Дьокуускайтан массыынанан айан саҕаланна
Тэрээһин кыттыылаахтара «Газ-Соболь» уонна «Тойота-Крузер» массыыналарынан Томпо оройуонун Хаандыга бөһүөлэгэр айаннаатылар. Суолга Баайаҕа сэлиэнньэтигэр норуот маастара Мандар Уус этнологическэй музейыгар сылдьаллар, тимир уустарыттан маастар-кылаас ылаллар.
Арктическай экспедиция уһуна – 4 848 км. Массыынанан айан икки тымныы полюһун – Өймөкөөнү уонна Үөһээ Дьааҥыны ситимниир. «Автопробег» кэмигэр хотугу сир дьикти айылҕатын, аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын туһунан хаартыскалары уонна видеоматырыйааллары хомуйуохтара.
Бырайыак уратыта – кыттааччылар өрөспүүбүлүкэ икки хотугу уонна түөрт арктическай оройуоннарынан ааһыахтара (Үөһээ Дьааҥы, Черскэй, Сунтаар сис хайалара). Суол 2/3-һэ – Өлүөнэ, Индигирка, Дьааҥы өрүстэр кыһыҥҥы суолларынан айан.
Айанньыттар улуустар кииннэригэр араас тэрээһиннэргэ кыттыахтара, аатырбыт Өймөкөөҥҥө, Үөһээ Дьааҥыга «Полюс Холода – Верхоянск» бэстибээлгэ, итиэннэ Киһилээх хайатыгар сылдьыахтара.