11.02.2023 | 16:00

Дьокуускайга Тыл хамыыһыйата үлэлээтэ

Дьокуускайга Тыл хамыыһыйата үлэлээтэ
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Вилюяна Никитина – "Ийэ тыл кэскилэ" уопсастыбаннай хамсааһын салайааччыта:

– Олунньу 2 күнүгэр Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар тылы харыстыыр-сайыннарар политика чэрчитинэн үлэлэһэр анал Хамыыһыйа бастакы мунньаҕа буолан ааста. Бу Хамыыһыйа 2020 сыллаахха оччотооҕу мээр Сардаана Авксентьеваны кытта "Ийэ тыл кэскилэ" түмсүү актыбыыстара көрсүһүүбүтүгэр көҕүлэммитэ. Биһиги киин куорат таһымыгар «Тыл сүбэтин» тэрийиэххэ диэн этии киллэрбиппит. Хамыыһыйа сонно тута тэриллибитэ эрээри, дьаҥ кэмигэр үлэтэ саҕаламмакка турбута. Онон бу бастакы мунньах буолла. Мунньаҕы куорат Олохтоох дьаһалтатын баһылыгын социальнай хайысхаҕа солбуйааччыта Наталья Романовна Степанова иилээн-саҕалаан ыытта. Хамыыһыйа састаабыгар Үөрэх салалтатыттан, Култуура департаменыттан уонна "Кэскил" уһуйаан сэбиэдиссэйэ Сардаана Михайловна Захарова, Саха гимназия дириэктэрэ Валентина Васильевна Софронеева, куорат саха тылын учууталларын методическай холбоһугун салайааччыта Ульяна Васильевна Заболоцкая, уопсастыбаннай түмсүүттэн мин баарбыт. Ону тэҥэ эбэҥки, эбээн, нуучча тылларын исписэлиистэрэ киирбиттэр. Кэпсэтии сүнньэ маннык буолла:

Төрөөбүт тылынан иитэр-үөрэтэр кылаастар, бөлөхтөр элбии туруохтаахтар, ол төрөппүттэртэн эрэ буолбакка, үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларыттан, салалта сыһыаныттан эмиэ тутулуктаах.

Үөрэх управлениетын салайааччыта Мария Петровна Петрова саха тылынан үөрэнэр, саха тылын предмет быһыытынан үөрэтэр хас кылаас баарын, эбээн, эбэҥки тылын үөрэтэр оҕолор ахсааннарын эттэ.

Саха тылын учууталларыгар куорат Дьаһалтата бүддьүөттэн харчы анаан бириэмийэ олохтообута. Ол балаһыанньатын ырытыстыбыт.

2023 сылга Хамыыһыйа үлэтин былаанын кыратык кэпсэттибит уонна икки нэдиэлэ иһигэр этиилэри мунньан Торум оҥоһуллуохтаах. Кыбаарталга биирдэ көрсөн үлэлиэхтээхпит.

Уопсастыбаннас туруорсуута олоххо киирэн, үлэ дьэ саҕаламмыта олус бэрт. Саха тылыгар анаан куорат бүддьүөтүттэн харчы көрүллүбүтэ өссө хайҕаллаах суол. Ханна баҕарар буоларын курдук, барытын киһи быһаарар. Онон дьаһалтаҕа бу туһугар кыһаллан үлэлиир киһи баар буолан хамсаныы саҕаланна дии саныыбыт. Ол баһылык солбуйааччыта Наталья Романовна Степанова буолара саарбаҕа суох. Биллэн турар, барыта баһылык Евгений Григорьев өйөбүлүнэн тахсар. Үөрэх салалтатыгар үлэлии сылдьан оччотооҕу мээр Айсен Николаев оҥорторбут сахалыы кылаастары, бөлөхтөрү элбэтэр куораттааҕы былаана туоларыгар уонна сүрүннээн саха тыла үөрэх эйгэтигэр сайдарын туһугар Наталья Романовна үгүс сыратын биэрэн кэллэ. Билигин уопсастыбанньыктар кыттыылаах Тыл хамыыһыйата үлэлээбитэ эрэллээх суоллары арыйар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...