Дьокуускайга Зураб Церетели «кэллэ»
НХМ генеральнай дириэктэрэ Влада Тимофеева: “Биһиги музейбыт бу быыстапкаҕа бэлэмнэммитэ ыраатта уонна худуоһунньук 90 сааһыгар сөп түбэспитэ бэлиэ суолталаах буолла. Дьокуускай куорат аатырар тохсунньу тоһуттар тымныытыгар маннык чаҕылхай, олоххо көҕүлүүр, олоҕу бигэргэтэр быыстапка биһиги биир дойдулаахтарбытын үөрдэр эрэ аналлаах. Санатар буоллахха, биһиги музейбыт Арассыыйа художестволарын академиятын кытта уруккуттан сибээстээх, ол курдук академия уораҕайыгар саха худуоһунньуктарын быыстапкалара ааспыта”.
Зураб Церетели саамай биллэр жанра — скульптура. Бөдөҥ монументальнай үлэлэрэ Арассыыйа араас куораттарыгар, Грузияҕа, Америкаҕа, Испанияҕа, Италияҕа, аан дойду атын даҕаны судаарыстыбаларыгар дьон-норуот биһирэбилин ыла тураллар.
Ол эрээри Дьокуускайга кэлбит быыстапка улуу Церетелини талааннаах график худуоһунньук быһыытынан билиһиннэрэр. Аан дойду билинэр скульпторын ураты хартыыналара күннээҕи олох-дьаһах туһунан “кэпсииллэр”.
Чуолаан, Арассыыйа художестволарын академиятын регионнааҕы бэрэссэдээтэлэ Михаил Шишин иһитиннэрбитин курдук, быыстапка сүрүн тиэмэтэ — Грузия, Церетели бэйэтин төрөөбүт дойдутугар истиҥ таптала, ааспат ахтылҕана, кини туһугар долгуйуута. Онон быыстапка олус истиҥ-иһирэх тыыннаах. Улахан үлэлэри айарыгар — ыраахтааҕылар эбэтэр бэлитиичэскэй диэйэтэллэр мэтириэттэрин оҥороругар — худуоһунньук баар, ирдэнэр каноннары тутуһуон, киһи дьүһүнүн-бодотун үөрэтиэн, историяны билиэн наада эбит буоллаҕына, манна тугу да тутуспакка, дууһата тугу этэринэн, хараҕа хайдах көрөрүнэн суруйбут үлэлэрэ таҥыллан кэлбиттэр.
Манна даҕатан эттэххэ, Саха сиринээҕи Национальнай уус-уран музей ааспыт 2023 сыл бүтүүтүгэр төрдүс төгүлүн «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт “Артефакт” диэн ааттаах саҥа технологиялаах мультимедиа-гидтары оҥорор куонкурус кыайыылааҕа буоларын ситиспит.
Оттон НХМ 2024 сыллааҕы былааныттан сэгэтэр буоллахха, музей кэлэктиибэ саха худуоһунньуктара Михаил Старостин, Николай Курилов, Александр Манжурьев айар быыстапкаларын ыытарга бэлэмнэнэр. Ону таһынан саха бастакы идэтийбит живописеһа Иван Попов төрөөбүтэ 150 сылыгар аналлаах бөдөҥ экспозицияны тэрийиэхтэрэ.
“Ода жизни” быыстапка тохсунньу 20 — кулун тутар 10 күннэригэр НХМ сүрүн дьиэтигэр буола турар.