Дьокуускайга ыт, куоска дьаарбаҥката ыытылынна
Дьаарбаҥканы "Помоги выжить" волонтердар хамсааһыннарын салайааччыта Екатерина Федорова иилээн-саҕалаан ыытта. Үтүө санаалаах тэрийээччилэр уопсайа 11 куоскаҕа уонна биир ыт оҕотугар саҥа хаһаайыннары көрдөөтүлэр.
Кыыллары дьаарбаҥкаҕа бэлэмнээбиттэр: бэтэринээргэ көрдөрөн, быһыы туруортаран, стерилизациялаан аҕалбыттар. Ыты, куосканы дьиэтигэр ылар киһи волонтердары кытта дуогабар түһэрсэр уонна инникитин кинилэри кытта сибээһин быһыа суохтаах эбит.
Екатерина Федорова, “Помоги выжить” волонтердар хамсаа-һыннарын салайааччыта:
— Дьон-сэргэ бэйэтэ иитиэн баҕарар кыылларын көрөн талар. Онуоха биһиги кинилэр эппиэтинэстээх хаһаайын буоларга бэлэмнэр дуу, суох дуу диэн быһаарабыт. Дуогабар түһэрсэн баран, бастакы кэмҥэ хас биирдии саҥа хаһаайыны кытта кэпсэтэбит, кыылы хайдах көрөрүн-истэрин кэтээн көрөбүт. Куоска эбэтэр ыт оҕолорун ылар буоллахтарына, улааппыттарын кэннэ стерилизацияны ааһыахтаахтар диэн дуогабарга ыйан суруйабыт. Итинник буоллаҕына, дьиэтэ-уота, көрүүтэ-истиитэ суох бэйдиэ сылдьар кыыл ахсаана аҕыйыа этэ диэн эрэнэбит. Бу дьаарбаҥканы 2 сыл иһигэр бастакыбытын ыыттыбыт, ол иннинэ пандемия, бруцеллез мэһэйдээбиттэрэ.
Дьаарбаҥканы көтүппүт уонна ыты, куосканы иитиэн баҕарар дьон биһигини кытта сибээстэһиэхтэрин сөп. Итини таһынан биһиги тырааныспарга, аска, наполнительга куруук наадыйабыт. Ону сэргэ эмп уонна эмтээһин элбэх үбү эрэйэр. Онон харчынан көмө эмиэ наада.
Сорохтор быраҕыллыбыттар, атыттар олох даҕаны уулуссаҕа төрөөбүттэр. Ол да буоллар кинилэр бары сылаас илиигэ, тапталга наадыйаллар. Барахсаттар, хас чугаһаабыт киһиэхэ сыстаҥныы, имэриттэрэ сатыыллар.
Волонтердар үлэлэригэр куорат олохтоохторо быһаччы кыттыыны ылаллар. Ол курдук быраҕыллыбыт кыыллары булан, саҥа дьиэлэнэллэригэр көмөлөһөллөр. Маннык үтүө быһыыны-майгыны, хомойуох иһин, сорохтор ылымматтар, өйдөөбөттөр. Холобур, волонтердар көмөлөһөөччүлэрэ Евгения билэр дьоно куоскаҕа аллергиялаах буоланнар кинини ыалдьыттата ыҥырбатахтарын туһунан кэпсээтэ.
Дьаарбаҥкаҕа соҕотох лабрадор булкаастаах ыт оҕото ыалдьыттар улахан болҕомтолорун ылла. Дьааһык иһигэр олорон имэрийэллэрин үөрэ-көтө ылынар, оттон аттыгар ким да суох буоллаҕына ынчыктыыр, ыйылыыр. Кини куратора — Оксана, маннык тэрээһиҥҥэ бастакытын кыттар, бу соҕотох хаалбыт кырачааҥҥа саҥа хаһаайын көрдүү кэлбит.
Оксана, дьаарбаҥка кыттыылааҕа:
— Даачабытыгар 4 кырачаан ыт оҕотун бырахпыт этилэр. Кинилэри тута аһатан, хаартыскаҕа түһэрэн, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт кыыллары быстах кэмҥэ тутар пууҥҥа илдьибиппит да, хомойуох иһин, онно миэстэ суоҕа. Онон волонтердары кытта биллэрии тарҕатан, 3 ыт тута иччилэммитэ, бу биир эрэ ыт хаалбыта. Биһиги волонтердар буолбатахпыт, бастакыбытын көмөлөһөбүт. Билэр дьонум дьаарбаҥка туһунан биллэрии ыыппыттарын кэннэ волонтердары кытта сибээстэспитим. Дьаарбаҥкаҕа кыттарга усулуобуйаны барытын тутустубут: бэтэринээргэ көрдөрдүбүт, пааспар оҥортордубут, быһыы туруортардыбыт. Олус түргэнник хаһаайка булбуппутуттан үөрэбин. Кинини кытта сибээһи тутуохпут.
Кыра лабрадорга биир чааһынан хайыы үйэ хаһаайка көстүбүтэ. Саҥа иччитэ докумуону толоро олордоҕуна, кырачаан ыт, дьиэлэммитин өйдөөбүттүү, утуйан буккураан хаалбыта.
Анастасия Бурцева, дьаарбаҥка ыалдьыта, ыт оҕотун саҥа хаһаайката:
— Аатын өссө толкуйдуу иликпит эрээри, мин бэйэм Твигги диэн ааттыахпын баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ “Хильда” диэн ойуулук сүрүн дьоруойугар Твиг диэн ыт курдук аптаах кыыллаах, ону үтүгүннэрэн Твигги диэн “кыыстыы” ааттыахпын баҕарабын. Урут эмиэ ыттардаах этибит, биирэ немец овчарката уонна эдьиийим шпиц ыттаах.
Бу тэрээһиҥҥэ библиотека биллэриитин көрөн кэллим. Ыт ылыам диэн сыаллаах-соруктаах буолан, бу биир эрэ ыт оҕото баарын көрөн, мин дьылҕам дии санаатым.
Волонтердар ахсааннара элбии туруон баҕарабын. Маннык дьаарбаҥкалар ый аайы ыытыллыахтаахтар дии саныыбын. Оччотугар бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана аҕыйыа этэ.
Айталина Романова, SMART-библиотека култуурунай-сырдатар бырайыактарга салаатын сүрүннүүр библиотекара:
— Маннык дьаарбаҥкалары ыытарга биһиги үөрэ-көтө көмөлөһөргө бэлэммит. Ону таһынан ким баҕарар библиотекабытыгар ытын кытта үөрэнэ-үлэлии кэлиэн сөп. Бастакы этээспитигэр уулаах, аһылыктаах анал поильник баар, онон түөрт атахтаах доҕоргут уустуктары көрсүө суоҕа. Билигин биһиги "Четыре лапки" аһымал пуонданы кытары бииргэ үлэлиибит, ким баҕалаах ыт-куоска аһылыгын, тээбиринин бастакы этээскэ турар дьааһыкка уган көмөлөһөр кыахтаах.
Маша Лукина, дьаарбаҥка ыалдьыта, куоска оҕотун саҥа хаһаайката:
— Бу иннинэ кыылы-сүөлү көрөр-истэр уопутум суох эрээри, куосканы иитэр баҕа санаалаах этим. Убайым атын куоракка үөрэнэ барбытын кэннэ, дьиэбэр ийэбин эрэ кытта хаалан соҕотохсуйабын. Куоскабын Юри эбэтэр Юки диэн ааттыам, өссө быһаара иликпин. Волонтердарга салгыы кыыллары көрө-истэ, харайа сырыттыннар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
Бу күн дьаарбаҥка ыалдьыттара волонтердарга харчынан төһүү күүс буоллулар, минньигэс аһы-үөлү атыылаһан, кыылларга эбии көмө оҥордулар.
Елена Коссаковская, дьаарбаҥка ыалдьыта:
— Биһиги 18 №-дээх оскуола, 5 “б” кылаас аатыттан материальнай көмөнү хомуйбуппут: кэнсиэрбэ, араас ыт, куоска аһылыгын. Оҕолор бу аахсыйаны олус сөбүлээтилэр уонна куруук кыттыыны ылыахпыт дэстибит. Маннык тэрээһиннэр кыыллары хайдах иитэргэ-харайарга эбии үөрэтэн, оҕолор быдан эппиэтинэстээх дьон буолан тахсалларыгар билиини биэрэллэр дии саныыбын.
Сардаана Гоголева, дьаарбаҥка ыалдьыта:
— Биллэн турар, эппиэтинэһэ суох дьон баалларыттан киһи хомойор. Куораппытыгар бу курдук дьаарбаҥка ыытыллара туһалаах, элбэх куоска уонна ыт дьиэтин булара олус үчүгэй. Биһиги бастакыбытын маннык тэрээһиҥҥэ кэлэн турабыт, кыыһым куоскаларга уонна ыттарга кыра ас атыылаһан аҕалла. Оҕобут улаатан, бэйэтэ көрөр-харайар буоллаҕына кыра ыт ылыахпытын баҕарабыт. Волонтердар бу курдук түмсүүлээхтик үлэлээтиннэр уонна түөрт атахтаах кыра доҕотторбутун көмүскүү-харайа сырыттыннар.