13.11.2023 | 12:30 | Просмотров: 595

Дьокуускайга ыччат инклюзивнай форума ыытылынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка «Включайся» икки күннээх ыччат инклюзивнай форума ыытылынна диэн Ыччат министиэристибэтэ   telegram-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

Форум сүрүн сыала – инбэлиит эдэр дьон сайдыыларын уонна  социализацияларын эйгэтин кэҥэтии.

«Инклюзивнай форум эһиэхэ дьоҕургутун араас хайысханан сайыннарар, биир санаалаах дьоҥҥутун кытта бырайыактары оҥорор, былааннаабыккытын олоххо киллэрэр ураты кыаҕы биэриэҕэ диэн эрэнэбин», — диэтэ ыччат дьыаларыгар миниистир бастакы солбуйааччыта Надежда Мохначевская.

Тэрийээччилэр информацияларынан, форумҥа 14 саастарыттан 35-гэр диэри инбэлииттээх уонна доруобуйаларынан хааччахтаах эдэр дьон,  социальнай волонтердар, кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэр исписэлиистэрэ кытыннылар.

Тэрээһин чэрчитинэн кыттааччылар өрөспүүбүлүкэҕэ инклюзивнай бырайыактары сайыннарыы туһунан санааларын үллэһиннилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.