12.10.2022 | 16:00

Дьокуускайга волонтердар хамсааһыннара үлэлиир

Дьокуускайга волонтердар хамсааһыннара үлэлиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат Орджоникидзе уулуссатын 10 №-дээх дьиэтигэр быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттарга анаан «Якутия с тобой” диэн волонтердар хамсааһыннара баһыылкары наардааһыҥҥа үлэлиир.

Бу туһунан алтынньы 11 күнүгэр ыытыллыбыт брифиҥҥэ #МЫВМЕСТЕ ыстаап салайааччыта Айыллаан Винокуров иһитиннэрдэ.

«Биһиэхэ суһал быһа сибээс үлэлиир. Ону сэргэ ыччат уонна дьиэ кэргэн социальнай-психологическай киинэ уйулҕа өттүнэн көмөнү түүннэри-күнүстэри оҥорор. Билиҥҥи кэмҥэ биирдиилээн дьонтон, өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэриттэн быстах хомуурга барбыттарга анаан көмө харыыта суох киирэ турар», - диэтэ кини.

Көмө хомуйар ыстаап түөрт хайысханан үлэлиир, ол иһигэр быстах хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр бородуукта атыылаһар,  дьиэ-уот күннээҕи түбүгэр көмөлөһөр.

Хомуурга ыҥырыллыбыттарга көмөнү күн аайы, өрөбүлэ суох, сарсыарда 10.00-тан 18.00 чааска диэри туталлар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...