29.04.2023 | 17:31

Дьол диэн тугуй?

Дьол диэн тугуй?
Ааптар: Галина СПИРИДОНОВА
Бөлөххө киир

Саха АССР төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Былатыан Ойуунскай аатынан Саха тыйаатырын сценатыгар Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн Далан «Тулаайах оҕо» арамаанынан испэктээк турда. Атааннаах-мөҥүөннэээх үйэлэри иилии кууһан, кыра норуоттары имири соппут хааннаах кыргыһыылар, ол кыргыһыылары салайбыт боотурдар буолбатах... Дьол!

 

Далан, саха түҥ былыргытыгар сырдык тыктарбыт сүдү айымньылардаах хас эмэ көлүөнэ сүгүрүйэн кэлбит улуукан суруйааччыбыт буоларын сэргэ,  учуутал. Эбэн эттэххэ, айылҕаттан айдарыллан кэлбит улахан буукубаттан этиллэр Учуутал. Тус бэйэм маҥнайгы идэбинэн учуутал буоламмын эбитэ дуу, Даланы, бастатан туран, үүнэр кэнчээри көлүөнэҕэ историяны сэһэргиир, саха тылын сүөгэйин, сүмэтин билиһиннэрэр киэҥ билиилээх учуутал; иккиһинэн, хайа да көлүөнэ ордук ыччат дьонугар тумус суолталаах «дьол», «таптал» диэн өйдөбүллэри быһаарар талааннаах педагог, психолог быһыытынан ылынабын.

Испэктээги көрө олорон «сахалар барахсаттар ити үлүгэр иирсээннээх, өлөрсүү-өһөрсүү, хардарыта кыдыйсыы олбохтоох үйэлэри уҥуордаан бу үлүгэр киэҥ нэлэмэн кыраайы иччилиир аналлаах тыыннаах ордубут дьоллоох дьон эбиппиэт?!» дии саныыгын. Оттон учуутал Далан “Тулаайах оҕо” арамаанын төрөппүт оҕону сүтэриигэ тиийэ олох аһыытын-ньулуунун билбит биир дьоруойа Хаттыана эмээхсининэн ыччакка «дьол» диэн тугун бу курдук этитэр: «Дьоллоох киһиэхэ булт тосхойон биэрэр, үчүгэй кэргэҥҥэ түбэһэр, оҕолонор-урууланар». Судургу уонна... муҥура суох дириҥ этии эбээт! Чахчы даҕаны, тулаҕын көрдөххүнэ, дьоллоох ыаллар, Лев Толстой этэринии, бары даҕаны майгыннаһаллар, дьоллорун төрдө – үчүгэй кэргэҥҥэ түбэһии!

Онон биһиги, сахалар, таптал, дьол, дьиэ кэргэн үрдүкү сыаннастарын өрө тутан үйэлэри уҥуордаабыт дьоллоох эбиппит. Ону сэргэ дьиҥ сахалыы киэҥ-холку майгыбытын сүтэрдибит, иирсээн, иҥсэ-обот, ымсыы дьаллыгар кыайтардыбыт даҕаны, оһохпут буруота кылгаабытынан барара чахчытын бу испэктээк өссө төгүл туоһулуур. Тордуос, ахсым, хаҥыл майгылаах, олох туһугар буолбакка, баай-талым туһугар сэриинэн иириктийэр, өһү-сааһы ситиһиинэн өргүөттэнэр норуоттар, этэргэ дылы, сүтэр, туман буолан симэлийэр уһукка тиийэллэрэ кырдьык буолуон сөп эбит. Испэктээк түмүгэ ити санааны бигэргэтэр!

«Тулаайах оҕо» – хайабыт даҕаны харахтаан көрбөтөх, кулгаахтаан истибэтэх 16-с үйэтээҕи быһыыны-майгыны сэһэргиир киэҥ историческай хабааннаах айымньы. Туруоруу режиссера Руслан Тараховскай ону үрдүттэн саба быраҕан, аныгы олох ирдэбилигэр сөп түбэһэн, аҥаардас кыргыһыыларыгар эрэ болҕомто ууран, «боевик», «экшн» курдук таҥан баран, «режисссер көрүүтэ», «литература испэктээк буолбатах» диэн баран  олоруон эмиэ сөп этэ. Оттон кини, мин санаабар, атын, уустук уонна чиэһинэй суолу талбыт. Сократ «Мин тугу да билбэппин эрэ билэбин» диэн кынаттаах тылларын курдук, анал үөрэхтээх учуонайдар Розалия Бравинаны, Андриан Борисовы тус бэйэтигэр консультант оҥостубутун ааһан, «оонньуур артыыстарга ыҥыран лиэксийэ аахтарбытым” диэн этэр. Манна испэктээк кэнниттэн ырытыһыыга элбэҕи бэлиэтэнэн кэлэн тыл эппит литературовед, хас эмэ сыллар усталарыгар Далан айар үлэтин дириҥник үөрэппит Саргылана Ноева эмиэ кыттыһыа хаалбыт дии саныыгын.

Ити курдук, биир тылынан, сүдү айымньыга сүҥкэн суолта бэриллибитэ, элбэх үлэттэн тахсыбыта түмүгэ биир оннук - табыллыбыт!

Бу суруйууга мин испэктээккэ тус бэйэм мунаахсыйбыт дуу, толкуйга ылларбыт дуу түгэннэрбэр тохтуом. Холобура, сыыппаралар. Үгүс норуот итэҕэлигэр 40 хонук кэнниттэн өлбүт киһи дууһата үөһэ тахсан, орто дойдуга хаалбыттарын көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьар диэн өйдөбүл баар. 1983 сыллаахха аан бастаан бэчээккэ тахсыбыт арамаан быйыл, 40 сыл ааһан баран, сценаҕа турда! Бу түгэн хас эмэ үйэ тухары, баары-баарынан эттэххэ, тулаайах оҕоттон итэҕэһэ суох үүрүүгэ-үтүрүйүүгэ сылдьыбыт саха норуота олох атын, киэҥ таһымыгар тахсыбытын бэлиэтэ буоллаҕа буолуо дуу?! Аны, Ньырбачааны алгыылларыгар «4», «8» … диэн сыыппаралар бааллар. Биһиги, анал үөрэҕэ суох дьон, сахаҕа үксүн «үс», «сэттэ», «тоҕус» диэн ахсааны истэ үөрүйэхпит. Онон, эмиэ 40 сыыппара курдук, ити барыта мээнэҕэ буолбатах диэн өйдүөххэ наада. Киһи итэҕэллээх, сырдыкка эрэллээх буолуохтаах...

Тыйаатыр, биллэн турар, искусство атын көрүҥнэрин кытта алтыспакка сатаммат. Музыка, уруһуй, көстүүм, реквизит, хореография, кэлин, бэл, киинэ, хаартыска барыта хото туһаныллар буолла. «Тулаайах оҕо» испэктээккэ ювелир Александр Манжурьев дьоҕус скульптуралара эмиэ туһунан уобарас буолан киирбиттэрэ – сонун көстүү. Сыалы-соругу ситиһэргэ бары ньыма барыта үчүгэй диэбит курдук. Ол эрээри, тус санаабар, испэктээк уоттаах күөгүтэ (А. Манжурьев «» айымньытын уобараһынан - Г.С.) суох улаханнык тутахсыйыа суох эбит. Холобурга эттэххэ, Анатолий Николаев (Мохсохо) дуу, Куприян Михайлов (Тумат ойууна) дуу оонньообут уобарастарын ылан бырахтахха, биллэн турар, испэктээк тута дьадайа, өҥө-дьүһүнэ өлбөөдүйэ түһэрэ буолуо ээ.

Тыйаатыр – искусство биир саамай сүдү күүстээх көрүҥэ. Үөрүүнү-көтүүнү, аһыыны-кутурҕаны даҕаны манна артыыс маастарыстыбатынан саҥата суох өйдүөххэ сөп. Бакамда оҕонньор (Герасим Васильев) сиэнин Даҕанчаны тутан хаалан баран тоҕо наһаа күүскэ салгыны хамсатан иэрийэ ытаата? Туматтар диэн атын норуот буоллаҕа... сахалар курдук киэҥ, холку, чуумпу буолбатахтар диэн санаа сабардыыр... Муусукатыгар биир оннук. Тулаайах оҕо диэн өйдөбүлгэ маҥнай барар сир баҕана үүтэ, кэлэр сир кэлии үүтэ буолар түгэни ойуулуур сүрэх кылларын ыарыылаахтык тардыалаан тыаһыыр муусуканы ирдээн иһэн, «сахалар, биһиги, дорҕоон таһааран буолбакка, дууһабытынан ытыыбыт эбээт» диэн, Клавдия, Герман Хатылаевтар уйусхана суох муусукаларын эмиэ ылынаҕын. Чуһуурба (флейта) диэн үнүстүрүмүөни ураты тылынан ахтар наада!

Испэктээк кэнниттэн элбэх киһи «бу арамаанынан киинэ уһуллуо дуо?” диэн ыйытыыны туруорда. Киинэ, биллэн турар, уһуллуон сөп бөҕө буоллаҕа, Руслан Тараховскай испэктээгин ыспаргаалка оҥостон («Тулаайах оҕо» арамаанынан испэктээги кини эрэ туруордаҕа – Г.С.), баар дии санаатахтарына, итэҕэстэрин-быһаҕастарын туоратан, кырыылаан, кылааннаан. Оттон киэҥ халлаан урсунан дайар көтөр үөрүн салайар соругу хорсуннарга уонна кыахтаахтарга итэҕэйэллэр...

Бу курдук, испэктээги төһө баҕар ырыта олоруохха сөп. Ол аата толкуйдаппыт, кэмигэр турбут диэн буоллаҕа. Онон, күндү ааҕааччы, сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук дииллэринии, ыам ыйыгар элбэх көрөөччү көрдөһүүтүнэн хатылаан турар дьоллоох түгэни мүччү тутума! Сахалар бэйэбит историябытын уус-уран айымньы быһыытынан кэпсээн хаалларбыт, олох судургу муудараһыгар үөрэппит педагог суруйааччылаахпыт, ол үйэлээх айымньытын сценаҕа бэйэбит тылбытынан көрөр кыахтаахпыт  – дьол эмиэ биир көстүүтэ!

Василий Кривошапкин хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...