туохтан дьоллоноруй?” диэн ыйытыыга үгүс учуонай хоруйу көрдөөбүтэ. “Дьол киһи төбөтүгэр баар” дииллэрэ мээнэҕэ буолбатах. 90% бэйэбит испитигэр баар. 10 эрэ % тас өттүттэн дьайар. Ол аата кыраттан хомойор, санааҕыт түһэр буоллаҕына, биричиинэни искитигэр көрдөөҥ.
Хас биирдии киһиэхэ дьол таһыма атын-атын буолар. Ол бэйэбититтэн эрэ тутулуктаах. Үөрүү гормоннарын элбэтэргэ дьулуһуҥ. Оччоҕуна эрэ дьоллоох оҕону иитэн таһаарыаххыт.
Сынньанары сатааҥ!
Дьиэ кэргэн психолога, үрдүк категориялаах педагог-психолог, “Пси-Сфера” психологическай киин тэрийээччитэ Оксана Петровна Петухова: “Ийэ түбүгэ хаһан да бүппэт. Аныгы дьахтар сатаан сынньаммат”, – диэн санаалаах. Илистибэт, уостубат туһугар аҕыйах тиэхиньикэни туһанарга сүбэлээтэ:
1. Күҥҥэ саатар 5-тии мүнүүтэ олорон, бэйэҕитин иһиллэниҥ. Куһаҕаны, кыһалҕаны кыйдааҥ, түбүккүтүн умна түһүҥ.. Олоххутугар буолбут умнуллубат үтүө түгэннэри санааҥ.
2. Хайа да куһаҕан түгэҥҥэ үчүгэйи эрэ булан көрө сатааҥ. Олоҕу хайдах баарынан ылыныҥ.
3. Ийэ – уһун кэмнээх бырайыак. Кылгас дистанцияҕа сүүрүү буолбатах. Бэйэҕитин харыстаныҥ, кыаххытын билиниҥ. Кылгас да кэмҥэ бэйэҕитин инники күөҥҥэ туруоруҥ. Ким да курдук буола сатаамаҥ.
Оонньуута суох сайдыбат...
“Эдэр ийэлэр оҕолорун кытта оонньооботтор. Илиилэрин салгыыта төлөпүөн буолла. Олохпут барыта – механика”, – диэн санаалаах тэрийээччи педагог, СӨ ыччат политикатыгар туйгуна Сардана Власьевна Петрова.
– Оонньуута суох оҕо сайдыбат. Олоххутугар оонньууну киллэрэ сатааҥ. Оҕоҕут 6, 10, 20 да саастаннын.
Хомойуох иһин, билигин оҕолорбутугар тапталга билиммэт да буоллубут. Сип-сибилигин хайдах курдук күүскэ таптыыргытын, ахтаргытын этиҥ.
Дьиэ кэргэҥҥитигэр соһуччу түгэннэри элбэтэн, олоххутун киэргэтиҥ: оҕоҕутугар сурукта суруйан хаалларыҥ, суумкатыгар кэмпиэттэ кистээҥ, сиэбигэр бытархай харчыта угуҥ. Оҕоҕут олус үөрүөҕэ, сүргэтэ көтөҕүллүөҕэ. Оонньуу оҕону сайыннарар.
***
“Эмоциональное здоровье” бырайыак чэрчитинэн төрөппүттэр элбэҕи биллилэр, идэтийбит исписэлиистэр көмөлөрүнэн доруобай уонна дьоллоох оҕолору иитэн таһаарарга дьоһун хардыылары оҥордулар