Дьокуускайга «Якутск купеческий» форум буола турар
Саха сирин сайдыытыгар былыргы атыыһыттар тугунан да кэмнэммэт кылааттаахтар. Кинилэр үтүө үгэстэрин бүгүн 20 тыһыынчаттан тахса дьоҕус уонна орто урбаан тэрилтэтэ салҕыыр, оттон бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ киин куорат 150 урбаанньыта кыттыыны ыла сылдьар, диэн бэлиэтээтэ куорат баһылыга Евгений Григорьев «Якутск купеческий» форум-дьаарбаҥка үөрүүлээх аһыллыытыгар.
Бэлиэтээн эттэххэ, «Якутск купеческий» форму-дьаарбаҥка ыам ыйын 26-27 күннэригэр буола турар. Дьокуускай куораттааҕы Урбааҥҥа, потребительскэй ырыынакка уонна туризмы сайыннарыыга департамент салайааччыта Гаврил Харлампьев бэлиэтээбитинэн, «Якутск купеческий» диэн куорат култуурунай олоҕун биир сонун тэрээһинэ Араассыйа урбаанын күнүгэр уонна Эргиэн наркоматын 100 сылыгар ананар.
Форум чэрчитинэн маастар-кылаастар, «Я успешный предприниматель» дьыалабыай оонньуу, «Становление предпринимательства в Якутии» театрализованнай дьүһүйүү, кэнсиэр, Комсомол болуоссатыгар «Дача. Огород. Усадьба» быыстапка-дьаарбаҥка аһыллыыта, куорат бастыҥ эрэстэрээннэрин шеф-повардарын эттэн, балыктан, сир аһыттан бүлүүдэлэрэ, «Ыһыахха хайдах бэлэмнэнэбит?» маастар-кылаас буола тураллар.
Оттон куорат социальнай-экономическай сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах урбаанньыттарга Бочуотунай грамоталары туттардылар.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, киин куорат урбаанньыттара, былыргы атыыһыттартан итэҕэһэ суох, меценатствоҕа уонна спонсорскай көмөҕө көхтөөх кыттыыны ылаллар, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар гуманитарнай көмөнү оҥороллор.