Дьокуускайга воркаут-балаһааккалары туруоруу үлэтэ түмүктэнэн эрэр
Билиҥҥи туругунан 5 спорт воркаут-балаһаакката – Дзержинскэй уул., 45/1, 45/2, Билибин уул., 17/1, Совхознай уул., 27, Кальвица уул., 11/1, Курнатовскай уул., 3/5 туруорулунна. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Хаалбыт 10 аадырыска – Лермонтов уул., 58, Каландаришвили уул., 23/1 – Павлик Морозов уул., 1, 202 дьоҕус оройуон 7 куорпуһугар, Автодорожнай уул., 40/10, Кангалаас дьоҕус оройуонугар 26-с Партсъезд уул., Хатас сэлиэнньэтигэр Дорожнай уул., 8/1, Мархаҕа Олег Кошевой уул., 96, Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр Уваровскай уул., 1, Маҥан сэлиэнньэтигэр Алымов уул., Табаҕа сэлиэнньэтигэр Каландаришвили уул., 1А таҥар-туруорар үлэ балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх. Дьокуускай куорат территориятыгар 15 воркаут-балаһаакканы туруорууга муниципальнай хантыраак суумата 16,5 мөл. солкуобай.
Спорт балаһааккаларын оҥорууга сметалаах докумуоҥҥа сөп түбэһэн аччыгый архитектурнай пуормалары туруоруу киирэр. 10 эбийиэги оҥороһууҥҥа 15 киһи үлэлиир.
Воркаут – уулусса гимнастиката, физическэй култуураҕа (фитнескэ) сыһыаннаах. Манна турниктарга, буруустарга, шведскэй стенкаларга уо.д.а. дьарыктаныахха сөп.